Таптаа, алҕаа, байыт ытык сиргин! Ол эбэтэр, кылгастык, «Табыс» диэн ааттаах Саха АССР 100 сылыгар, СӨ Ийэ сылыгар аналлаах өрөспүүбүлэкэтээҕи ыччат култуураҕа уонна үөрэххэ бэстибээлэ саҕаланна.
Тэрээһин «Хомустаах» диэн култуурнай-этнографическай кииҥҥэ буолуоҕа.
Дьокуускайтан, Саха сирин араас улуустарыттан 18 — 35 саастарыгар диэри ыччат кыттыыны ылыаҕа.
Биир сүрүн тэрээһинэн «2022 сыл Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастыҥ дьиэ кэргэнэ» куонкурус уонна «Бастыҥ судаарыстыбаннай ыччат политикатын үлэһитэ» куонкурустар буолаллар.
СӨ эдэр ыччат уонна дьиэ кэргэн политикатын миниистирэ Петр Шамаев болҕомтотун «Көмүс сүүтүк» диэн Ийэ сылыгар анаммыт эдэр дизайнердар куонкурустарыгар уурар.
Тэрээһин биир чаҕылхай өрүтүнэн буолар-улуус, куорат ыччаттарын визитнэй номердара. Хайаларын киэнэ саамай табыллыбытын бүгүн билиэхпит!
Ону таһынан, олус интэриэһинэй буолара күүтүллэр — байыаннай эстафета. Хамаанадаҕа 6-лыы киһи.
Бэстибээл бырагырааммата киэҥ, баай. Биһиги сонуннарбытын ааҕаарыҥ.
Эльдар Садовников