Лөгөйдөөҕү бэлиэтээһиннэр
Суолтата ордук дьэҥкэрэн, кэрэтийэн иһэр
Баары сирэр, ыһар, ситэ сыаналаабат дөбөҥ. Киһи барахсан арааһа, айылгыта оннук: кэмигэр күндүргэппэт, өйдөөн көрбөт. Эбэтэр, ыһар, урусхаллыыр, түҥнэрэр хайысханы тутуһара киниэхэ ордук курдук. Холобур, култуура эйгэтигэр, чуолаан, тыйаатырга ити атын ньыманан көстөр: наар мөкү, олох хараҥа, омсолоох өрүтүн көрдөрүү хайдах эрэ, чэпчэкитик, сонуннук тахсар курдук. Уопсайынан үтүөнү айыы, тутуу, үтүө, киһилии сиэри-майгыны тутуһуу — дьиҥэ, үйэлээх, ону ааһан, уустук эмиэ буолар быһыылаах?
Билигин Сэбиэскэй кэм үөрэҕэ быдан хаачыстыбалаах этэ дииллэр. Урукку кэм киинэтэ, кинигэтэ, суруйааччыта кэм-кэрдии аастаҕын ахсын, суолтата ордук дьэҥкэрэн, кэрэтийэн иһэр. Биһиги оҕо сааспытыгар октябренок буолан, салгыы пионердаан испиппит баара. Ол эрээри, пионер буолан соччо уһаабатахпыт. Биир күн барыта биирдэ “күр” гыммыта.
Пионер буолуу наадатын туһунан ыйытыы турбутун өйдүүбүн, онно үгүс оҕо “кыһыл хаалтыс туохха аны наада буолуой”, “ураа, аны хаалтыс бааммаппыт”, диэн омуннаахтык этиммитэ. Ол түгэҥҥэ оҕолуу сүрэхпинэн сөрү диэн сөхпүппүн уонна хайдах эрэ… испэр аймаммыппын, соһуйбуппун өйдүүбүн: дьон сааһыттан тутулуга суох түргэнник да, олоҕурбут санаатыттан, укулаатыттан кэбэҕэстик аккаастанар, халыҥ халҕаһа үөрү дөбөҥнүк батыһар, сонумсах майгылаах буолар эбит диэн. Үөрэммит оскуолам — Зоя Космодемьянская аатын сүгэр дружиналааҕа. Онно Марианна Иннокентьевна Стрекаловская — уһун кэм устата пионер баһаатайынан айымньылаахтык үлэлээбитэ. “Тыҥ хатыыта” диэн эдкорпоһу бэйэтин кэмигэр айымньылаахтык салайбыт эбит. Иитиллээччилэрэ “Бэлэм буол” редакциятыгар киирэн, урукку хаһыаттары хасыһан, чинчийэн үлэлээбиттэр. Марианна Иннокентьевна сүрүннүүр Пионерскай хоһо уурбут-туппут курдук буолааччы. Пионериябыт суох буолбут маҥнайгы сылларыгар да, ол хос үлэлии, мала-сала ханна да урусхалламмакка, көһөрүллүбэккэ, чөкө турбута диэн өйдүүбүн.
“Ханнык да партия, олох кэллин — киһилии сиэри умнубакка…”
Биирдэ ол хоско куораттан “Кэскил” хаһыат кэрэспэдьиэнэ Анатолий Николаевич Павлов-Дабыл кэлбитигэр, политологияны сэҥээрэр оҕолордуун (Оля Ксенофонтова, Саша Федоров буолан) политика, олох-дьаһах, былаас уларыйыытын, партиялар тустарынан сэһэргэспиппитин өйдүүбүн. Кэрэспэдьиэн Анатолий Павлов миигиттэн токоолоһор уочарата кэлбитигэр, долгуйа санаабытым эрээри, хайдах баарынан, саныырбынан маннык хоруйдаабыппын өйдүүбүн:
“Мин ыйытыыгын ыарырҕаттым. Ол эрээри, киһи айылҕа айыытынан, бэйэтин дьарыгынан, интэриэһинэн, сүрэҕэ тугу этэринэн сылдьара ордук. Холобур, мин суруйарбын олус сөбүлүүбүн. Оттон ким эрэ иистэнэр, уһанар, ыллыыр, суоттуур… Онон ханнык да партия, олох кэллин — киһи киһилии сиэрин умнубакка, үтүө үгэстэрин өрө тутан олороро ордук. Оччоҕо баҕар, араас да партиялар өйдөһүөхтэрин сөп ээ”,
— диэбитим. Ону Анатолий Николаевич “Кэскилгэ” таһаарбытыгар олус үөрбүтүм. Пионерия суох буолбута эрээри, биһиги, оҕолор, санаабытын сааһылаан этэр, суруйар хаһыаттаахпыт үчүгэй этэ. “Бэлэм буолбут” “Кэскил”, оттон “Будь готов” “Юность Севера” диэн ааттаммыттара. Тиһигин быспакка бэйэм эмиэ суруйарым, куонкурустарга кыттарым. Пионерия суох буолаатын, оскуолабытыгар пластмасс матырыйаалтан значок оҥоһуллубутун өйдүүбүн. Онно “Лөгөй орто оскуолата”, диэн, итиэннэ “Төрөөбүт дойдуга таптал”, диэн суруктааҕа. Редакцияҕа киирэ сырыттахпына, Александр Васильев-Көрдүгэн Лөгөйдөр значок оҥотторбуттарын истибит этэ, ыйыталаһарын өйдүүбүн. Ол гынан баран, пластмасс значоктары буолбакка, кини дьиҥнээх, тимиртэн оҥоһуллубуттары мунньарын кэлин билбитим.
