Олоххо төһө да политическай киирсиилэр, дьаҥ-дьаьах кэлэ турдар, үтүөҕэ кэрэҕэ эрэл хаһан да уостубат, олох аата олох.
Биһиги нэһилиэкпитигэр, Бүлүү улууһун Хампатыгар, республикаҕа бастакынан тэриллибит тыйаатыр оскуолата баар. Бу образцовай тыйаатыр кэлэктиибин СР култууратын туйгуна, СР үтүөлээх үлэһитэ, айылҕаттан айдарыылаах талааннаах, дьоҕурдаах, дьиҥнээх педагог, оҕо кутун сатабыллаахтык тутар, артыыс дууһалаах, ирдэбиллээх уонна аҕалыы амарах дууһалаах Николай Иванович Ксенофонтов салайар.
Николай Иванович отутча сыл үлэлээн айар, салайар-үөрэтэр үлэтэ элбэхтик, үрдүктүк сыаналаммыта. Бу кэнники сылларга, холобур, 2022 сыллаахха, «Роза Ветров» үбүлүөйдээҕи V норуоттар икки ардынааҕы «Академия искусств» фестиваль-куонкуруска «Лучший педагог Российской Федерации» анал ааты ылбыта.
Быйыл олунньу ыйга Арассыыйа норуотун сулустаах чааһа өссө тосхойбута. Николай Иванович бүтүн Россиятааҕы «Признание-2023» диэн бириэмийэ «За вклод в развитие любительского театра России» диэн анал ааты «Союз театральных деятелей России» анаабыта.
Маннык ордук сыанабыл биллэн турар, оччону-баччаны көрөн-истэн кэлбит олус кытаанах, кыраҕы харахтаах, чуор кулгаахтаах дьүүллүүр сүбэлэр эҥин араас күүстээх-кыахтаах, бэйэлэригэр эрэбиллээх кэлэктииптэрин чорботон-ордорон, чахчы сөҕүүлэриттэн-махтайыыларыттан бэрилиннэҕэ.
Быйыл норуоттар икки ардыларынааҕы Театр күнүн көрсө мэлдьитин буоларын курдук, биһиги оҕолорбут ситиһиилэрэ, чыпчаал кыайыылара-хотуулара хайдахтаах курдук үөрүүнэн, киэн туттуунан буолта буолуой!
Дьэ, бу маннык кэрэ айыллан тахсар эйгэтин, талааннаах кыракый артыыстары көрөөрү-истээри театральнай оскуола дьоҕус диэтигэр киирэ сырыттым. Манна тута барыта эриэккэс курдук көһүннэ: хаартыскалар, стендэлэр, кубоктар-наҕараадалар, баннердар, ону кытта музыка, ырыа-тойук үҥкүү баһаам. Бэл, оҕолор бу түгэҥҥэ ураты курдук буолан көһүннүлэр. Ол курдук, уолаттар киирэ-киирэ директордарын Николай Ивановыһы кытта илии тутуһан дорооболоһоллорун наһаа сонургуу, хайгыы көрдүм. Ити аата режиссердарын Николай Ивановыһы кытта оонньуур оруолларыгар киирэргэ ситим, чугасаһыы, итэҕэйсии, эрэл, аһыллыы уонна турукка киирии саҕаланнаҕа!
Бу оскуола 40 сыллааҕыта музыкальнай оскуола этэ, онон соччоттон элбэх оҕоҕо кэрэ иэйиини, сырдыгы дууһаларыгар-сүрэхтэригэр иҥэрдэҕэ. Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет театрыгар үлэлии сылдьар көмүс күөмэйдээх күөрэгэйдэрбит Матрена Семенова, Мария Михайлова, Былатыан Ойуунускай аатынан Саха академическай театрыгар ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар Жанна Ксенофонтова уонна Ньурбатааҕы көһө сылдьар драматическай театрга эмиэ бэркэ үлэлии сылдьар Ньургун Михайлов уо.д.а ааттарынан Бүлүү улууһун олохтоохторо кэмэ суох киэн туттабыт.
