Гуманизм (латыынныы) — человек, человеколюбие, система взглядов на человеколюбие. Быһа тарыйан сахалыылаатахха, киһини киһи курдук көрүү, кинини өрө тутуу, кини дьоһунун ытыктааһын. Аны туран, гуманизм бириинсибэ биирдиилээн киһинэн эбэтэр бөлөх дьонунан арааран буолбакка, икки атахтаахха, иннинэн сирэйдээххэ барытыгар туһуланыахтаах.
Бөлүһүөпүйэ наукатын дуоктара, бэрэпиэссэр Виктор Данилович Михайлов гуманизм сахалыы идьиэйэтин ис дьиҥин, «киһи барахсан» диэн бэрт кэмчи тыллары туттан, дириҥ ис хоһоонноохтук быһаарар. Уонна тутатына, ити өйдөбүлгэ утары турар «киһи баҕайы» диир кырыктаах тыллары холобурга аҕалар. Биллиилээх литэрэтиирэни чинчийээччи Николай Тобуруокап, гуманист-суруйааччы, бастатан туран, сырдыгы ыралыыр, үчүгэйи төлкөлүүр, ыраас өйдөөх-санаалаах, үтүө сүрэхтээх киһи буоларын бэлиэтиир.
Гоголь «Синьиэлиттэн» силис тарпыт саха кылаассыката
19-с үйэтээҕи нуучча кылаассыка литэрэтиирэтэ бэйэтин уһулуччулаах гуманизмынан уратыйар. Оччотооҕу нуучча улуу суруйааччыларын айымньыларыгар норуот үөһүттэн ылыллыбыт «кыра киһи» уобараһа инники күөҥҥэ тахсыбыта. «Кыра киһи» диэн өйдөбүлгэ булгуччу дьадаҥы, хамначчыт, кулут-кумалаан киирэр диэн буолбатах. Арассыыйа оччотооҕу олоҕун-дьаһаҕын быһыытыгар-майгытыгар хаһан баҕарар, ханна баҕарар атаҕастабылы, үтүрүйүүнү, сэнэбили көрсүөн сөптөөх уонна ону утары тугунан да хардарсар кыаҕа суох персонаж, нуучча 19-с үйэтээҕи литэрэтиирэтигэр «кыра киһи» уобараһынан бэриллибитэ.
20-с үйэ саҕаланыытыгар саҥа үөскээбит саха литэрэтиирэтэ, эмиэ «Гоголь «Синьиэлиттэн» тахсыбыта» дииргэ толору быраап баар. Саха литэрэтиирэтин төрүттээччилэр айымньыларын дьоруойдарын: хараҥа батталы утары бэйэтэ билэринэн охсуһа сатаабыт Манчаарыны, аатттыын да Дьадаҥы Дьаакыбы, норуотун дьылҕатын туһунан түүл түһээн түҥкэлийэр Айыы ойуунун, саха кыратын-кыамматын уо.д.а. ыллахха, бу уобарастар эрэйдээх-муҥнаах олохторун ааҕааччы булгуччу ыарыылаахтык ылынар, аһынар-харыһыйар санааҕа куустарар, атаҕастабылы, баттабылы абааһы көрөргө бэлэмнээх киһи буолар. Оттон Итирик бурсуйга, кэриэһэ суох Кэччэгэйгэ, «куһаҕан тыыҥҥа буулаппыт» Бырдаахапка, о.д.а. оччотооҕу саха «элиитэтигэр» сыһыаннаан, киһи күлэр уонна кэлэйэр эрэ кыахтанар.
Алампа — гуманист
А.И.Софронов-Алампа, дьиҥ айыы санаалаах, уһулуччулаах гуманист-суруйааччы. 1912 сыллаахха суруйбут «Төрөөбүт дойду» бастакы хоһоонугар: /«Буруолаах балаҕаҥҥа, /Модун тымныы бохсон, /Боростуой дьон бука бары, /Бокуйан сыталлар…/Өй күүһэ мөлтөөн, /Хараҥа балаҕаҥҥа /Харахтарын уута, /Хара былыт курдук /Хаайа хаампыт», — диир. Уонна ол онтун /«Самнан түһээри турар саха балаҕана, /Хоргуйан өлөөрү гыммыт куһаҕан дьоно»,- диэн, ыйылыннары тардан, күүһүрдэн биэрэр.