Өрөспүүбүлүкэ бары оскуолаларын ыҥырар
Пионерияны атын общественнай тэрилтэ аны солбуйар диэн буолбута. Биһиги педагог-тэрийээччи Татьяна Михайловна Петухова тула түмсэр буолбуппут. Кини “Араас саастаах оҕолор этэрээттэрэ” диэни тэрийэн, кыралыын-улаханныын мустаммыт, атын этэрээттэри кытары араас тэрээһиҥҥэ күрэстэһэр буолбуппут. Оскуолаҕа аныгылыы үгүс сонун тэрээһин көхтөөхтүк кини көҕүлээһининэн ааһара. Биһигини кытары Татьяна Михайловна тэбис-тэҥҥэ сылдьара. Ыам ыйын 19 күнүгэр Кутаа тула мустар үгэспит ончу да симэлийбэтэҕэ. Сити күн оскуола оҕото бары алааска похуоттуу барарбыт.
2017 с. Оҕо бэчээтин кыһатын үлэһиттэрин биир командировкабытыгар Лөгөй орто оскуолата 70 сылын көрсө Татьяна Михайловна 70 хаһыаты суруйтаран көрсүбүттээх, үөрдүбүттээх. “Тапталлаах Лөгөйүм оскуолатын 70 сылыгар—70 “Кэскили” сурутабын”, диэн үтүөкэн аахсыйаны ситиһиилээхтик тэрийбитэ. Кини ити курдук, эттэ да, онтун толорор, онуоха дьулуһар, бэйэтэ эмиэ ол идеянан сатаан олорор, “умайар”. “Ээ, ол билигин ким да ааҕыан баҕарбат. Дьэ ыарахан, уустук, табыллыбат”, эҥин диэбэт.
Быйылгы тэрээһиммит эмиэ кини төлөннөөх санаатынан, эрчимнээх дьаһалынан салалынна. Онон Лөгөй орто оскуолатын “Кэскил” оҕо общественнай түмсүүтүн тэрийээччи-педагога, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, РФ уопсай үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ Татьяна Михайловна Петухова Саха АССР 100, Пионерия 100 сылларын, Тыа сирин VIII спортивнай оонньууларын көрсө “100 “Кэскили” сурутуу”, “Кэскил” хаһыакка сурутууну “Кэскил” оҕо түмсүүтэ түстүүр”, “Лөгөй орто оскуолатын 75 сылыгар 75 “Кэскили” диэн аахсыйалары көҕүлээтэ. Өрөспүүбүлүкэ бары үбүлүөйдээх оскуолаларын бу үтүө бачыымы өйүүргэ, маныаха кыттыһарга ыҥырар:
— Биэс сыллааҕыта оҕо хаһыатын сурутууга саҕалаабыт үгэспитин быйыл эмиэ сөргүтэргэ быһаарынныбыт. Онон өрөспүүбүлүкэ атын үбүлүөйдээх оскуолалара биһиги курдук, үбүлүөйдээх саастарын ахсаанынан “Кэскили” суруйтараллара буоллар диэн барыларын ыҥырабыт. Оҕо түмсүүтэ оскуолабытыгар уруккуттан күүскэ үлэлиир. Оскуолабыт 1947 сыллаахтан тэриллиэҕиттэн, пионердар этэрээттэрэ баара. Сити кэмтэн 30-тан тахса баһаатай үлэлээтэҕэ. Тус бэйэм 20-тэн тахса сыл дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччынан үлэлээн баран, билигин тэрийээччи-педагогунан үлэбин салгыыбын. Оҕо түмсүүтүн тутула уларыйдар даҕаны, оҕолор оскуола устуоруйатын биллиннэр диэн, пионерияттан утумнаах буоларбыт быһыытынан, кэмиттэн кэмигэр пионерия атрибуттарын туһанабыт, бэтэрээн-пионердары ыалдьыттатабыт, кырдьаҕастарга тимурдуу көмөнү оҥоробут.
