Бу тыл быһаарыытын билэҕит дуо? Хаһан эмит истибиккит дуу? Мин эмиэ билбэт да, истибэтэх да тылым этэ.
Урут таба көлөнөн сылдьар эрдэхтэринэ, олус наадалаах тэрил эбит. Быһаарар буоллахха, табаны уонна таба сыарҕатын холбуурга аналлаах мал. Мастан эбэтэр тайах муоһуттан оҥоһуллар. Билигин биһиги «Буран» көлөҕө, тракторга сыарҕаны холбуурга тимир бадьыыланы туттабыт. Оттон таба көлөҕө бөртөлүгү тутталлара.
Биир бэйэм бу малы көрөн да туран туохха аналлааҕын билбэтим. Бу оҥоһуктары көрө-көрө өбүгэлэрбит өйдөрүн-толкуйдарын, мындырдарын уонна уустарын сөхтүм уонна биһирээтим. Арай миэхэ билигин сэрэмээти, тайах муоһун, маһы биэрэн баран туһанарга аналлаах малы оҥорон таһаар диэтэхтэринэ тугу оҥорорбун билбэппин.
Вова Винокуров, 11 кылаас,
Орто Халыма, Өлөөкө-Күөл б.