Бэйиэт сүрэҕэ, төрөөбүт норуотун ыар олоҕунан уонна дьылҕатынан ыалдьан, хаанынан оҕуолаабыта, дууһалыын долгуйбута, санаалыын хараастыбыта итинник сибиньиэс ыарахан тылларга тиһиллэннэр, ураты күүстээх иэйиилээх хоһооҥҥо кубулуйдахтара. Бэйиэт бар дьонугар тапталын күүһэ, ону сэргэ аһынар санаатын аймалҕана бу аҕыйах устуруокаларга бүүс-бүтүннүү этиллэн сылдьаллар.
Бэйиэт «Тугу туойабын?» хоһооно. «Туох туһун туймуулаан тускулаахтык туойуомуй?» диэн бэйиэт бэйэтигэр араас ыйытыктары биэрэн туран, тиһэҕэр маннык суолга тохтуур: /«Булгунньахтаах алааска /Бур-бур буруолаах, /Бутугас аһылыктаах /Боростуой саха /Кыһалҕата кыччыырын, /Эрэйэ чэпчиирин /Эйэҕэс эҕэрдэнэн /Эгэлгэлээн этэн, /Иһитиннэрэн сэргэхситиэм. /Үлэһит киһи үллэр-үөскүүр өрөгөйүн, /Кэлэр кэнчээри кэскилин /Кэрэ кэпсээммэр киллэрэн, /Кэмчиэрийбит киэлитин /Кэпсээн кэҥэтиэм. /Ырыган саха /Ыллыгын ыырын, /Ыйыстыбыт санаатын /Ырыабар ыпсаран, /Хоһооммор холбоон, /Саппахтаах санаатын сайыннарыам, /Саҥа саргыга салайыам».
А.И.Софронов, үөлээннээхтэрин, кинини үчүгэйдик билэр дьон ахтыыларыттан уһулуччу талааннааҕын сэргэ, ыраас дууһалаах, үтүө майгылаах, кимиэхэ эмэ куһаҕаны оҥоруохтааҕар буолуох, оннугу санаан да көрбөт, эҥкилэ суох сырдык киһи быһыытынан ылыныллар. Улуу талаан уонна киһилии үрдүк хаачыстыба мэлдьитин бэйэ бэйэлэрин ситэрсэн, толорсон биэрбэттэрэ үчүгэйдик биллэр суол. Алампа хоһоонугар эппитинии, /«Батталга баҕарар баһахтаах майгым, /Хопко куудьуйар хос санаам, /Киһини кирдиир кистэлэҥ кэмэлдьим суоҕа. /Аан дойду аймаҕын /Албын санаабынан алкыйан /Атаҕастаабыт аньыыбын /Адьаһын араарбаппын, /Үлүскэннээх күн /Үтүөтүгэр үлүһүйэн /Үктэбили үөскэппиппин /Өрүү өйдүөбэппин». Сиэр-майгы, майгы-сигили, чиэс-суобас өттүнэн Алампа эргиччи кэрэ киһи этэ диэхтээхпит. Ол ону билэргэ уонна билинэргэ, кини бэйиэсийэтин чуумпуга бүччүмнүк олорон, кэмиттэн кэмигэр ааҕа сылдьыахха наада.
Үрүҥ туллук эрэ мөлбөстүүр
Оттон собус-соҕотох тапталыгар, кыра да кыыркаҕа суох ып-ыраас сыһыана, күүстээх иэйиитэ уонна бэриниитэ барыта эмиэ хоһоонноругар этиллэн сылдьаллар. Тус бэйэтигэр дьолу аҕалбатах улахан таптала, бэйиэти көмүскэтин уутунан сууннаран, айар кылаанын сытыылаан, үйэлэргэ өлбөт-сүппэт бэйиэсийэ чулуу устуруокаларын биһиэхэ бэлэхтэттэҕэ. Өксөкүлээх Өлөксөй уола Реас Кулаковскай ахтарынан, саҥа хороччу улааппыт уол, тыаттан киирэн Алампаҕа түһүүлэнэр. Киэһэ утуйаары сыттахтарына Алампа: «Дуунньам барбыта…», — диэн баран кэхтэрэн, ах баран хаалар. Уол, киһитэ муннун сыҥсыйарыттан, ытаата диэн таайар.
