Алтынньы 14 күнэ — Бокуруоп күнэ. Бу күнтэн Саха сиригэр кыһыҥҥы хонуктар ааҕыллан бараллар. Күн уһуна кылгыыр, салгын тымныйар. Кыһыммыт саҕаланар.
Былыргы сахалар бу кэмҥэ Хаардьыты бэлиэтииллэрэ — кыс хаар түһүүтүн[1]. Бу күннэр эргин Дьыл оҕуһугар (Телец сулус бөлөҕөр, уонна ол иһигэр баар Үргэлгэ) түүҥҥү халлааҥҥа ый киирэр буолар, кыһын саҕаланар. Чаҥыйдаан Хотун оҕолорунаан — Чысхаан кыыһынаан уонна Аам-Даам уолунаан — хотуттан чугаһыыллар диэн буолар.
История кэрэһэлиир: Тоҕо Бокуруоп диэн ааттаммыта маннык историческай төрүөттээх. Ожегов тылдьытыгар «Покров» диэн тыл 3 суолталааҕа быһаарыллар: 1. Сабыы. 2.Суорҕан. 3. Араҥаччы. Бокуруоппут күнэ үһүс суолтаҕа, «араҥаччы» диэҥҥэ сөп түбэһэр, ону историктар маннык диэн быһаараллар: 10-с үйэ ортотугар Константинополь диэн киин куораттаах Византия империята диэн баар буола сылдьыбыт. Ол дойду баайыгар ымсыыран, кинини сэриилээн ылар баҕалаахтар үгүстэр эбит. Олортон биирдэстэринэн нууччалар өбүгэлэрэ славяннар этилэр. Киев куорат баһылыга Олег кинээс дружинатынаан эмиэ хаста даҕаны Византияҕа саба түһүтэлии сылдьыбыта. Биирдэ Византияҕа ыксал буолбутугар олохтоохтор биир храмҥа мустан «быыһаа-абыраа» диэн таҥараттан көрдөспүттэр. Үҥэ турдахтарына Богородица бэйэтин аанньалларын кытта көтөн кэлбит уонна былаатын устан дьоннор үрдүлэринэн саба тэниппит, ол аата кинилэри славяннар сэриилэриттэн хаххалаан араҥаччылаабыт (Покров
оҥорбут). Онтон славяннар хараабыллара төттөрү устан хаалбыттар. Онтон ыла Бокуруоп күнэ диэн бырааһынньыктыыр буолбуттар. Дьиктитэ диэн баар, гректэр бу быыһаммыт күннэрин бэлиэтээбэттэр, төттөрүтүн, хотторон үүрүллбүт славяннар бэлиэтиир буолбуттар.
Бит-билгэ: Бокуруоп билгэтэ элбэх. Бу күнүнэн кыһыны сылыктыыллар. Ол курдук, маҥнайгы хаар алтынньы 14 күнүгэр диэри түстэҕинэ, кыһын арыый хойутуур, оттон Бокуруоп күн хаардаатаҕына, Миитэрэйэпкэ (сэтинньи 8 күнүгэр) эмиэ түһэр, Бокуруопка күн-дьыл хайдаҕый да, кыһына оннук буолуо дэнэр. Бу күн хаардаатаҕына, сэтинньи ый 21 күнүгэр диэри кыһын кэлиитин 40 хонук күүтэллэр. Хотуттан тыалырдаҕына — тымныы кыһын, арҕааттан тыалырдаҕына — сылаас кыһын буолар. Онтон Бокуруоп күн сылаас күн-дьыл турдаҕына тымныы түһэрэ хойутуур, тымныйдаҕына — тымныы эрдэлиир.
Бокуруоп күн өбүгэлэрбит үгэстэрин тутуһан, сахалыы арыылаах алаадьынан кыстыкка киирбиппитин бэлиэтиири умнумуох тустаахпыт.
Бикипиэдьийэ, Интернет матырыйааллара туһанылыннылар.