Сунтаар улууһун Кутана орто оскуолатыгар уолаттарга «Өбүгэ сатабылын — ыччакка» диэн бырайыак 2018 сылтан үлэлиир. Арай икки сыл курдук хамсык ыарыы туһуттан буолбатаҕа.
Уолаттар муҥхаҕа сылдьарбытын олус күүтээччибит. Ити тэрээһин бу сылга хос буолла. Оскуола дьаһалтата көҕүлээн, учууталларбыт уол оҕо хойут, атын сиргэ да баран, бултуурга-алтыырга бэлэм буоларын курдук, муҥхаҕа да куйуурга да үөрэттиллэр. Ааспыт нэдиэлэҕэ 5-11 кылаас уолаттара муҥхалаатыбыт. Оскуола директора Владимир Николаевич Архипов уонна ОБЖ учуутала Юрий Александрович Егоров сэрэхтээх буолуу техникатын оҕолорго быһааран кэпсээбиттэрэ.
Муҥха кэмигэр сиэри-туому тутуһар туһунан өйдөттүлэр. Улахаттар оҕолорго туттар тэрили көрдөрбүттэрэ, хайдах муҥхалыырга үөрэппиттэрэ. Муҥхаҕа кыралыын-улаханныын бары кыттан, Күөх Боллох бэрсибитин үллэстибиппит, анньыыһыттарга 2 куул, атыттарга сүүр аҥаарынан түҥэппиттэрэ.
Бары бултаан-алтаан, балыктан үөрэн кэлбиппит. Өссө да элбэххэ үөрэниэхпит турдаҕа.
Айтал ЕГОРОВ, 11 кылаас «Кутана кыымнара» пресс-киин.