Сэтинньи 14 күнэ — саха литературатын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ Анемподист Иванович
Софронов — Алампа төрөөбүт күнэ.
Бу күн гимназия 8-10 кылааһын үөрэнээччилэрин хамаандалара «Алампа аартыктарын арыйан» интеллектуальнай оонньууга суруйааччы, сырдатааччы, саха тыйаатырын төрүттээччи олоҕун уонна айар үлэтин билиигэ күөн күрэстилэр.
Алампа олоҕун, айымньыларын, тыйаатыр туһунан ыйытыыларга хоруйдаан 3-с миэстэҕэ
«Мохсоҕоллор» (8 «б» кылаас) хамаанда таҕыста, 2-с миэстэҕэ «Чороон» хамаанда (9 кылаас)
тигистэ. Муҥутуур кыайыылааҕынан 10 «а» кылаас «Алампаастар» хамаандата буолла. Оонньуу
түмүгэр А.И. Софронов-Алампа олоҕун, айымньыларын өссө да элбэҕи ааҕыахха, чинчийиэххэ
наада диэн санааҕа кэллилэр.
Бүлүүтээҕи И.Л. Кондаков аатынан гимназия пресс киинэ