Академик В.П. Ларионов аатынан «Инникигэ хардыы» XXIX өрөспүүбүлүкэтээҕи эдэр чинчийээччилэр конференцияларыгар Сандаара Другина ыраах Эбээн Бытантай улууһуттан кэлбит. Кини Р.И. Шадрин аатынан Саккырыыр орто оскуолатын үөрэнээччитэ.
Төрүт өбүгэлэрин иистэнэр ньымаларын – иҥииртэн оҥоһуллубут сап туһунан үлэтин билиһиннэрдэ. Бу тиэмэни ааспыт сылтан үөрэтэн саҕалаабыт.
– Миэхэ учууталларым Маргарита Николаевна, Мария Александровна көмөлөһөллөр. Бу үлэни оҥоро сылдьаммын иҥииртэн иистэнэр сабы оҥоруу диэн тугун, былыр өбүгэлэрбит ас-таҥас суох кэмигэр маннык толкуйдаан туһанар буолбуттарын биллим. Кинилэр мындыр толкуйдарыттан сөхтүм. Ол туһунан элбэх киһи билиэн баҕарабын, – диэн кэпсиир эдэр чинчийээччи.
Онтон Дьокуускай куорат классическай гимназиятын VIII кылааһын үөрэнээччитэ Полина Яковлева «Маҥан ас: традиционная якутская кухня в современном ритме» (Маҥан ас: саха төрүт аһа-үөлэ аныгы олох тэтимигэр) диэн олус интэриэһинэй үлэни суруйбут.
– Мин чичнийэр үлэбэр сүрүн соругум саха төрүт аһын-үөлүн аныгы олоххо сүтэрбэккэ илдьэ сылдьыахтаахпыт диэн. Өбүгэ саҕаттан бэриллэн кэлбит ас биһиэхэ туһалаах, наадалаах. Бу үлэбин суруйа сылдьан элбэх кинигэни аахтым, былыргы олох историятын туһунан биллим. Өссө фотошоп программанан үлэлииргэ үөрэнним, – диэн кэпсиир Полина Яковлева.
Ити курдук биһиги өбүгэлэрбит олохторо-дьаһахтара чинчийэр үлэҕэ сирдиир кыахтаахтар, оҕолор өбүгэ олоҕун нөҥүө элбэҕи билэллэр.
Катя БАКАЕВА, VIII «Г» кылаас, 17 №-дээх оскуола, Дьокуускай