Бүгүн «Арассыыйа — мин остуоруйам» историческай пааркаҕа «Саха лекториум» медиа бырайыак иһинэн ойуур баһаарын уотун умулларыы кыһалҕалаах уонна тыын боппуруостарыгар «төгүрүк остуол» ыытылынна.
Кэпсэтиигэ 2004-2013 сылларга өрөспүүбүлүкэҕэ ойуур хаһаайыстыбатын кылаабынай баһылыгынан үлэлээбит, Саха сирин ойуурун исписэлиистэрин уопсастыбатын бэрэссэдээтэлэ, РФ үтүөлээх лесовода, ойуур хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ Саргылана Поликарповна Аммосова, криолитозонаны чинчийэр биология институтугар лаборатория сэбиэдиссэйэ, биология наукатын дуоктора, уопсастыбанньык Михаил Михайлович Черосов, экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын министиэристибэтин ойуур хаһаайыстыбатын департаменын салайааччыта Андрей Егорович Михайлов, Арассыыйа Наукаларын академиятын Сибиирдээҕи салаатын ирбэт тоҥ буордаах дойду биологическэй кыһалҕаларыгар (криолитозона) институтун үлэһитэ, биология наукатын дуоктара Александр Петрович Исаев кыттыыны ыллылар.
Экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын министиэристибэтин ойуур хаһаайыстыбатын департаменын салайааччыта Андрей Михайлов этэринэн, Саха сирин ойуурун пуондатын иэнэ 254, 7 мөлүйүөн гааҕа тэҥнэһэр. Бу – өрөспүүбүлүкэ сирин-уотун 80% уонна Арассыыйа ойуурун 1/5 ылар. Харыстанар иэнэ баара-суоҕа 37 мөлүйүөн гаа курдук буолар.
Билиҥҥитэ өрөспүүбүлүкэбитигэр 171 ойуур баһаара буола турар. Ол иһигэр 17 оройуоҥҥа ойуур баһаарын умулларыытыгар үлэ ыытылла турар, 764 тыһ. гектар тыа уокка былдьанна. Барыта холбоон ойуур баһаарын хоромньутун иэнэ 2 мөл. гектартан таҕыста.
Атырдьах ыйын 3 күнүнээҕи суһал штаб иһитиннэриитинэн, суукка иһигэр 11300 га иэннээх 8 баһаар умуруорулунна уонна эбии 13 саҥа баһаар баара билиннэ.
Төгүрүк остуол кыттыылаахтара билигин тирээн турар кыһалҕалаах тыын боппуруоһу урукку сыллары кытары тэҥнээн көрдүлэр, маны таһынан тустаах биэдэмистибэ уонна учуонайдар этиилэрин, тус санааларын иһиттилэр, кыһалҕалаах боппуруостары ырыттылар.
Сиһилии бу ссылканан киирэн көр:
Бэлэмнээтэ Анна СЛЕПЦОВА.