2010 сылтан биһиги театральнай оскуолабыт республикаҕа суос-соҕотох театральнай оскуола статуһун ылан, ону чахчы туоһулаата. Манна 106 оскуола оҕото дьарыктанар. Кинилэр хас сырыы ахсын, ыраах чугас айар киирсиилэргэ, куонкурустарга бардахтарына, кыайан-хотон, өрөгөйдөөн гран-при, лауреат, анал аат ылан кэлэлллэр.
Николай Иванович сэмэй киһи буолан бэйэтэ айар-суруйар спектакылларын кэпсэммэккэ, үөрэнээччилэрин эрэ өрө тутар киһи. Сахатын дьонун, урукку-хойукку, түҥ былыргы да олоҕун-дьаһаҕын сөптөөхтүк көрдөрөн, бутун аан дойдуга тиийэ аатыртаҕа.
Салгыы Николай Иванович кэпсииригэр көрдөстүм:
— Хамсык кэнниттэн, сайын Сочи куоракка ыытыллыбыт, «Роза ветров» норуоттар икки ардыларынааҕы күрэххэ 17 оҕо кыттан, «Дьол тааһа» диэн авторскай спектаклы толорон гран-при үрдүк аатыгар тиксибитэ. Онно Нарияна Винокурова «За лучшую роль» анал ааты ылбыта. Уонна биһиги «За лучшую режиссерскую работу», «За сохранение национальных традиций» анал ааттар хаһаайыттарынан буолбуппут. Манна кыра бөлөхтөр бастакы кыттааһыннара этэ. Биир нэдиэлэ кэриҥэ буолбуппут. Оҕолор туох да олус астына күүлэйдээбиттэрэ. Ол курдук, аатырар Роза Хуторга сылдьыбыттара, куораты кэрийэн кэрэ-бэлиэ сирдэри кэрэхсээн-сонурҕаан көрбүттэрэ, муораҕа сөтүөлээһин эмиэ үтүө өйдөбүл этэ. Итиннэ Иван Николевич, Аркадий Захарович буолан барбыппыт. Культура эйгэтигэр сыһыаннаах, эдэр, кэскиллээх көмөлөһөөччүбүт Иван Николаевич туох баар сырыыларбытын, спектаклга оонньооһуну, айаны барытын устан архыыпка, докумуоҥҥа, историяҕа хаалларардыы үйэтитэн иһэр.
Күһүн Москваҕа «Роза Ветров» Бүтүн Аан дойдутааҕы театральнай фестивалга финалга киирэн улахан бөлөхпүт оҕолоро барбыттара. Онно 13 оҕо кыттан 17 кэлэктииптэн 1 степеннээх лауреат буолбуппут.
Улахан оҕолор улахаттар курдук араас дойдуларга сылдьа үөрүйэх буоланнар, ханна да толлон турбаттар, дьону кытта эҥин көҥүл быһаарсан сылдьаллар. Кинилэр араас экскурсияларга, Кыһыл Болуоссакка, түүҥҥү Москваҕа, «Остров мечты» диэн куорат иһигэр куорат аттракционун уо.д.а. көрөн сөхпүттэрэ-махтайбыттара. Онон гастрол, сырыы-айан кинилэргэ куруук бары өттүнэн туһалаах буолар.
Былырыыҥҥыттан интернакка олорор Дьөккөн, Бороҕон, Кыргыдай, Кэбээйи оҕолоро биһиги оскуолабытын кэрэхсээн дьарыктаналлар. Бастакы кылаас оҕотуттан саҕалаан ким ырыаҕа, ким фольклорга, ким үҥкүүгэ, ким уруһуйга уонна оскуолабыт сүрүн хайысхатыгар спектакльга аа-дьуо киирэн хаалаллар.