5 сыл, бастаан Архангельскайга, онтон Уркуускайга сыылкаҕа сылдьан, эрэй-муҥ бөҕөтүн көрсөн, доруобуйатын бүтэһиктээхтик сүтэрэн кэлэн баран, уһаабатаҕа. Норуокка тарҕаммыт кэпсээнинэн, өлөөрү сытан, соҕотох тапталыгар: «Муҥ саатар, түннүгүм аттынан кэлэн, көстөн аастын», — диэн тиһэҕин көрдөһөн хаста да илдьиттээбит… Алампа бу сордоох таптала дуу, дьоллоох таптала дуу? Бука, эппиэтэ араас буолуоҕа.
«Бу мин тугу оҥорбут киһибиний?»
Алампа буруйа суоҕар буруйданан, чиччик киһи хобунан былааһы утары саагыбарга кыттыгастааҕынан ааҕыллан, сууттанан, уопсастыба тас өттүгэр этиллэн, сыылкаланан сылдьыыта, төрүкү уйаҕас дууһалаах киһиэхэ төһөлөөх уйулҕа, эт-хаан алларыйар, санаа-оноо сарбыллар охсуутун оҥорбутун биһиги кини хоһоонноруттан уонна «Аҕабар сурук» бэйиэмэтиттэн тумуһурдатыахпытын сөп./«Туһата суох туругуран, /Наадата суох хааман, /Кэскилэ суох кэлтэччи /Киһи аатырыах кэриэтэ, /Олорору ууратан /Огдолуйбут ордук». Ол эрэн, күн быстар, күһэҥэ туллар күнэ-чааһа тиийэн кэллэҕинэ, Алампа саха киһитин дьэбир хаана хааннанар: /«Ыйылыннары тардан /Ыйанар быабын /Ыраах бырахтым, /Хабарҕаны хайытар /Хатан биибин /Халбарыччы хаһыйдым…/Олоҕу кытта охсуһан /Олорору ордордум. /Күҥҥэ көҕүйдүм, /Сырдыкка ымсыырдым».
Алампа сыылкаттан дойдутугар кэлэн баран, күүһэ кыайарынан, чуолаан суруйар идэтинэн саҥа олоххо кыттыһа сатаабыта. Кэккэ кэпсээннэри, икки бийиэсэни суруйбута, нууччалыыттан тылбаастары оҥортообута. Суруйааччы сойууһугар хандьыдаатынан ылыллыбыта. Ааспыт үйэ 30-с сылларын ортолоро. Соҕуруу эрэпириэссийэ саҥа долгуна түллүбүт кэмэ. Хаайыылана, сыылкалана сылдьыбыт киһини ким да «сээн» диэбэт хабыр бириэмэ. Доруобуйата бүппүт, субу сотору өлөөрү сылдьар киһи төһөлөөх муунтуйара буолуой?!
Амма Аччыгыйа. «Киһи уонна Айымньы». Ахтыылар. А.И.Софронов. «П.А.Ойуунускайы дойдутугар этэҥҥэ эргиллэн кэлбитинэн уонна учуонай буолбутунан эҕэрдэлиир, киниэхэ бары үтүөнү баҕарар тыллар этиллэллэр.
Арай биирдэ, ким эрэ этэн бүтэрин кытта, Софронов, мин санаабар, өһүргэнэргэ оччо чуолкай төрүөтэ суох, уҥуоҕа хамнаабытынан, туран кэллэ уонна, куолаһа титирэстээн ыла-ыла саҥарталаан барда:
— Чэ, ити эмиэ мин куһаҕаным хостоноору гынна быһыылаах!.. Мин куһаҕаным тоҕо баранан биэрбэтий ити?! Дьиҥэ, мин тугу оҥорбут киһи сылдьабыный бу? Мин ону быһаартаран истиэхпин баҕарабын…Дьэ, ону этэн кулуҥ, эһиги миэхэ!».
Дьэ, диэх курдук! Алампа барахсан муҥатыйыан муҥатыйар. Ааспыт үйэ 50-с сылларыгар аата-суола ырааһырбытын үрдүнэн, былаас Алампаҕа сыһыаныгар мэлдьитин кэриэтэ сэрэхэчийии сибиэнэ син-биир баара. Биллэрин курдук, биһиги аан дойдуга саамай кырдьыктаах сууппут туох да буруйа суох киһини хайдах да сууттуон сатаммат. Суох! Булгуччу туох эрэ син биир баар буолуохтаах! Чуо, Алампаҕа, былаас өттүттэн, итинник бириинсибинэн салайтарыы суох этэ диэн этээччи баар дуо?
