Кулун тутар 13-14 күннэригэр Ньурба куоратын О5о научнай-техническэй киинигэр (дир. А.С. Ермолаева) «Кэскил» хаhыат Бүлүү бөлөх улуустарын эдэр кэрэспэдьиэннэрин «Бол5ойуң, пресс-киин үлэлиир» регионнаа5ы сүлүөтэ буола турар. Сүлүөккэ Бүлүү, Ньурба, Үөhээ Бүлүү, Сунтаар улуустарыттан барыта 17 хамаанда күрэхтэhэ сылдьар.
Үөрүүлээх аhыллыытыгар Ньурба улууhун баhылыгын социальнай боппуруоска солбуйааччы Анна Михайловна Уларова кэлэн э5эрдэлээтэ:
— Бүгүн манна эдэр кэрэспэдьиэннэр түмүстүлэр. Эhиги дьарыккыт олус эппиэтинэстээх: сонуну хайдах тиэрдэргититтэн дьон өйө-санаата сааhыланар, оло5у көрүүтэ тутулуктанар. Онон кырдьыгы эрэ тутуhан, уопсастыба5а туhалаа5ы эрэ суруйуң, дойдугут аатын ааттатар, имиджин оңорор патриоттар буолуң!
Бу үөрүүлээх түгэңңэ «Кэскил» хаhыат «Бэргэн» агентствотын сүрүннээччи Таисия Алексеева бастың үлэлээх юнкорпост салайааччыларыгар Үөрэх уонна наука, итиэннэ Инновация, цифровой сайдыы, инфокоммуникационнай технология министиэристибэлэриттэн, О5о хамсааhынын сайыннарар киинтэн, ону сэргэ «Юные якутяне» өрөспүүбүлүкэтээ5и ресурснай киинтэн Махтал суруктары туттарда.
Ол кэнниттэн постар бэйэлэрин билиhиннэрдилэр:
«Чинэкэ кэскилэ» (Чинэкэ, Бүлүү, сал. Н.Д. Семенова)
«Көмүс бөрүө» (Илбэңэ, Бүлүү, сал. Л.С. Тарасова)
«Ориентир» (Бүлүү Г.И. Чиряев аатынан 1 №-дээх оскуолата. сал. М.К. Ионова)
«Тымтык» (Ороhу,Үөhээ Бүлүү, сал. Н.Н. Михайлова)
«Бараховец» (Үөhээ Бүлүү Барахов аатынан 1 №-дээх оскуолата, сал. З.Н. Стручкова)
«Эрчим» (Дүллүкү, Үөhээ Бүлүү, сал. А.И. Афанасьева)
«Эдкор» (Элгээйи, Сунтаар, Е.П. Кривошапкина)
«Кустук» (Күүкэй, Сунтаар, К.Е. Саввинова, О.А. Федорова)
«Эрэл» (Ньурба 1 №-дээх оскуолата, сал. Л.В. Татаринова)
«Ыллык» (Хаңалас, Ньурба, сал. П.Н. Алексеева)
«Күөх Ньурба» (Ньурба политехническай лицейэ, сал. С.Е. Данилова)
«Чуораанчык» (Хатыы, Ньурба, сал. И.И.Васильева)
«Philips» (Антоновка, Ньурба, сал. Т.Н. Фокина)
«Эрэл» (Маалыкай, Ньурба, сал. М.А. Николаева, )
«Калейдоскоп» (Ньурбатаа5ы О5о научнай-техническэй киинэ, Э.Е. Федорова)
«Ньургуhун» (Күндээдэ, Ньурба)
Эбиэттэн киэhэ мультимедийнай суруналыыстыка5а чемпионат буолла. О5олор сүлүөт туhунан 1,5-2,5 мин. видеоролик устан, монтажтаан оңордулар.
Икки чаас устата лонгрид суруйдулар (англ. longread; long read — букв. «долгое чтение») — формат подачи журналистских материалов в интернете (англ. Long-form journalism). Его спецификой является большое количество текста, разбитого на части с помощью различных мультимедийных элементов: фотографий, видео, инфографики и прочих).
Keskil14.ru сайт редактора Анисия Иевлева «Навыки публичных выступлений», «Личный бренд и развитие лидерства» диэн тиэмэлэргэ лиэксийэ аахта.
Таисия Алексеева эдкорпост салайааччыларыгар Төгүрүк остуол ыытта,æ уопут атастаhыыта буолла.
Сүлүөт бастакы күнэ «Кэскил» балаhаларынан квест оонньуунан уонна до5ордоhуу биэчэринэн түмүктэннэ.
А.Иевлева, В. Пак түhэриилэрэ.