Аны уус-уран киинэ устуутугар ылсыһан эрэбит. Чуолаан сэрии тиэмэтигэр. Иккис сылын бэйэбит кыахпытынан, күүспүтүнэн «Умуллубат сулустар» диэн киинэ бастакы чааһын устан бүтэрдибит. Киинэ иккис чааһыгар былаан быһыытынан олохтоох аҕам саастаах дьоммутун кытыннарыахпыт. Киинэни устуунан үһүс сылын Иван Николаевич Ксенофонтов дьарыктанар. Иван Николаевич профессиональнай аппаратураны булан-талан билиҥҥи кэмҥэ эппиэттиир гына таҥан, сөптөөх музыканы талан, киллэрэн барытын бэрийэр.
Ханнык баҕарар спектакль сценическай хамсаныыттан, пластикаттан-үҥкүүттэн турар, ону Анна Егоровна Татаринова табан оҥорор. Сөптөөх задник, декорация-бутафория өттүгэр худуоһунньук Аркадий Захарович Алексеев дьарыктанар. Грими, көстүүмнэри худуоһунньук Матрена Васильевна Федорова толкуйдаан оҥортуур, ону Екатерина Афанасьевна Павлова, Евдокия Семеновна Константинова уонна Прасковья Вячеславовна Боронова буолан ситэрэн-хоторон тигэллэр. Музыка, тыас-уус спектакльга улахан оруоллаах, дьэ, ону Александра Степановна Евсеева кыайа-хото тутар. Суолу-ииһи быһаарар, кэпсэтиини-ипсэтиини ыытар күүс-көмө буолар киһибинэн завуһум Туйара Терентьевна Евсеева мин эрэллээх киһим. Онон оскуолам коллективыгар махталым улахан, бары сүбэнэн-аманан биир тыынынан үлэлиибит.
Биллэн турар, бачча сырыы айан спектакльга да, киинэ да устуутугар элбэх үп-харчы ороскуоттанар, ону барытын бэйэбит оскуолабыт бюджетыгар булунан, спектакылларбытын көрдөрөн, концертаан, гастроллаан көрдөрбүт үппүтүнэн, уонна да атын бэйэбит кыахпытынан оҥосто сатыыбыт. Ону кытта биллэн туран көмөнү-өйөбүлү улууспут баһылыга Сергей Николаевич Винокуров, култуура управлениятын начальнига Алена Александровна Дашевская оҥороллор. Улахан махталбыт төрөппүттэрбитигэр, биһиэхэ утары кэлэннэр, оҕолорун көҥүллээн, эрэнэн-итэҕэйэн, ыраах сирдэринэн ыыталларыгар, өйүүллэригэр-өйдүүллэригэр.
Кэнники сылларга биһиги оскуолабытыгар үөрэнэн баран, салгыы култуура коллеһыгар туйгуннук үөрэнэн кыһыл дипломунан Ангелина Константинова бүтэрбитэ. Быйыл Сандал Прокопьев бүтэрээри сылдьар. Уонна да үөрэнэ сылдьааччылар да, үөрэнэн бутэрбиттэр да элбэхтэр.
Биһиги инники былааммыт элбэх. Бу үлэлии олорор дьиэбит көһөрүллэн, кэлин тутуллубут дьиэ. Оҕолор үүнэллэригэр-сайдалларыгар, көҥүл хамсаналларыгар-тыыналларыгар, эрчиллэллэригэр биллэн турар киэҥ-куоҥ, сырдык дьиэ наада буоллаҕа. Аны биһиги барарбыт-кэлэрбит, сылдьарбыт үгүс. Бэйэбит көлөлөөхпүт буоллар, айаҥҥа да барарга, гастролларга да сылдьарга кыах баар буолуо этэ.
— Махтал, Николай Иванович, быыһы кыратык сэгэтэн кэпсээбиккэр. Төрөппүттэр да, оҕолор да, олохтоохтор да барыбыт үтүө ырабыт туолара буоллар, ама биһиги оҕолорбут оччо үөрүүнү, кыайыыны, аатырыыны, киэн туттууну, дойдуларыгар-дьонноругар аҕалбатахтара буолуо дуо, аҕалыахтара да турдаҕа!
Раиса Евсеева-Дьүөгэ, Россия суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ,
Бүлүү, Хампа.