Мөккүөр суох, Алампа аата мэлдьитин ааттанара. Алампата суох саха уус-уран литэрэтиирэтэ баар буолуон хайдах да сатаммат. Ол да үрдүнэн, Алампа талааныгар, кини норуотугар ылар сүдү духуобунай оруолугар эппиэттиир барҕа бэлиэ күн бүгүнүгэр диэри суох диэхтээхпит. Бэл, төрөөбүтэ 125 сылыгар пааматынньык туруоруллубата. Бүгүн, Алампа бэйэтин оннугар: «Бу кини тугу оҥорбут киһиний?»- диэн хаттаан ыйытыаҕы баҕарыллар.
«Утуйа сытан баттаппыт» хоһоонтон. /«Кырдьык диэн тугуй? /Кырдьык – кыһыл көмүс, /Аат диэн тугуй? /Аан дойду албына…/Ким баттыыр? /Киһи…/Мин эмиэ киһибин…/Мин эмиэ киһибин…/Сырдыкта, сырдыкта!../Көҥүллэ, көҥүллэ!..».
Ыстапаан – куһаҕан кыдьык кулута
Алампа, Хотугу төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах омуктарга дьиҥ гуманист-суруйааччы убаастабыллаах уонна харыстабыллаах сыһыана сыһыаннааҕа кини айымньыларыттан көстөр. «Айаннаан сылдьыбыт бэлиэм» суоллааҕы уочарката баһыттан атаҕар диэри, хотугу киһиэхэ ытыктабыл сылаас тыынынан илгийэр. Хотугу омуктар сийиэстэригэр анаммыт «Кыра омуктарга эҕэрдэ» хоһооно «Кыым» хаһыакка бэчээттэммитэ.
Алампа үөрэх кинигэтигэр киирбит хрестоматия айымньыта – «Куораччыт» кэпсээн. Дьадаҥы, кыһалҕалаах олохтоох Уһун Ыстапаан төлүөхтээх иэстэриттэн ыктаран, хотонугар кыстаан турар сүөһүлэриттэн кытарах бургунаһын туттарга быһаарынар. Баара-суоҕа 4-5 бөдөҥ сүөһүлээхтэриттэн биирдэстэрин эмэтин туттуу, дьиэлээхтэргэ тарбахтарын быстар кэриэтэ ыарахан түбэлтэ буоларын, суруйааччы өһөн эрэр көмүлүөк уотунан, балаҕан дьиэ быстар дьадаҥы бараанынан, эрдии-ойохтуу дириҥ санааҕа баттаппыт санньыар туруктарынан хараастыылаахтык биэрэр.
«Куораччыт» кэпсээн, саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри, ааҕааччыга киһини аһынар, киһини харыстыы саныыр, киһи куһаҕан кыдьыгын хамначчыта буолар кылгас санаатыттан абатыйыы муҥун үөскэтэр. Ыстапаан киһи абааһы көрөр, сиргэнэр, сэтэриир дьоруойа буолбатах. Алампа, гуманист-суруйааччы, бэйиэсийэтигэр, дырааматыгар, прозатыгар киһини кэлтэйдии куһаҕаннык, адьырҕа оҥорон ойуулаабыта суох. Омсолоох өрүттэрдээх персонажтара даҕаны, хантан эрэ күөрэйбит монстрдар буолбатахтар. Бэйэҥ билэр киһиҥ, өссө ыалыҥ буолуон сөп. Ол бэйэтэ «олох оонньууругар» эрийтэрбит, сыыһа үктээн очурга оҕустарбыт, тэхтиргэ тэптэрбит эрэйдээх-буруйдаах буолуон эмиэ сөп. Алампа, «Хаайыылаах уонна умнаһыт буолартан киэр этинимэ» диир нуучча муудараһын билбэт бэйэлээх буолуо дуо. Билэрин уонна ылынарын ааһан, «киһи» диэн тыл дорҕоонноохтук иһиллэринэн, бары айымньытыгар киһини өрө туппут саха бастакы аарыма суруйааччыта буолар.
