Фронтовик-поэт, оҕо суруйааччыта, норуодунай поэт П.Н. Тобуруокап 1917 с. алтынньы 25 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһун Ороһу нэһилиэгин Өлөкөөн диэн сиригэр күн сирин көрбүтэ.
«Тыаллаахха, тымныыга,
Муус күһүн,
Хаардаах күн,
Төрөөбүт үһүбүн
Биир дууһа,
Биир киһи,
Биир саха – мин!»
Саха литературатын историятыгар Петр Тобуруокап айар үлэтэ биир боччумнаах миэстэни ылар. Кини күн бүгүн даҕаны саамай киэҥ ааҕааччылаах, норуот бары араҥатыгар чугас уонна өйдөнөр, төрөөбүт норуотун тапталын, биһирэбилин ылбыт суруйааччынан ааттанар. Үйэ аҥаарыттан ордук кэмҥэ саха дьоно, сааһыттан тутулуга суох, оҕотуттан оҕонньоругар тиийэ, Петр Тобуруокап ырыатын-хоһоонун күннэтэ ыллыы-туойа, умсугуйа ааҕа сылдьабыт.
Саха киһитин олоҕун-дьаһаҕын, өйүн-санаатын, билиитин-көрүүтүн, тапталын, кэскиллээх ыратын – бүтүннүүтүн хомоҕой хоһоонугар, ылбаҕай ырыатыгар туойбут поэт күн бүгүн төрөөбүтэ сүүс сылын туолла. Быйыл дьон-сэргэ тапталлаах поэтын өрөгөйдөөх үбүлүөйүн киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтээтэ. Саха сирин бары улуустарыгар, үгүс нэһилиэктэригэр бу кэрэ-бэлиэ даатаҕа аналлаах тэрээһиннэр тиһигин быспакка ыытылыннылар.
Петр Николаевич Тобуруокап 1917 сыллаахха алтынньы 25 күнүгэр, сыарҕа хаара үллүктүүр кэмигэр, Үөһээ Бүлүү улууһун Ороһу нэһилиэгэр Өлөкөөн диэн сиргэ орто бааһынай дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Аҕата Ньукулай дьонугар-сэргэтигэр байанайдаах булчут быһыытынан биллэрэ. Ийэтэ Евдокия Ксенофонтовна Иванова-Тобуруокаба элбэх оҕотун кыһамньылаахтык көрбүт-харайбыт үтүөкэннээх ийэ этэ.
Петр Николаевич кинини үөрэх-сайдыы суолугар сиэтэн киллэрбит, тыл уранын истэргэ үөрэппит киһинэн таайын Василий Ксенофонтович Иванову-Кустуктуурабы ааттыыра. Таайа бэлэмнээн, кини 11 сааһыгар оскуолаҕа иккис кылааска быһа киирэн үөрэммит. Петр Тобуруокап оҕо эрдэҕиттэн биир сөбүлүүр дьарыгынан кинигэни ааҕыы буолара. Олоҕун былаһын тухары Өксөкүлээх Өлөксөй, Алампа, Ойуунускай, Эллэй, Күннүк Уурастыырап айар үлэлэригэр сүгүрүйэрэ, кинилэри суолдьут сулус оҥосторо.
Петр Тобуруокап сэттис кылааһы бүтэрэн баран, Бүлүүтээҕи Н.Г. Чернышевскай аатынан учуутал техникумугар үөрэнэ киирэр. Устудьуоннуур сылларыгар поэзияҕа бастакы холонууларын оҥорор. 1934 сыллаахха «Колхозтаах Балбаара хоһооно» диэн айымньыта оройуон хаһыатыгар бэчээттэммитэ.
1937 сыллаахха Педтехникуму ситиһиилээхтик бүтэрэн, учуутал дипломун илиитигэр тутар уонна онтон ыла олоҕун бүтүннүүтүн бу идэҕэ аныыр. Ол курдук кини араас сылларга оскуола учууталынан, үөрэх чааһын сэбиэдиссэйинэн, дириэктэринэн айымньылаахтык үлэлээбитэ.
Петр Тобуруокап 100 cылыгар аналлаах дьүһүйүү. 2017 с.
