В.П. Ларионов аатынан XXIX өрөспүүбүлүкэтээҕи “Инникигэ хардыы” научнай конференция кыттыылааҕа Лена Бекренева Орто Халыма улууһун Сылгы Ыытар нэһилиэгиттэн сылдьар. Кини Сылгы Ыытар А.Н. Явловскай аатынан орто оскуолатын XI кылааһын үөрэнээччитэ.
Лена үһүйээҥҥэ киирбит күүстээх-уохтаах өбүгэтин Гавриил Тимофеевич Бекренев – Хабыка туһунан үөрэппит. Кини эдэр чинчийээччи Лена Бекренева хос-хос эһэтин кытта бииргэ төрөөбүт киһи оҕото эбит. ХIX-ХХ үйэлэргэ олорон ааспыт.
Хабыка үөрэҕэ да суох буоллар, аатын ааттатар ыччаты да хаалларбатаҕын иһин кини туһунан номохтор күн бүгүнүгэр диэри тыыннаахтар.
– Кини наһаа булчут эбит. Булка сылдьан хараҥаттан хараҥаҕа диэри сатыы хаамара да, сылайбыт быһыыта биллибэт буолара эбитэ үһү. Туохтан да куттаммат диэн кэпсииллэр. Хабыканы кистэлэҥ күүстээх диэн этэллэр эбит. Биирдэ сүүнэ улахан тааһы биэс эр киһи кыайбатах. Хабыка ол улахан тааһы бэйэтэ соҕотоҕун көтөхпүт дииллэр, – диэн кэпсиир эдэр чинчийээччи.
Лена төрүт өбүгэтин аата умнуллан хаалбатын диэн кини аатын үйэтитэр соруктаах. Аҕатыттан утумнаабыт дьоҕурунан уруһуйдуурун сөбүлүүр. Хабыка күүһүн-уоҕун туһунан кэпсиир “Биэс эр киһи уонна Хабыка”, “Эһэлиин көрсүһүү”, “Дьахтар бэлэҕэ”, “Хабыка күүһэ”, “Эһэни сүгүү” диэн номохторунан уруһуйдаабыт.
Ити курдук ыраах хоту сиртэн сылдьар эдэр чинчийээччи Лена Бекренева төрүт өбүгэтин туһунан матырыйааллары хомуйан, төрдүн-ууһун үйэтитэр үлэни оҥорбут. Киниэхэ көмөлөспүт салайааччытыгар, учууталыгар Валерия Валерьевна Ивановаҕа дириҥ махталын тиэрдэр.
Төрдүн-ууһун билбэт киһи “силиһэ алдьаммыт мас кэриэтэ, олоххо тирэҕэ суох буолар” дииллэр. Онон биһиги, оҕолор, аныгы кэмҥэ Лена Бекренева курдук өбүгэлэрбит аатын үйэтитиэхпитин сөп.
Бу ыстатыйа бэчээттэммитин кэннэ биһиги үөрүүлээх сонуну туттубут. Орто Халыма улууһун Сылгы Ыытар А.Н. Явловскай аатынан орто оскуолатын XI кылааһын үөрэнээччитэ Лена Бекренева В.П. Ларионов аатынан XXIX өрөспүүбүлүкэтээҕи “Инникигэ хардыы” научнай конференция «Культурология» хайысхатыгар III степеннээх дипломунан наҕарадаламмыт. Эҕэрдэлиибит!
Айна БАНДЕРОВА, VII кылаас,
С.Д. Флегонтов аатынан Хадаар орто оскуолата, Чурапчы