Оҕо эрдэххэ, куораччыт Ыстапааны, кини дьиэ кэргэнин аһынан, сүүлүктэри тос мааскаларын биэртэлээн, атахтарынан куоттартаан баран, остуолга өрөһөлөнө сытар кумааҕы харчыны Ыстапааҥҥа куду анньан биэриэҕи төһөлөөхтө баҕарылынна этэй?! Дьиэ кэргэн куораччыты кэтэһэр түбүгэ, эстибит эрэлэ, оҕолор барахсаттар оччугуйкаан эрээри, кинилэр тустарыгар туолбатах олохторун сүрүн үөрүүтүнэн буолуохтаах баҕа санаалара, ама, хайа ааҕааччы сүрэҕин тыыппатахтарай…
Уһун суолу быһа кэмсиммит-кэмэриммит, ытаабыт-соҥообут Уһун Ыстапаан сордоох хааттытын хаалларбыта буолуо дуо? Куораттан тахсыбыта ситэ биир ый ааһа илигинэ, собус-соҕотох атыыр тыһаҕастааҕын хааттыга сүүйтэрэн баран: «Кытта төрөөбүт кыдьык буоллаҕа, ону хайдах гыныллыай», — дии сылдьар сурахтааҕа…
Хас сырыы ахсын, санааны аймыыр, курутуйууну үөскэтэр кэпсээн түмүгүн аахтахпына, сиргэ силлиирбин бу баардыы өйдүүбүн.
Санаа туймуулара
«Айаннаан сылдьыбыт бэлиэм» (Эдьигээн улууһун олоҕуттан). Алампа, балыгынан эргинэр Кирилэ Дабыыдап (Испирдиэнэп) баайга сыстан, 14 сыл хас сайын аайы, балыксыттары кытта хоту Булуҥҥа киирсэн суоччутунан, балыгы тутааччынан үлэлээбитэ.
«Айаннаан сылдьыбыт бэлиэм» уочаркатыгар Булуҥтан Өлөөн өрүс төрдүгэр диэри 70 көс сири табанан айаннаан, аара олохтоох тоҥустарга тохтоон, хонон, ардыгар буурҕаҕа баттатан өрөөн ааспыттарын туһунан кэпсэнэр. Бу айаннарыгар Алампа чугас аймаҕа уонна доҕоро, саха биир кэрэхсэбиллээх интэлигиэнэ, этнограф, худуоһунньук, хаартыскаҕа түһэрээччи Петр Вонифатьевич Слепцов сылдьыспыт. Кинилэр ити айаннарын кэмигэр, саха уһулуччулаах учуонайа Гавриил Васильевич Ксенофонтов тоҥус былыргытын ирдээн кэлэн суруйа сылдьар кэмэ эбит.
«Бу дойду тоҥустарын олохторун майгыта барыта биир. Кинилэр хастыы даа ураһа буола-буола олороллор. Оннук чөмөххө баара-суоҕа биирдии-иккилии эрэ киһи булчут баар буолар, онтон атыттара бэлэм бултаммыты аһыы олорор дьон. Ол булчут тугу бултуурун бары үллэстэн сиэн олороллор. Булт суох буоллаҕына бары хоргуйа олороллор. Бултуур бултара диэн кыыл таба буолар, онтон атын булт диэн суох. Аһаан олорор астара эт эрэ, бурдук булбуттарын даа иһин, онтукалара өр барбат. Төһө даа буоллар, сиэн, дьоҥҥо сиэтэн, бүтэрэн кэбиһэллэр. Хаһаанар эҥинниир диэҥҥэ үөрэммэтэх суоллара».
Улахан суруйааччы суоллааҕы бэлиэтээһинигэр, бу дьиҥнээх айылҕа оҕолорун күннээҕи олохторун-дьаһахтарын майгытын таһынан, кинилэр өссө омук быһыытынан уратыйар өрүттэрин бэрт судургу тылларынан ойуулаан кэпсиир. Алампа бэйэтэ, оҕо буолан төрүөҕүттэн, эрэйи-муҥу көрбүтэ. «Дьадаҥыттан тахсыбытым» хоһоонугар, дэлэҕэ, /«Оҕо сааһым устатыгар /Ойуу-бичик олоххо /Оонньоон улааппатаҕым, /Атахпар туруохпуттан /Аһыыр айдааныгар /Алгыстаах күннэрбин /Аар-маардык аһарбытым», — диэн сүрдүк курутуйан хоһуйуо дуо. Ол быһыытынан, Алампаны дьадаҥы, быстарыктаах олоҕунан дьиктиргэтэр күчүмэҕэй дьыала буолуон сөп этэ.
