Саха АССР 100 сылын көрсө М.Е. Васильева аатынан 2-с Малдьаҕар орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччилэрэ кылааспыт салайааччытын Лидия Яковлевнаны кытта араас тэрээһиннэри ыыттыбыт.
Ол курдук тыыл бэтэрээнигэр Харитонова Елизавета Константиновнаҕа биһиги кылаас оҕолоро бородуукта наборун бэлэх ууммуппут.
Култуура бэтэрээнигэр Заровняева Софья Дмитриевнаҕа дьиэтин таһыттан хаар ыраастыырга көмөлөспүппүт.
“Яркий Максим” уонна “Великие сыны якутского народа” кылаас чаастара буолбуттара, онно элбэҕи билбиппит.
Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылынан оскуола оҕолоро 100 км хайыһарынан барбыппыт.
Норуот маастара, Улахан Аан олохтооҕо Павлова Светлана Петровна 100 илиинэн оҥоһугун быыстапкатыгар ыалдьыттаабыппыт.
“Традиции моей семьи” диэн ааттаах кылааспыт хаартыскатын альбома бэчээттэммитэ. “Таптыыр сирим Улахан Аан” литературнай-музыкальнай композицияҕа кылаас оҕото барыта хоһоон үөрэтэн, сахалыы таҥнан видеоҕа уһуллубуппут.
Биһиги кылаас Федор Попов аатынан пионерскай этэрээт буолабыт. Нэһилиэкпит бырааһынньыгар парадтаан киирэн баран, пионердар эҕэрдэ нүөмэрбитин көрдөрбүппүт.
Истиэнэҕэ ыйанар хаһыат, видеонан эҕэрдэ уһулан, сэттистэр үбүлүөйү элбэх тэрээһиннээх көрүстүбүт.
Стас ГРОМОВ, 7 кылаас үөрэнээччитэ.