Э.К. Пекарскай төрөөбүтэ 160 сыла
Игидэй оскуолата лингвист, этнограф, фольклорист, ССРС Наукаларын академиятын Бочуоттаах чилиэнэ, географияны чинчийэр нуучча уопсастыбатын этнографияҕа салаатын сэкирэтээрэ, сахалар уонна эбэҥкилэр этнографияларын тустарынан үлэлэр ааптара, сахалыы бастакы тылдьыты оҥорбут үтүөкэннээх киһи Эдуард Карлович Пекарскай аатын сүгэр. Кини төрөөбүтэ 160 сылыгар анаммыт тэрээһин буолан ааста.
Э.К. Пекарскай 1858 с. алтынньы 25 күнүгэр Минскэй губернияҕа дьадайбыт польскай дворяннар дьиэ кэргэннэригэр төрөөбүт. Ийэтэ эрдэ өлөн, эһэтигэр иитиллибит. Харьковтааҕы ветеринарнай институкка үөрэммит. Народническай хамсааһыҥҥа кыттыбытын иһин, Саха сиригэр көскө ыытыллыбыт. Ол туһунан история учуутала А.А. Егоров линейкаҕа кэпсээтэ.
Э.К. Пекарскай Дьокуускайга 1881 с. сэтинньи 2 күнүгэр кэлбит. Улуус кулубата, баай Оруоһуттар төрүөхтэрэ Уйбаан Оруоһун нэһилиэгин дьонун үөрэттэрэр баҕаттан, сыылынайдары олохтуур хамыыһыйаҕа көрдөһүү суруйан, көҥүл ылан, Пекарскайы I Игидэй нэһилиэгэр олохтуу, бэйэтэ куораттан аҕалар. Биһиги нэһилиэкпитигэр Пекарскай 18 сыл сыылкаҕа олорор. 50 саастаах, икки хараҕа суох Оччокуун оҕонньору Пекарскайга сахалыы тылы үөрэтэргэ анаабыт. Оруоһуттар саах күрдээччи хамначчыттара Сурдуй уола Мирон Шестаков (норуокка биллэр Бөҕө Мөрүөҥкэ) балта Ааныска кыыһы (Анна Петровна Шестакова) дьиэ көрөөччүнэн, ынах ыаччынан дьаһайбыт. Кэлин саха дьадаҥы кыыһа Э.К. Пекарскай кэргэнэ буолан, уол уонна кыыс оҕоломмуттар. Пекарскайга сыылкаҕа кэлбитигэр, аһаан-таҥнан олордун диэн, 17 солкуобай суумаҕа ынах атыылаабыттар. Кэлбит күнүттэн сахалар саҥаларын интэриэһиргээн, чугастааҕы тулалыыр дьоннорун көмөтүнэн сахалыы билэр, өйдүүр буолбут. Кэлин кыамматы, атаҕастаммыты өйдүүр, кинилэр сирдэнэллэрин туһугар туруорсар киһи буолбут.
Саха норуотун туһугар сүҥкэннээхэй үлэтин — тылдьыты — оҥоруунан дьарыктаммыт. 1887 с. Пекарскай 7 тыһыынча саха тылын хомуйбут. Онтон 11 сылынан — 20 тыһыынча, 1930 с. — 25 тыһыынча тылы. Үлэтигэр саха тылын билэр олохтоохтор көмөлөспүттэр, ону таһынан аҕабыыт Д.Д. Попов, олоҥхоһут Андросова-Ионова, лингвист С.А. Новгородов уонна аан дойдуга биллэр учуонай академиктар В.В. Радлов, К. Г. Залеман, В. В. Бартольд уонна да аттыттар.
Тылдьыт хайдах оҥоһуллан, бэчээккэ тахсыбытын, өссө кимнээх көмөлөспүттэрин туһунан учууталларбыт Ефимова В.К., Лопатина Г.В., Попова Г.С. сиһилии кэпсээтилэр. Саха тылын учуутала Галина Владимировна Лопатина тылдьытынан оонньууну, онтон педагог-библиотекарь Гизелла Софроновна Попова биктэриинэни ыыттылар.
Бүтүн түүр норуоттарыгар соҕотох академическай тылдьыт оҥоһуллубут эбит диэн өйдөөтүбүт.
Ян Быгынанов, XI кылаас үөрэнээччитэ.
Игидэй, Таатта.