Петр Николаевич Тобуруокап тус олоҕун уонна айар үлэтин кэрдиис кэмнэрэ Ийэ дойдутун, төрөөбүт норуотун историятын, дьылҕатын кытта быстыспат биир ситимнээхтэр. Ол курдук кини тыһыынчанан ахсааннаах саха эр бэртэрин кытта Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр саа-саадах тутан, Ийэ дойдутун өстөөхтөн көмүскэспитэ. Тойоку оскуолатыгар дириэктэрдии сылдьан, сэриигэ барарга тылланан хас да төгүл көрдөһүү сурук суруйар. 1942 сыллаахха, төрдүс суругун кэнниттэн, дьэ, фроҥҥа ыыталлар.
Петр Тобуруокап – Сталинград куорат иһин кыргыһыы кыттыылааҕа. Үөрэхтээх уонна коммунист буолан, ротатыгар политагитатор этэ. Уоскулаҥ, чуумпуруу кэмигэр саллааттарга фронт сонуннарын кэпсиирэ, кыайыыга кынаттыыр, өлүүттэн куттаммат бигэ тыл этэрэ.
Мин саллаат этим…
Биэс дойду суолларын
Күдэнин кэспитим,
Биир быыкаа котелок
Бараммат хааһытын сиэбитим.
Ол ааспыт улуукан кыргыска –
Кэннибэр өлүү
Кэтиирэ-хаамсара,
Иннибэр кыайыы
Ыҥыра кыыһара.
Мин саллаат этим.
диэн хоһоонугар суруйбутунуу, Тобуруокап бу улуу кыргыһыыга кыттыытын олоҕун биир саамай бэлиэ кэминэн ааҕара. Сэрии поэт-гражданин айар үлэтигэр бүттүүнүгэр биллэр-көстөр суолу-ииһи хаалларбытын туһунан маннык суруйар: «Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыттыы, кыргыһыыны ааһыы бэйэтэ киһи олоҕор хаһан да мээнэ көрсүллүбэт ураты, улууканнаах оскуола. Сэрии киһини Ийэ дойдуга муҥура суох бэриниилээх буолуу, патриотизм саҥа үрдүк кэрдииһигэр үктэннэрэр, олох уонна таптал, дьол уонна сор тустарынан өйдөбүллэри наһаа дириҥэтэр, кэҥэтэр. Ити бүтүннүүтэ поэт үлэтигэр уһулуччу сабыдыаллааҕа өйдөнөр. Онон Аҕа дойду сэриитэ мин поэзиябар бүтүннүүтүгэр сабыдыаллаах».
Фронтовик-поэт сэрииттэн эргиллэн кэлээт, учууталын үлэтин салгыыр. Петр Николаевич, бэйэтэ дэгиттэр сайдыылаах, талааннаах, киэҥ билиилээх-көрүүлээх буолан, оскуолаҕа араас предметтэри: саха тылын, биологияны, географияны, физиканы – үрдүк таһымнаахтык үөрэтэрэ.
П.Н. Тобуруокап айар үлэтин талааннаах оҕо суруйааччытын быһыытынан саҕалыыр. Ол курдук 1948 с. маҥнайгы кинигэтин – “Буукубалар мунньахтара” диэн аныгылыы остуоруйаны – бэйэтэ ойуулаан-киэргэтэн таһаарбыта.
1970 сыллаахха бэчээттэммит “Чыычаахтар күнү көрсөллөр” уонна 1986 сыллааҕы “Күннүүн оонньуур күөрэгэйдэр” хомуурунньуктара оҕо-аймах таптаан ааҕар кинигэлэрэ буолбуттара.
Кини 37 сыл устата оскуолаҕа учууталынан үлэлээбит баай уопуттаах педагог буолан, кырачаан ааҕааччы уйулҕатын, өйүн-санаатын, майгытын, интэриэһин чопчу билэр, онон кини хоһоонноро оҕолуу чаҕаан куоластаахтар, көр-нар, үөрүү-көтүү сырдык кынаттаахтар.
