Бүгүн Таатта улууһун Чөркөөх нэһилиэгэр Дмитрий Кононович Сивцев-Суорун Омоллоон төрөөбүтэ 115 сылыгар аналлаах үөрүүлээх тэрээһиннэр ыытылла тураллар. Манна «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын үлэһиттэрэ — сүрүн эрэдээктэр Татьяна Ильинична Жиркова, эппиэттиир сэкирэтээр Сардаана Анатольевна Матвеева кыттыыны ылаллар.
Бэлиэ күҥҥэ өрөспүүбүлүкэбит оҕоҕо аналлаах бастыҥ сурунаала «Чуораанчык» «Суорун Омоллон 9 олуга» диэн анал таһаарыыны сүрэхтээтэ. Бу анал таһаарыыга Чөркөөх орто оскуолатын үөрэнээччилэрин айар-чинчийэр үлэлэлэрэ тиһиллэн киирдилэр.
Биир оннук үлэнэн Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан Чөркөөх орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ Рада Харитонова Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон «Vom Zelt zum Haus» диэн Германияҕа Дармштадт куоракка немец тылынан бэчээттэммит кинигэтин туһунан суруйуута буолар. «Vom Zelt zum Haus» туруору тылбааһа «Балаҕантан дьиэҕэ» диэн суруйар Рада Харитонова. Кинигэҕэ былыргы түүр омуктан ситимнээх саха омуга илиитинэн тутан-хабан, мындыр толкуйунан айан хаалларбыт хас биирдии тутуулара дириҥ баай ис хоһооннооҕун туһунан суруллар.
Эдэр чинчийээччи үлэтигэр быһаччы көмөлөөх киһинэн Чөркөөх орто оскуолатын омук тылын учуутала Валентина Иннокентьевна Харитонова буолар. Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ В.Н.Харитонова маннык диэн тыл эттэ:
— Өрөспүүбүлүкэбитигэр улуу киһибитигэр Суорун Омоллооҥҥо аналлаах улахан тэрээһиннэр биһиги Чөркөөхпүтүттэн саҕаламмытыттан олус диэн үөрэбит уонна долгуйабыт. Бу сайын «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын сүрүн эрэдээктэрин Татьяна Ильничнаны кытары билсиһэн, кинини кытары сибээстэһэммит, үлэлэрбитин ыытан, үбүлүөйдээх сылга Суорун Омоллооҥҥо анаммыт анал таһаарыыга оҕолорбут үлэлэрэ киирдэ. Онон «Кэскил» кыһа бары үлэһиттэригэр барҕа махталбытын тиэрдэбит. Биһиги, учууталлар, суруналыыстар бары биир санаанан үйэтитиигэ үлэлиибит.
Чөркөөх орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ араас таһымнаах олимпиадаларга, конференцияларга кытталлар, бу барыта учууталлар уонна төрөппүттэр өйөбүллэринэн үтүө түмүк уонна ситиһии тахсар. Тыа учууталлара үлэбит элбэх, онон инникитин «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын кытары бииргэ үлэлэһэ сылдьыахпыт диэн эрэнэбин.
Тус бэйэм, оҕом үлэтэ үйэтитиллэн хаалбытыгар, сыалай икки балаһаҕа тахсыбытыгар, олус диэн үөрэн туран махталбын тиэрдэбин. Биһиги дьиэ кэргэнинэн Дмитрий Кононовиһы кытары эмиэ сибээстээхпит. Биһиги дьиэ кэргэн булчут аҕалаах буолан, Суорун Омоллоон аҕабытын кытары бииргэ тыаҕа бултаан-алтаан сылдьаллара. Ол иһин Дмитрий Кононовиһы наһаа чугастык уонна истиҥник саныыбыт, ахтабыт.
Рада Харитоноваҕа бу үлэтин иһин «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатыттан туоһу сурук туттарылынна. Туоһу суругу эппиэттиир сэкирэтээр Сардаана Анатольевна Матвеева үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда.
Эҕэрдэлиибит!
Суруйда Анна СЛЕПЦОВА.