Г.Г. Софронов аатынан Өлөөкө-Күөл орто оскуолатыгар тохсунньу 17-22 күннэрэ технология предметин нэдиэлэтинэн биллэриллибитэ. Нэдиэлэбит «Өбүгэбит туттубут маллара» диэн бэсиэдэ киэһэтиттэн саҕаланна. Онно иис уруогун учуутала Варвара Иннокентьевна Винокурова уонна маастарбыт Капитолина Константиновна Винокурова урукку маллары аҕалан көрдөрдүлэр, кэпсээтилэр.
Мастан, талахтан, муостан, тирииттэн, кылтан оҥоһуллубут маллар хаһан эрэ дьиэ кэргэн туллар тутаах мала буола сылдьан абыраабыттарын, туһалаабыттарын туһунан санаатым. Ити мал хайа эрэ ыалга тыын кыһалҕаларын туораппыт буолуон да сөп курдук. Оччотооҕу дьон олус да уус, мындыр эбиттэр. Билигин биһиги барыта бэлэм, барыта баар, баай-талым олоххо олорор буоламмыт эбитэ дуу, итинник мындырдык толкуйдаабат эбиппит.
Сорох маллар кэм-кэрдии ааһан эргэрбиттэрэ, туттуллубакка туһаттан тахсыбыттар. Оттон сорохторо субу билигин аҕай ууруллубут курдуктар, ыл да туһан диэбит курдук. Ол эмиэ дьикти.
Билиҥҥи биһиги малларбытын хаһан эрэ итиннник эмиэ умнуллубуттарын көрдөрүөхтэрэ дуо?
Вова Винокуров, 11 кылаас үөрэнээччитэ,
Орто Халыма, Өлөөкө-Күөл б.