Оҕо уһуйааныгар барбыт кырачаан аан маҥнай доргуччу аахпыт хоһооннорунан “Кып-кыра чычып-чаап”, “Тоҕо?” “Улаатарым буоллар мин”, “Ытанньах герой буолбат” айымньылар буолуохтара. Оттон кыра саастаах оскуола оҕолоро сиэрдээх быһыыга-майгыга Петр Тобуруокап киэҥник биллэр геройдарын: манньаҕа эрэ хамсыыр Танюшаны, саахарга топпот бэйэлээх, сахсырҕа ыраахтааҕыта Захары, тараҥныырын таптыыр Табаһыытап Тарааһы, мэнигийээн-мэникчээн Михайлов Филипчээни, сымыйалаан уоһа хараарбыт Куома уолу – кытта бииргэ үөрэнэллэр.
Орто саастаах оҕолорго анаан поэт норуот остуоруйатыгар, олоҥхотугар олоҕуран, “Чэрэлэ”, “Хатырык уота халааннаах”, “Чаҥый Чаҕаан”, “Бурҕаллай” уран тыллаах остуоруйа-поэмалары суруйбута. Хас да көлүөнэ саха оҕото “Туллай”, “Маҥан тииҥ”, “Хортуоппуйчаан уолчаан” мүччүргэннээх сырыылардаах алыптаах остуоруйалары үлүһүйэн аахтаҕа.
Кини ырыатын-хоһоонун ис кистэлэҥинэн оҕоҕо сылаас таптала, истиҥ сыһыана, эйэҕэс күлүүтэ, умсугутуулаах сюжета, хоһоонун мелодията буолар. Ол да иһин Петр Николаевич Тобуруокап сахалыы оҕо литературатын классигын быһыытынан билиниллэр, кини үгүс айымньылара үөрэх программатыгар киирэн оскуолаҕа үөрэтиллэллэр, үүнэр көлүөнэни билиигэ-сайдыыга сирдииллэр.
Ол эрээри Петр Тобуруокап оҕо суруйааччыта, нарын тыллаах лиирик-поэт эрэ буолбатах. Кини, бастатан туран, төрөөбүт дойдутун олоҕун, норуотун өйүн-санаатын хомоҕой хоһоонугар тиспит бэриниилээх гражданин, төлөннөөх патриот, бэйэтин кэмин суруйааччыта этэ.
1953 сыллаахха, сэрии кэнниттэн алдьаммыт-кээһэммит норуот хаһаайыстыбатын чөлүгэр түһэрэр эйэлээх үлэ күөстүү оргуйар, сэбиэскэй дойду олоҕор өрө көтөҕүллүү күүрээннээх кэмигэр, Петр Тобуруокап “Үлэ, эйэ дойдутугар” диэн хомуурунньуга бэчээттэммитэ.
Тобуруокап хоһоонун геройдарынан колхоз туруу үлэһиттэрэ: сылгыһыттар, отчуттар, ыанньыксыттар, булчуттар, трактористар буолбуттара. Сааһын тухары тыа сиригэр, үлэ дьонун ортотугар олорбут буолан, колхоз олоҕун, түбүгүн, үлэ киһитин майгытын, уйулҕатын итэҕэтиилээхтик арыйара. Интернационалист-поэт Петр Тобуруокап Ийэ дойдуга, төрөөбүт норуокка бэриниилээх буолуу тыынынан илгийэр лирикатыгар төрөөбүт дойдуга сылаас таптал, кининэн киэн туттуу иэйиитэ истиҥник ойууламмыта.
Тобуруокап айар талаанын норуот эрэ буолбакка, биир идэлээхтэрэ эмиэ тута билиммиттэрэ, үрдүктүк сыаналаабыттара. Ол курдук, 1957 с. буолбут республикатааҕы сабыылаах литературнай конкурска “Чаҥый Чаҕаан”, “Чэрэлэ”, “Күөн көрсөөччүлэр” поэмалара бастакы, иккис, үһүс бириэмийэлэри ылбыттара. Петр Николаевич ити сыл ССРС Суруйааччыларын союһугар чилиэнинэн киирбитэ. 1958-1960-с сс. М.Горькай аатынан Литературнай институкка Үрдүкү литературнай курстарга үөрэммитэ.
Петр Тобуруокап 100 cылыгар аналлаах устуу. 2017 с.
