Бүлүү улууһун Хаҕын орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ күһүҥҥү сынньалаҥҥа иллэҥ кэмнэрин туохха анаабыттарын сиһилии билсиэхпит.
Биhиги оскуолабытыгар уопсайа 73 үөрэнээччи баар. Бастакы чиэппэри ситиһиилээхтик түмүктээтилэр. Сорох оҕолор ыарырҕатар предметтэригэр, ким эбии билиэн баҕалаахтарга туһалаах эбии дьарыктар буолан аастылар. Үрдүкү сүһүөх оҕолоро үксэ бары хас сылын аайы ыытыллар эксээмэннэргэ эбии дьарыктарга сырыттылар. 11 кылаас оҕолоро талбыт биир кэлим судаарыстыбаннай эксээмэннэргэ бэлэмнэннилэр.
Кʏhʏҥҥʏ сынньалаҥ кэмигэр ааспыт нэдиэлэҕэ нэhилиэккэ оскуола оҕолоро уонна ыччат спортивнай күрэхтэһиилэрэ бэрт тыҥааһыннаахтык буолан ааспыта. Онно 13 оскуола оҕото кыттыбыта. Нэһилиэк олохтоохторо кэлэн олус диэн сэргэхсийбиттэрэ. Уопсай түмүгүнэн икки хамаанда иккиэн кыайыылаах буолан тахсыбыта. Бу мантан оскуола оҕолоро спорт эйгэтигэр көхтѳѳхтѳрѳ, үчүгэйдик дьарыктаналлара кѳстѳр.
Олох-дьаhах, ʏлэ тыа сиригэр, кырдьык даҕаны, этэллэрин курдук, бириэмэ түргэн баҕайытык ааһар, биирдэ өйдөөбүппүт тымныы кыһыммыт тиийэн кэлбит. Ол аата, сахалар кыстыкка бэлэмнэнэр кэмнэрэ ситэр. Хас сыл ахсын сэтинньи ыйга саха ыала кыстык мууһун хаһаанар. Ыал аҕата, уол оҕолоро бары муус ылыытыгар сылдьаллар.
Уол оҕону аҕата үлэҕэ сыһыарыахтаах, үөрэтиэхтээх. Ол курдук, биһиги нэһилиэкпит эр дьоно уолаттарын от-мас ʏлэтигэр, муус ылыыга, хаар кʏрдьʏʏтʏгэр, дьиэ араас тас ʏлэтигэр сыhыараллар. Быйыл дьыл-кэм наһаа хойутаата. Хас сыл аайы кэтээн көрдөххө, дьылбыт дьиктитик сэмээр хойутуур буолан иһэр. Ол, биллэн турар, тулалыыр эйгэҕэ эмиэ дьайыылаах, дьоҥҥо-сэргэҕэ ыарахаттардаах. Муус ылыыта да буоллун, муҥха да буоллун, быйыл наһаа дьону кэтэһиннэрдэ. Ол эрээри, дьон син сыллааҕы хааччынар уутун ситистэ. Оскуола оҕолоруттан чуолаан уол оҕо ити дьыалаҕа олус бэртээхэйдик ылсар. Оскуолабыт ʏлэhиттэрэ биир эмэ күн муус ылыытыгар уол оҕолору көмөлөһүннэрэ ыҥырдахтарына, уолаттарбыт ʏөрэ-көтө барсаллар.
Сорох оҕолор, тѳhѳ да айан билигин уустугун иhин, бу ааспыт күһүҥҥү сынньалаҥнарыгар Бʏлʏʏ куоратыгар бара сылдьыбыттара, аралдьыйан, саҥаны билэ-көрөн кэллэхтэрэ. Куорат уонна нэһилиэк олоҕо диэн тус-туhунан ураты эйгэлэр. Онон тыа сириттэн кылгастык да баран кэллэххинэ, сэргэхсийбит курдук буолаҕын, туох эрэ атыны, уратыны көрөҕʏн.
Биhиги нэhилиэкпит улуус кииниттэн ыраах, Бʏлʏʏ эбэ уҥуор сытар ыраах нэhилиэк. Кʏhʏн сырыы, айан тохтуур, биирдэ эмэ улахан наадаҕа киирэн тахсаллар. Онон суол турарын бары кэтэhэбит. Нэhилиэкпитигэр интэриниэт ситимэ диэн «Ростелеком» ѳҥѳтʏн эрэ туhанабыт. Аныгы олох сиэринэн оҕолор тѳлѳпʏѳҥҥэ, интэриниэккэ олорон хаалыылара биhиги ыраах тʏгэх нэhилиэкпитигэр эмиэ баар суол. Хас биирдии киһи күнүн-дьылын барытын туһалаахха атаарыахтаах. Оччоҕуна эрэ, буолан ааспыт кэми хаһан да умнуллубаттыы өйдүү-саныы сылдьаҕын. Тыа оҕолоро сынньалаҥ кэмнэригэр тугунан дьарыктаммыттарын кэпсэтэн билистэххэ, оҕолор ʏксʏлэрэ үчүгэйгэ, туһалаахха бириэмэлэрин анаабыттар диэн санаатым.
Yөрэх дьылын иккис чиэппэрин бары ситиһиилээхтик саҕалыах диэн баҕа санаабын этэбин!
Ньургуйаана Дмитриева, Хаҕын орто оскуолатын 11 кылааhын ʏѳрэнээччитэ, сэтинньи 9 күнэ