Гуманист-суруйааччы аһыныгас сүрэҕэ күн улууһун бары дьонугар аһаҕас. «Төһө даа тымныыга, эрэйгэ үөрэммиттэрин иһин, маннык сиргэ утуйан, олорон, дьиэм диэн саас тухары олордохторо диэн санаан көрдөххө, дьэ, сүрдээх кытаанах суол. Маннык олоххо сылдьар эрэйдээхтэр илин өттүлэригэр туох эрэмньилээх, күүтүүлээх буолуохтарай. Биһиги курдук онтукабыт-мантыкабыт итэҕэс-быһаҕас диэн санааргыыр майгынын билбэт дьон, кинилэр дьоллоро ол».
Сиир эттэрэ суох буолан, хас да хонуктаах буурҕаҕа баттатан, оҕолуун-улаханныын аҥаардас сылбырхай уунан үссэнэн олорбут ыалга, таһынааҕы булчут киһи өлөрбүт бүтүн кыыл табатын өлүүлээн ыыппытын, барытын биирдэ сиэн, тотон-ханан көнньүөрэн олороллорун суруйааччы ойуулуур: «Кыыл өлөрөн, бүгүн тот эрэ буоллаллар, биһиги курдук итинтибит итэҕэс, мантыбыт быһаҕас, дьадаҥыбыт диэн санаарҕаабат, биһигиттэн туспа хааннаах дьон эбиттэр. Бары эрэмньилэрэ, баайдара-тотторо барыта – ити уҥуоргута-маҥааргыта көстүбэт таас хайалар кыыллара, дууһаларын таҥараҕа туттарбыт диир кэриэтэ дьон», — дии саныы турдум». Алампа, төрүт айылҕатынан, дьоҥҥо уһулуччу амарах, үтүө сыһыаннаах киһи, хайдах курдук хараастан, долгуйан, ону сэргэ туора омук бэрт боростуой эрээри, түҥ былыргы олоххо бөлүһүөпүйэтин сөҕөн-махтайан ити тыллары суруйарый!
Гуманист-суруйааччы Алампа күн тыкпат, силлиэлиин-буурҕалыын эриһэр, кыылы бултаабата да бүттүүн аччыктыыр кыһалҕалаах олохтоох хотугу омук туһунан дьиҥ ис сүрэҕиттэн маннык этэр: «Маннык хараҥа, кыараҕас дьиэҕэ хаһан эмэ күн уота былыт быыһынан тыгарын курдук үөрүү, дьол диэн киирэрэ буолуо дуо, манна син олох олордохпут диэн үтүөлээх-кутурҕаннаах буолан олороллоро сүрүн ньии диэн атын сиртэн кэлбит эрэ киһи саныах курдук. Онтон иһигэр киирэн билэн көрдөххө, ол дьиэ иһигэр олорор дьон син биһиги курдук саныыр санаалаах, үөрэрэ кэллэҕинэ үөрэр, курутуйар буоллаҕына курутуйар син дьонтон итэҕэһэ суох олоххо олордохпут диэн, муҥа-таҥа суох буолан саастарын тухары бу дойду кыыдааннаах тыалын кытта кырбаһан аһаан-сиэн, тотон-аччыктаан олорор дьон буолаллар эбит».
Алампа айымньыта бүттүүнэ киһини өрө тутар, киһиэхэ үтүө, харыстабыллаах сыһыаны баҕарар тыыннаах. Н.Н.Тобуруокап: «Литэрэтиирэни чинчийээччилэр эрэ буолбакка, сахалыы ааҕар киһи барыта Алампаны таптыыр, өрө тутар», — диир. Киһиэхэ киһи кэрэтин көрөр уонна ону булар суруйааччыны, дьон таптаабат буолуон табыллыбат.
Алампа айыы санаатын туһунан бу систиэмэлээхтик ырытан толкуйдаммыт суруйуу буолбатах. Сүрэх баҕатын, уһулуччулаах талааҥҥа сүгүрүйүү бэлиэтин көннөрү сурукка тиһии буолар.
«Ил Түмэн» парламентскай хаһыат, атырдьах ыйын 18 күнэ 2018 сыл.