1960-1970-с сылларга поэт талаана араас өҥүнэн чаҕылыйа оонньообута. Космос куйаарын арыйыы, космоска сэбиэскэй киһи аан-бастаан көтүүтүн, космическай эра саҕаланыытын туоһутунан буолбут Петр Тобуруокап саха поэзиятыгар бастакынан космос тематын киллэрбитэ. Тулхадыйбат санаалаах коммунист суруйааччы В.И. Ленин туһунан айымньыларын: “Ленин эмиэ булчут эбит”, “Мин Ленини көрбүтүм”, “Күөх лаампа” поэманы эмиэ бу кэмҥэ айбыта.
Биэс уонус-алта уонус сылларга үгэ жанра хаттаан тиллиитигэр Моисей Ефимовтыын, Рафаэль Баҕатаайыскайдыын олус күүскэ үлэлээбиттэрэ. Петр Тобуруокап сатирическай айымньылара “Тыҥырахтаах тыллар” диэн хомуурунньукка таҥыллан, 1976 с. бэчээттэммиттэрэ. Кини сатиратын геройдара – Өндөрүүскэ биригэдьиир, Хаппытыан, бэйэтэ билэр Микииппэр, Үөдүгэй киһитэ Микиитэ – бэркэ билэр дьоммут курдук буолбуттара. Суруйааччы юмор, элэк-хаадьы араас дэгэтин баһылаабыт улахан маастар этэ.
Петр Тобуруокап поэзиятын биир сүрүн темата – айылҕаны хоһуйуу этэ. Кини төрөөбүт айылҕатын кэрэтин ойуулааһына саха киһитин сүрэҕин бүччүм муннугар баар төрөөбүт айылҕаҕа сылаас таптал иэйиитин уйан кылларын уһугуннарар, оонньотор дьикти күүстээх. Кыһыны ойуулааһыҥҥа Петр Тобуруокап саҥаны киллэрбит поэт быһыытынан сыаналанар, кини “сып-сымнаҕас, сып-сылаас, мип-минньигэс” хаары ойуулааһына саха поэзиятыгар хатыламмат кэрэ көстүү буолар. Тапталлаах төрөөбүт сирин тымныыта-дьыбара даҕаны, лирическэй герой этэринэн, ураты, сымнаҕас, кини сүрэҕэр чугас. Кыһыҥҥы тымныы саха киһитин бэйэтин курдук күүстээх уонна дьоһун:
Мин дойдум тымныыта даҕаны
Тымныыттан ураты сымнаҕас,
Дьиҥ күүстээх, дьоһуннаах дьон курдук
Күүһүргүү сатаабат олустук.
Аркадий Алексеев эппитин курдук, Петр Тобуруокап «тапталы төкүнүтэ сылдьан туойбут поэт». Кини дьиҥ чахчы национальнай поэт быһыытынан, саха киһитин тапталга сыһыанын: ыраас, килбик, истиҥ иэйиитин – көрдөрбүтэ. Поэкка таптал – тугу барытын кыайар, олоҕу бигэргэтэр айар күүс, киһи аймах олоҕун сүрүн өйдөбүлэ, эргийэр киинэ. Кини тапталын поэзиятын биир уратытынан ааптар саха киһитин Кэрэҕэ идеалын норуот өйдөбүлүгэр, үгэһигэр сөп түбэһэр гына ойуулааһына буолар.
Петр Тобуруокап 1960-1980-с сылларга киэҥник тэнийбит маассабай лирическэй ырыаны сайыннарааччылартан биирдэстэрэ буолбута, бу жанрга ким да тиийбэтэх үрдүк чыпчаалларын дабайбыта. Тобуруокап кэлин кэргэнэ, олоҕун эрэллээх аргыһа буолбут Евгения Васильевна Ноговицынаҕа анаабыт “Күөрэгэйдиин көрсүһүү”, онтон да үгүс хоһоонноругар, уопсайа, 400-чэ ырыа айыллыбыта. Саха биллэр композитордара, мелодистара Христофор Максимов, Аркадий Алексеев, Георгий Никифоров, Захар Степанов, Егор Поликарпов, Мария Константинова уо.д.а. кини хоһооннорун ырыа гынан көтүппүттэрэ. “Таптыырга буруй суох”, “Маҥан мастар”, “Этимэ ый үөһэ устарын”, “Суох, кэбис, тапталым”, “Кырдал кыыһа”, “Мутукча сыта”, “Күөгэһэр лабаалар”, “Чэмэлиинэ”, “Ньургуһунна бэлэхтээ”, “Сэмэнчикпин таптыыбын” ырыаларын истибэтэх саха киһитэ, бука, суоҕа буолуо. Кини ырыалара норуот бүттүүнүн санаатын табар буоланнар, бэйэлэрэ норуот ырыаларыгар кубулуйдулар. Кини лириката – саха ырыатын классиката, норуот бары кэмҥэ эргэрбэт духовнай баайа.