Дьиҥнээх пионердар тугу кэпсииллэр?
“Пионерияҕа — салют” диэн улахан тэрээһиҥҥэ Өнөр оскуолатыттан, “Өркөн” оҕону эбии үөрэхтээһин Кииниттэн, Мүрү 1 №-дээх орто оскуолатыттан, Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан “Кэскил” оҕо бэчээтин кыһатыттан Т.И. Жиркова, Петр Матвеев уонна бу строкалар ааптардара, итиэннэ олохтоох үлэ бэтэрээннэрэ, дьиҥнээх пионердар ыалдьыттаатылар. Сити күн маҥнайгы кылаас үөрэнээччилэрэ РДШ ситимигэр киирдилэр. Үөрүүлээх тэрээһини дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы М.Н. Хабарова иилээтэ-саҕалаата.
— Билиҥҥи тэрээһини көрө олорон, оҕо сааспын санаан кэллим. II кылааска үөрэнэ сылдьан, октябренок, оттон IV кылааска пионер буолбутум. Оччолорго биһиги тэрээһиммит сахалыы ыытыллара. Билигин оҕолор нууччалыы холкутук саҥараллар, ыллыыллар-туойаллар. Сэргэхтэр, чобуолар. Биһиги буоллар, бэрт сэмэй буолааччыбыт. Урут саас аайы, ыам ыйын 19 — Пионерия күнүгэр Пионерскай кутаа диэн тэрээһиҥҥэ өйүөлээх, сатыы барарбыт, сүүрэн-көтөн, күрсэтэһэн сылдьарбыт үчүгэй да буолара, — диир Лөгөй нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо М.П. Александрова.
А.И. Перевалова, Лөгөй нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, пионербаһаатай:
— Биһиги, оччотооҕу оҕолор сорукпут — Ийэ дойдубутугар туһалааҕы оҥорбут киһи диэн этэ. Үөрэҕин ситиспэтэх оҕо туһугар бары бүттүүн кыһанарбыт. Оттон ким эмэ буруйу оҥорбут буоллаҕына, кини көннөрүнэригэр баҕарарбыт, киниэхэ ис сүрэхпититтэн кыһанарбыт. Көмүскэс буолааччыбыт. Дружина сбордара, Кутаа уматыыта тэрээһиннээхтик да ыытыллаллара. Бастыҥ этэрээттэр атын оскуолаларга баран кэлэр, уопут атастаһар чиэскэ тиксэллэрэ. Билигин үгүс саҥаҕа сиэннэрбититтэн үөрэнэбит. Олох сайдан иһэр, биһиги соччо-бачча РДШ-ны өйдөөбөтөрбүт да, РДШ кыралары кырдьаҕас дьоҥҥо көмөлөһөр санааны иитиэхтииригэр саарбахтаабаппын.
Махтанабыт
Сурутааччылар ортолоругар үөрүүлээх лотерея ыытыллан, араас бириистэр оонньонон, сурутааччылар астыннылар. Сүрүн бирииис —“Сосновый бор” кииҥҥэ сынньанар, дьарыктанар 2 путевканы Өнөр орто оскуолата, итиэннэ Мүрүттэн “Өркөн” оҕону эбии үөрэхтээһин Киинин иитиллээччитэ, III кылаас үөрэнээччитэ Эдуард Копырин сүүйэн, үөрүү өрөгөйүн биллилэр. Путевканы олохтообут Лөгөй орто оскуолатын выпускнига, П.А. Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырын дириэктэрин солбуйааччы, СӨ оҕо общественнай түмсүүлэрин Сойууһун бэрэссэдээтэлэ Геннадий Иванович Охлопковка, ыраах айаммытыгар массыына анаан, улахан тэрээһини ыытарбытыгар көмөлөспүт “Лөгөй нэһилиэгэ” МТ баһылыга Марк Васильевич Местниковка итиэннэ “Пионерияҕа, салют” тэрээһини көҕүлээбит, биһиэхэ сурутууга мэлдьи көмөлөһөр үтүөкэн тэрийээччи-педагог Татьяна Михайловна Петуховаҕа ис сүрэхпититтэн айар бөлөх аатыттан махтанабыт.
Жанна ЛЕОНТЬЕВА,
Лөгөй, Уус Алдан.
Ааптар уонна Петр МАТВЕЕВ түһэриилэрэ.
Сиһилии тэрээһин туһунан видеоҕа көрүҥ: https://vk.com/video-199463452_456239267