Бүлүү улууһун Чинэкэтин оскуолата «Кофе бааҥкатын хомуйуохха» диэн улуустааҕы ааксыйанан ковид-19 анаалыһын контейнердарын солбуйар бааҥкалары хомуйууга кытынна.
Бу аан дойдуну аймаабыт хамсык ыарыы Саха сирин тумнубата. Ирдэниллэр хааччахтары тутуһан, бэйэни көрүнэн, сылдьар сирбитин көҕүрэтэн, бэйэбитин харыстанабыт.
Ол да үрдүнэн бу ыарыы ыраах улуустарга, кыра тыаларга тарҕанна. Сорох үөрэх тэрилтэлэрэ сорох куйаар ситиминэн үөрэнэллэр. Сорохтор оскуолаҕа кэлэн үөрэнэбит.
Бу күннэргэ Бүлүү улууһугар «Кофе бааҥкатын хомуйуохха» диэн ааксыйа буолла. Хомуллубут кофе бааҥкалара ковид-19 анаалыһын Дьокуускай куорат лабораториятыгар ыытарга анал сыаналаах контейнердары солбуйуохтаах.
Бу ааксыйаҕа Бүлүү улууһун оскуолалара бары кэриэтэ кытынныбыт. Онон оҕолор бу ыарахан кэмҥэ бэйэбит сэмэй көмөбүтүн оҥорбуппутуттан үөрэбит. Бары күүспүтүн түмэн, бу кэмнэри этэҥҥэ туоруохха.
Ааптар: Надежда Семенова,»Чинэкэ кэскилэ» эдкорпост салайааччыта.