1980-с сыллардаахха Бүөтүр Тобуруокап саха поэзиятын лиро-эпическэй жанрын байытыспыта. Ол курдук, норуот үһүйээннэригэр уонна номохторугар олоҕурбут “Суоһалдьыйа Толбонноох”, “Лөкөй”, “Манчаары уонна Кэтириис”, “Кыыс мичээрэ”, “Хоҕудал уҥуоҕар” романтическай балладалара саха литературатыгар сонун көстүү буолбуттара.
Петр Тобуруокап литература теориятын, нуучча поэзиятын, аан дойду классиктарын элбэхтик аахпыт, кинилэртэн элбэххэ үөрэммит, мындыр сыанаһыт быһыытынан эмиэ биллэр. Норуот поэта Поэзия уонна Поэт, хоһоону суруйуу ньымаларын уонна албастарын туһунан бэйэтин санаатын “Сахалыы поэзияҕа рифманы туттуу туһунан” диэн теоретическай хабааннаах ыстатыйаны, «Доҕорум поэзия туһунан“, “Поэт буолуоххун баҕараҕын дуо?” литературнай эсселэри суруйбута. Суруйааччы тыл барҕа баайа норуот тылыгар-өһүгэр баарын туһунан маннык суруйар: “Тыл муҥура суох кылаата – норуокка. Баай үптээх киһи үйэлээх тэрили оҥостунарын кэриэтэ, баай тыллаах эрэ киһи үчүгэй айымньыны айар”.
Манна даҕатан эттэххэ, поэт үйэлээх сааһыгар тыаҕа, норуот ортотугар олорбут киһи быһыытынан, саха тылын дэгэтин үчүгэйдик баһылаабыта, норуот тылын этигэр-хааныгар иҥэриммитэ. Тобуруокап хоһоонун ураты баай ритмическэй тутула айымньы ис хоһоонун тиэрдэргэ көмөлөһөр, поэтическай тыл иэйиитин, күүрээнин күүһүрдэр айылгылааҕын бэлиэтиибит.
Айар тыл тыга сылдьар тыыннаах холобура аттыларыгар сылдьара Үөһээ Бүлүү айар эйгэлээх дьонугар үтүө холобур буолбута. Ол курдук, киниттэн үөрэнэн, уһуйуллан Семен Руфов, Степан Дадаскинов, Василий Харлампьев-Хара Лааҥкы уо.д.а. айар суол аартыгар үктэммиттэрэ.
1985-90-сылларга ССРС ыһыллар, сэбиэскэй-партийнай судаарыстыба үрэллэр, коммунистическай өй-санаа суураллар. Дойду экономикатыгар, политикатыгар, идеологиятыгар улахан уларыйыылар тахсаллар. Улуу Өктөөп эт саастыылааҕа буоларынан уонна Сэбиэскэй дойдуга олорорунан, үлэлииринэн сааһын тухары киэн туттубут уонна Ийэ дойдутун саа-саадах тутан көмүскээбит фронтовик-поэт, көнө сүрүннээх киһи, олоххо бэйэтин суолуттан, коммунистическай идеяттан туораабатаҕа, уларыта тутуу саҥа көстүүлэрин ылымматаҕа. Социализм, коммунизм сырдык идеяларыгар ис сүрэҕиттэн дириҥник итэҕэйэр, биир көнө сүрүннээх поэт аан дойду биир модун судаарыстыбата буолан аатыран-сураҕыран олорбут Сэбиэскэй Сойуус ыһыллыытын олус ыарыылаахтык ылыммыта:
“Улуу дойду!” ааттаахпыт…
“Улуу норуот!” этибит…
Оттон бүгүн барыбыт
“Умнаһыттар!” – дэнэбит.
