Ыам ыйын 9 күнэ! Өрөгөйдөөх Улуу Кыайыы күнэ!
Эйэлээх олоҕу туруулаһан, кырыыстаах өстөөҕү кыдыйан, дьоруойдуу хорсуннук кыайбыт буойуннарга, кыа хааннаах кыргыстан хаалбакка кыайыыны үлэннэн уһансыбыт тыыл бэтэрээннэригэр , билигин тыыннаахтар — дьоллоох кэм кэрэһиттэрэ, өрөгөй үөрүүтүн көрсөр, сүдү дьоммут Албан ааттарыгар сүгүрүйэр улуу күммүт!
Күннүк Уурастыырап
Кыайыы күнэ
Күүппүт күммүт,
Күндү күммүт –
Өлбөт-сүппэт кэскиллэнэн,
Үөрүү-көтүү үктэллэнэн,
Кыайыы күнэ
Бүгүн үүннэ!
Түмсүү күнэ,
Төлкө күнэ –
Сордоох сэрии суоһа мөлтүүр.
Сорсун санаа өрөгөйдүүр
Кыайыы күнэ
Бүгүн үүннэ!
Олох күнэ,
Уруй күнэ –
Норуоттарга эйэ, эрэл
Туругурар, дьоллоох, кэрэ
Кыайыы күнэ
Бүгүн үүннэ!
Үтүө күммүт,
Үрдүк күммүт –
Үйэ-сааска өлбөөдүйбэт,
Өһөр диэни өрүү билбэт
Кыайыы күнэ
Бүгүн үүннэ!