Былыр биир итии күн баҕа уу кытыытыгар тахсан олорбут. Ол олорон эрэн, аттыгар, арай, күтэр баарын көрбүт. Ону көрөн: “Нохоо, мииниэхпин, кэл эрэ бэттэх! Бүгүн бэрт ичигэс үчүгэй күн буолла. Мин эйигин миинэммин, онно-манна дьаарбайыах санаам киирдэ”, — диэбит. Дьэ, баҕата миинэн баран, баран испит. Ол иһэн:
Бах, бах,
Баҕа буоламмын,
Күтэр эрэйдээҕи
Үрдүк арҕаһыгар үнкүүлээммин,
Үкэр от үҥүүлэнэммин,
Манчаары от батастанаммын,
Баран иһээхтиибин, оҕолоор!
Аллан, Амма мин дойдум,
Суола, Таатта — мин дойдум! — диэн ырыалаах буолан испит.
Онтон баҕа күтэрин: “Чэ эн, ат, ат курдук мөх”, — диэн баран, куус гына быһа биэрбит. Күтэрэ мөхпүт, баҕата: “Бачах, тарас- марас”, — диэбитинэн тиэрэ баран түспүт.
Онтон ыла билиҥҥэ диэри баҕа аттаммат буолбут.
“Сурук-бичик”. С. А. Новгородов редакциятынан тахсыбыт букварь, Петроград, 1923 с., стр. 9—10.