История тосту уларыйар кэмигэр, өй-санаа муунтуйбут түгэнигэр Тобуруокап поэзията дириҥ ис хоһоонунан, кэлэр кэскилгэ бигэ эрэлинэн төрөөбүт норуотугар күүс-көмө, сүбэ-ама буолбута.
1994 с. олоххо таптал туһунан кэпсиир, “саха киһитин анала – ыал буолуу, оҕо төрөтүү” буоларын ыччакка өйдөтөр идеялаах, кэрэхсэбиллээх ис хоһоонноох “Түүҥҥү кыыс” сэһэни суруйбута. Маны таһынан, Петр Тобуруокап прозаҕа оҕолорго анаан «Төкөлүк уонна Тэкэлик” сэһэннээх, “Тыаҕа олорон”, “Илии тутуурдаах” диэн оҕолорго аналлаах кэпсээн хомуурунньуктардаах.
Петр Тобуруокап саха омугун төрүт өйдөбүллэрин этигэр-хааныгар иҥэринэн улааппыт, ону айар үлэтигэр бүттүүнүгэр көрдөрбүт суруйааччы этэ. Ол кини драматическай айымньыларыгар эмиэ көстөр. „Алаас ырыата“ диэн сценаҕа икки сүүстэн тахсата турбут комедиятын сүрүн өйө-санаата – саха искусствота, ырыата-тойуга, олоҥхото тыа сириттэн, тыа сахатыттан саҕаланар диэн, оттон „Удьурҕай“ драматыгар саха киһитин улуу тулуурун, дьоллоох олоххо дьулуурун көрдөрбүтэ.
Петр Тобуруокап олоҕун кэнники сыллардааҕы гражданскай лирикатын чыпчаалынан кини национальнай идеяны этэр айымньылара буолбуттара. Поэт тус бэйэтин үрдүк культурата, киэҥ билиитэ-көрүүтэ, Ийэ дойдутунан уонна төрөөбүт норуотунан киэн туттуута, уус-уран маастарыстыбата – барыта оһуокай форматынан суруллубут “Сахам кыыһа барахсан” поэматыгар уонна “Айхал, сахам тылыгар!” алгыс-поэматыгар көстөллөр.
Петр Тобуруокап 100 cылыгар аналлаах дьүһүйүү. 2017 с.
“Айхал, сахам тылыгар!” поэма – П.Тобуруокап бүтэһик бөдөҥ айымньыта. Ааптар төрөөбүт ийэ тылыгар итии тапталын, саха норуотун тыыннаах хаалар өрүһүлтэтин быһыытынан эрэлин алгыс тылынан өрө көтөҕүллүүлээхтик тиэрдэр:
Туругура, тупса тур,
Тирэҕирэ, чиҥии тур,
Тоҕойдору туораан ис,
Арҕастары ааһан ис,
Саргы дьайаан Сахам тыла,
Сарыал санаа – Сахамтыла!
Норуот омук быһыытынан тыыннаах хаалар уонна уйгу-быйаҥ олоҕун быыһанар суолун Петр Тобуруокап дьиҥ сахалыы тыыҥҥа, өйгө-санааҕа көрөрө.
Таптыыбын Сахам сирин
Сахалыыта бэрдин иһин!
Манна туох баар барыта
Уратылаах – сахалыы!
Саха сирэ туга бары
Сахалыыттан атын буолбат,
Сахалыыттан атыҥҥа
Саха сөпсөөн олохсуйбат!
П.Н.Тобуруокап уу сахалыы тыыннаах уонна бар дьон сүрэҕэр-быарыгар чугас лириката төрөөбүт норуот олоҕун, дьылҕатын туһугар өрүкүйэр сүрэхтэн этиллэр истиҥинэн, кыларыйар кырдьыктаах санаатынан уратылаах. Ол да иһин кини мэлдьи тыыннаах: өйө-санаата тарҕанар, ырыата-тойуга дьон сүрэҕин олоххо таптал уотунан уматар, кэрэ кэскилгэ эрэли угар.
Ааптар: Владимир Тихонов (саха норуодунай поэта Петр Тобуруокап төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах мунньахха этиититтэн).