Бу сайын Бүлүү улууһун Хампа орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ дистанционнай лааҕырдарга дьарыктаннылар. Бу туһунан оҕолор суруйууларын ааҕыҥ.
ТҮӨРТ МЭТЭЭЛЛЭННИМ!
Мин — Бүлүү улууһун Степан Филиппович Гоголев аатынан Хампа орто оскуолатын VII кылааһын үөрэнээччитэбин. Быйылгы үөрэх дьылын дистанционнай ньыманан түмүктээтибит, оскуолабыт иһинэн үлэлиир “Дьоҕур” лааҕыр эмиэ оннук ааста.
Лааҕырбыт үлэтэ Улуу Кыайыы 75 сылыгар уонна Сэбиэскэй Сойуус дьоруойун Николай Алексеевич Кондаков 100 сааһыгар анаммыта. Бу күннэр усталарыгар билиибин-көрүүбүн хаҥаттым, лааҕырга ыытыллар араас күрэхтэһиилэргэ, куонкурустарга ситиһиилээхтик кытынным. Бастыҥ көрдөрүүлээх этэрээт хамандыырдарын истэригэр киирбитим. Дьоруой Кондаковка анаммыт “Буойун учуутал” Лидия Афанасьевна Унарова айбыт хоһоонун 3 тылынан ааҕан күрэстэһии буолла (сахалыы, нууччалыы, ангылычаанныы). Манна мин төрөөбүт тылбынан ааҕан, маҥнайгы миэстэни ыллым. Сылын аайы ыытыллар “Малые спортивные игры «Дьоҕур-2020” күрэххэ, сүрдээх сытыы, тыҥааһыннаах киирсии түмүгүнэн иккистээтим. Олус үөрбүтүм, ол эрээри испэр кыратык долгуйбутум. Бэйэм спорду сэҥээрэбин, боксанан дьарыктанабын, бу көрүҥҥэ үгүс ситиһиилээхпин.
“Дьоҕур” лааҕыр 26 сылын үлэлээтэ. Лааҕырбыт математическай хайысхалаах. Быйыл Кыайыы 75 сылыгар анаммыт буолан, «байыаннай» суоттары суоттаан хамаанданан киирсистибит. Мин этэрээтим II миэстэ буолла уонна сылын аайы ыытыллар “Дьоҕур” олимпиадатыгар кыттан, I миэстэни ыллым. Дьэ, ити курдук 10 күннээх лааҕыр түмүгүнэн, моонньубар 4 мэтээли кэтэн, сайыҥҥы сынньалаҥмын туһалаахтык атааран эрэбин.
Лааҕырым иитээччитигэр Лидия Афанасьевна Унароваҕа, баһаатайбар Юлиана Николаевна Евелеваҕа уонна лааҕыр салайааччытыгар Мария Андреевна Николаеваҕа махталбын тириэрдэбин. Оҕолорго баҕарыам этэ, туйгун доруобуйаны, үлэҕэ, үөрэххэ үрдүк ситиһиилэри. «Дьоҕур» өссө сайда, тупса турдун, оҕо-аймах таптаан сылдьар лааҕыра буоллун! /Герман Чемезов/
СУОТТУУРБУН СӨБҮЛҮҮБҮН
Мин — «Дьоҕур» лааҕыр иитиллээччитэбин. Бэйэм спорду сэргиибин, ордук боксанан, тустуунан дьарыктанабын, ону таһынан теннис куруһуогар сөбүлээн сылдьабын. Оскуолам иһинэн үлэлиир «Дьоҕур» лааҕырга сыл аайы сылдьабын.
Онно «Мин аймахтарым сэрии сылларыгар» диэн бырайыак күрэҕэр II миэстэни ылбыппыттан олус астынабын, бу күрэх Улуу Кыайыы 75 сылыгар аналлаах этэ. Улуу сэрии ыарахан кэмнэригэр аймахтарым хайдах олорбуттарын туһунан суруйбутум «Мин өбүгэлэрим ыар сэрии кэмнэригэр» диэн ааттаабытым. Хас биирдиибит ытык иэспит дии саныыбын. Онтон сиэттэрэн бу бырайыакка кыттыбытым. «Дьоҕур» математическай олимпиадатыгар бастаатым. Саамай сөбүлүүр биридимиэтим – математика. Формулаҕа туруора-туруора, уугар-хаарбар киирэн туран суоттуурбун туохтааҕар да ордоробун.
Оҕолор, үчүгэйдик кыһаллан үөрэниҥ, сөбүлүүр дьарыккытын көтүппэккэ күүстээхтик дьарыктаныҥ. Оччоҕо ситиһии син биир баар буолуоҕа. Инникитин да маннык лааҕырдар арыллан үлэлии турдуннар, оҕолору элбэххэ үөрэтэр, түмэр, бэрээдэктиир эбит диэн санааҕа кэллим. /Саян Катанов/
ЭЛБЭХ ДОҔОТТОРДОННУМ
Мин Хампа орто оскуолатын VII кылааьын ситиһиилээхтик түмүктээтим. Бу сайын Бүлүү улууһун Кыһыл Сыыр бөһүөлэк Оҕо айымньытын Дыбарыаһа уонна Саха сирин оҕо хамсааһына тэрийбит «Под парусом РДШ» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи дистанционнай лааҕырга сырыттым.
Мин иккис этэрээккэ түбэспитим. Баһаатайбыт Ксюша диэн ааттаах этэ. Сарсыарда күннээҕи былааны быһаарсарбыт, онтон араас күрэхтэр уонна көрсүһүүлэр буолаллара олус кэрэхсэбиллээх этэ.
Күн аайы Сахабыт сирин улуустара онлайн-марафон ыыппыттара. Марафону «Ылдьаа ыччаттара» Нам улууһа түмүктээбитэ. Манна араас оонньууну, маастар кылаастары тэрийбиттэрэ. Ону таһынан араас интириэһинэй идэлээх дьону кытта көрсүһүүлэр буолбуттара.
Бу лааҕырга сылдьан олус астынным, өрөспүүбүлүкэбит араас муннугуттан сылдьыбыт буоланнар, элбэх саҥа доҕоттордоннум. Ньургуяна Владимировна Макароваҕа уонна Кыһыл Сыыр Оҕо айымньытын Дыбарыаһын үлэһиттэригэр махталбын тириэрдэбин. /Ксюша Харлугина/