Бүгүн муус устар 24 күнүгэр Горнай улууһун Бэрдьигэстээх нэһилиэгэр Александр Александрович Агеев аатынан спорт оскуолатыгар Бүтүн Арассыыйатааҕы байыаннай патриотическай «Зарница 2.0» оонньуу өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүмэҕин үөрүүлээх арыллыыта буолла.
Тэрээһин үөрүүлээх чааһа Арассыыйа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Горнай улууһун былааҕын көтөхпүт знаменнай бөлөх киирэринэн уонна өрөгөй ырыаларынан саҕаланна. Туйгуна Ивановна Терентьева салайааччылаах «Аламай сулус» үҥкүү ансаамбыла тэтимнээх үҥкүүнэн тэрээһини киэргэттилэр. Ыҥырыылаах ыалдьыттарынан буоллулар:
Эдэр ыччат уонна социальнай коммуникация миниистирин бастакы солбуйааччы Надежда Вячеславовна Мохначевская;
Горнай улууһун баһылыга Никита Викторович Андреев;
«Движение первых» регионнааҕы отделениетын сэбиэтин бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта, «Юнармия» Бүтүн Арассыыйатааҕы байыаннай патриотическай уопсастыбаннай хамсааһын регионнааҕы отделениетын штабын салайааччыта Александр Николаевич Кузьмин;
«За Отечество» Саха Өрөспүүбүлүкэтин байыаннай дьайыылар бэтэрээннэрин ассосиациятын бэрэссэдээтэлэ, «Боотур» добровольческай этэрээт салайааччыта, «За военные заслуги», «За заслуги перед Отечеством II степени», «Мужество и гуманизм II степени» уордьаннар кавалера, Арассыыйа спецнаһын бэтэрээнэ, Арассыыйа норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үдэһитэ — Иван Петрович Черкашин;
Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Саха сиринээҕи национальнай гвардия Федеральнай сулууспатын дьаһалтатын салайааччыта — Сергей Геннадьевич Челищев;
«Боотур» добровольческай үөрэх киинин дириэктэрэ — Николай Николаевич Мартынов
«Якутия с тобой!» уопсастыбаннай хамсааһын бэрэссэдээтэлэ — Анна Николаевна Ефимова;
Надежда Вячеславовна Мохначевская:
«Бу тэрээһиммит быйыл бастакытын саҥардыллыбыт ирдэбиллэринэн Арассыыйа үрдүнэн ыытыллар. Биэс түһүмэхтэн турар: оскуола иһинээҕи, муниципальнай, өрөспүүбүлүкэтээҕи, уокуруктааҕы уонна Бүтүн Арассыыйатааҕы. Бу күрэхтэһиибитигэр 15 улуустан 21 хамаанда кытта сылдьар. Бүгүн бу арыйдыбыт, муус устар 26 күнүгэр диэри ыытыллыаҕа. Былырыын биһиги Ил Дархаммыт Айсен Сергеевич Николаев «Единый план патриотических мероприятий» диэн докумуоҥҥа илии баттаан турар, ол иһигэр бу тэрээһин киирбитэ. Оҕолору сомоҕолуур тэрээһин буолар. Оҕолор бэйэ бэйэлэрин кытта билсэллэр, уопут атастаһаллар. Ону таһынан быйыл такстическай медиссиинэ курдук саҥа көрүҥнэр киирэн тураллар. Кыттааччылар манна көрбүттэрин-билбиттэрин бэйэлэрин улуустарыгар тиийэн тарҕатыахтара диэн эрэллээхпит. Бу күрэххэ хотторбут хамаанда диэн суох буолуоҕа, бары кыайыылаах буолуохтара тоҕо диэтэр тэрээһин сүрдээх үрдүк таһымнаахтык ыытыллыаҕа дии саныыбын. Түгэнинэн туһанан Горнай улууһун салалтатыгар бу Бэрдьигэстээх нэһилиэгэр ыытылларын иһин махталбын тиэрдэбин. Салгыы бу курдук оҕолору, эдэр ыччаты бииргэ көҕүлээн, тэрийэн өссө да үлэлэһиэхпит диэн эрэллээхпин. Кыттааччыларга ситиһиини баҕарабын.»
Никита Викторович Андреев:
«Биһиги улуустан хас даҕаны хамаанда кытта сылдьар. Аһыматтан, Бэрдьигэстээхтэн. Бу күрэхтэһии түмүгүнэн кыайбыт хамаанда Дальневосточнай Федеральнай уокурукка кытта барыахтаах. Биһиги ыччаттарбытыгар ситиһиини баҕарабыт. Эдэр ыччат уонна социальнай коммуникация министиэристибэтигэр, «Юнармия» байыаннай патриотическай хамсааһыҥҥа, «Движение первых» уопсастыбаннай хамсааһыҥҥа бу тэрээһини Бэрдьигэстээххэ тэрийбиттэригэр махтанабыт.»
