Сэтинньи 20 күнүгэр Оҕо быраабын аан дойдутааҕы күнүн бэлиэтиир үгэһи 1954 сыллаахха ООН Генеральнай Ассамблеята олохтообута. 1959 сыллаахха бу күн Ассамблея Оҕо быраабын декларациятын, 1989 сыллаахха эмиэ бу күн Оҕо быраабын туһунан конвенцияны ылыммыта.
Бу бэлиэ күнүнэн сибээстээн, бүгүн “Быраапкын бил” рубрикаҕа юрист ЕЛИЗАВЕТА ЭВЕРСТОВА ааҕааччыларбытыгар анаан бэлэмнээбит матырыйаалын таһаарабыт.
Хас биирдии киһи бырааптаах уонна эбээһинэстээх. Ол бырааба уонна эбээһинэһэ Россия уонна Саха Сирин Төрүт Сокуоннарыгар, итиэннэ атын сокуоннарга суруллубуттар. Холобура, хас биирдии киһи көҥүллүк олорор, үлэлиир, сынньанар, толкуйдуур, саҥарар-иҥэрэр, түмсүү тэрийэр, талар уонна талыллар бырааптаах.
Бырааптаахпыт таһынан эбээһинэстээхпит. Ол курдук, бары айылҕаны харыстыахтаахпыт, төрөппүттэр оҕолорун, оҕолор улаатан баран кэлин кырдьаҕас төрөппүттэрин көрүөхтээхтэр, иитиэхтээхтэр, сокуону кэһиэ суохтаахтар, о.д.а.
Оскуола оҕолоро эмиэ бэйэлэрэ туспа бырааптаахтар уонна эбээһинэстээхтэр. Ол бырааптара уонна эбээһинэстэрэ “Үөрэнээччи бырааптарын декларациятыгар” (“Декларация прав школьника”) суруллубут:
- Хас биирдии оҕо үөрэнэр бырааптаах. Үөрэх босхо уонна үчүгэй хаачыстыбалаах буолуохтаах. Оҕолор төрүт тылларын үөрэтиэхтээхтэр.
- Үөрэнээччилэр бэйэлэрэ көҥүл толкуйдуур, саныыр, саҥарар бырааптаахтар, тугу толкуйдуулларын аһаҕастык этиэхтэрин сөп. Ханнык баҕарар итэҕэли талыахтарын, ылыныахтарын сөп. Оҕолор талааннарын сайыннарыахтаахтар, онно оскуола үчүгэй усулуобуйаны тэрийиэхтээх. Оҕо толорбут үлэтин кини сөбүлэҥэ суох ким да туһаныа суохтаах.
- Оҕолор үөрэх ылалларыгар, судаарыстыба сөптөөх усулуобуйаны тэрийиэхтээх. Оскуолаҕа быраас баар буолуохтаах, оҕо ыарыйдаҕына, тута эмтиэхтээх. Оскуола ыраас уонна сылаас буолуохтаах. Күн аайы оҕолору сылаас аһынан хааччыйыахтаах.
- Оскуола оҕото бэйэтин үөрэнэр тэрилин, таҥаһын-сабын көрүнэ сылдьыахтаах, ханна да хаалларыа суохтаах. Ол малын ким даҕаны былдьыыр да, кини көҥүлэ суох көрөр, ылар, уорар да бырааба суох. Үөрэнээччи суумкатын, төлөпүөнүн ыйытыыта суох ким да ылыа, туһаныа суохтаах.
- Оскуола оҕотун ким даҕаны сэниир, ыыстыыр, куһаҕан тылынан саҥарар, үөҕэр, кырбыыр, саайар бырааба суох. Туохха эмэ түбэстэҕинэ, төрөппүттэрин ыҥырыахтаахтар уонна төрөппүттэр баалларыгар эрэ кинини кытта кэпсэтиэхтээхтэр.
- Оскуола оҕолоро тугу толкуйдуулларын аһаҕастык хаһыакка, Интернеккэ суруйуохтарын сөп. Оҕолор оскуолаҕа түмсүү тэрийиэхтэрин сөп. Бэйэлэрэ оскуола оҕолорун сокуоннарын ылыныахтарын сөп.
- Оскуола оҕолоро психологы кытта консультациялаһыахтарын сөп. Ол кэпсэтиилэрэ психолог уонна оҕо икки ардыгар эрэ хаалыахтаах, ханна да тарҕаныа, атын туора киһи билиэ суохтаах.
- Өскөтүн оскуола оҕото төрөөтөҕүнэ, үөрэҕин салгыыр, оскуолатын бүтэрэр бырааптаах, кинини ким да ууратыа, үүрүө суохтаах. Судаарыстыба уонна оскуола кинилэргэ көмөлөһүөхтээх, өйүөхтээх.