Быйылгы саҥа үөрэх дьылын бастакы бэнидиэнньигэр биһиги оскуолабытыгар Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын үлэһиттэрэ ыалдьыттаан «Дьоһуннааҕы кэпсэтии» кылаас чаастарын ыыттылар.
Быйылгыттан «Өксөкүлээх үөрэҕэ» олоххо киллэриини саҕалаабыттар. Бу кэнсиэпсийэ бырагыраамата Таатта улууһун М.Н. Турнин аатынан Тыараһа орто оскуолатыгар оҥоһуллубут. Ону өссө чочуйан, ситэрэн, «Дьоһуннааҕы кэпсэтии» федеральнай уруок киэбигэр сөп гына оҥорон биэрбиттэр.
Кылаас чааһын бүгүҥҥү сүрүн өйдөбүлүн — оҕо, эдэр киһи сайдыылаах буоларыгар, бастатан туран, кини тулалыыр эйгэтэ, дьоно-сэргэтэ, оннооҕор айылҕата кытта сүрүн тирэх буоларын, улахан суолталааҕын оҕолор сэҥээрэн истэн өйдөөтүлэр, саҥаны, сонуну билэн астыннылар.
Полина СИВЦЕВА, Дьокуускайдааҕы 17 N-дээх оскуола библиотекара.