Александр Николаевич Кузьмин:
«Бу үүнэр көлүөнэҕэ олус наадалаах тэрээһин ыытылла турар. Тоҕо диэтэр бу күрэх быйылгыттан Бүтүн Арассыыйа үрдүнэн ыытылла турар. 6 саастарыттан 18 саастарыгар диэри оҕолор кыттар кыахтаахтар. Манна холобура оскуола оҕолоро эрэ буолбакка устудьуоннарбыт эмиэ кытта сылдьаллар. Манна үс күн түмүгүнэн биһиги орто уонна үрдүкү саастаах бөлөхтөргө кыайыылаахтары быһаарыахпыт, олор сайын Хабаровскай куоракка буолар уокуруктааҕы түһүмэххэ Саха сирин чиэһин көмүскүү барыахтара. «Зарница» саҥа тыыннан эдэр ыччаты иитэргэ олус улахан, төһүү күүс буолуо дии саныыбын.»
Егор Дмитриевич Захаров — Бэрдьигэстээхтээҕи Александр Александрович Агеев аатынан спорт оскуола дириэктэрэ:
«Маннык таһымнаах тэрээһин быйыл Горнай улууһугар бастакытын буолла. Инники «Снежный барс» диэн арыый атын ис хабааннаах тэрээһин буолааччы. Бу биһиги билигин элбэх хайысхалаах спорт комплекска турабыт. Бэрдьигэстээххэ саамай улахан спорт эбийиэгэ буолар, ол иһин манна «Зарница 2.0» тэрээһин регионнааҕы түһүмэҕэ бүгэҥҥэттэн саҕаланна. Хамаандаларга ситиһиини баҕарыа этибит. Уопсайа 21 хамаанда кыыта сылдьар. Биһиги улуустан, чуолаан, Кировскай орто оскуолатын «Сокол» хамаандата урут даҕаны «Снежнай барска» өрөспүүбүлүкэ, арассыыйа да таһымыгар үчүгэйдик кытталларын биһиги бэркэ диэн билэбит, ол иһин кинилэр миэстэлэһэллэрэ буолуо дии саныыбын. Ону таһынан, Бэрдьигэстээх хамаандата эмиэ кытта сылдьар. Бэйэлэрин дойдуларыгар буолар тэрээһиҥҥэ сүрдээх үчүгэйдик кыттыахтара диэн эрэлээхпин.»
Бу тэрээһиҥҥэ Саха сирин улуустарыттан, куораттарыттан уопсайа 21 хамаанда кыттыыны ылар:
«Эрэл» этэрээт — Амма улууһа;
«Долганы Арктики» — Анаабыр улууһа;
«Модун» уонна «Чураат-87» этэрээттэр — Үөһээ Бүлүү улууһа;
«Юные патриоты» — Бүлүү улууһа;
«Арлан», «Мохсоҕол 1», ВСК «Сокол» этэрээттэр — Горнай улууһа;
«Доблесть» уонна «Исток» этэрээттэр — Жатай;
«Факел», «Кадет» этэрээттэр — Мэҥэ Хаҥалас улууһа;
«Дьулус» этэрээт — Нам улууһа;
Нерюнгри оройуонун хамаандата;
«Майаҕатта» этэрээт — Уус Алдан улууһа;
«Бэргэн» этэрээт — Хаҥалас улууһа;
«Беркут» этэрээт — Чурапчы улууһа;
«Монолит» этэрээт — Хатас;
Дьокуускайдааҕы «Дом Юнармии» хамаандата;
Тэрээһин үөрүүлээх чааһын түмүгэр дьүүллүүр сүбэни билиһиннэрдилэр. Кыттааччыларга ситиһиини баҕардылар. Быйылгы «Зарница 2.0» күрэх буолаары турар Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүгэр аналлааҕын бэлиэтээн эттилэр. Тэрээһин сүрүн сыалынан эдэр ыччаты патриот санааҕа, хамаандаҕа үлэлииргэ, доҕордуу буоларга, эт-хаан өттүнэн чэгиэн буоларга иитии-үөрэтии буолар.
Инга АНТОНОВА VIII кылаас, Дарина РУМЯНЦЕВА VIII кылаас
Хаартыскаҕа түһэрдэ: Николина ЕГОРОВА X кылаас
Кировскай орто оскуолатын эдкордара, Горнай