Быйыл сайын ыытыллаары турар «Азия оҕолоро» VIII Норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньууларга Кэбээйи улууһун Мукучу нэһилиэгин «Хапсаҕайын түһүлгэтиттэн» СӨ үтүөлээх тренерэ М.В.Иванов эрчийэр икки хапсаҕайдьыта кыттарга элбэх күрэхтэһиини ааһан, бу саас путевка ылан бэлэмнэнэ сылдьаллар.
И.Е.Левин аатынан Танара орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччилэрэ Марк Антонов, (кини Бүлүү Лөкөчөөнүттэн кэлэн үөрэнэр), Олег Кононов – (Кэбээйи I Лүүчүнүттэн). Уолаттар иккиэн спортоскуола интернатыгар олороллор.
Мин бүгүн Дьиэ кэргэн күнүгэр анаан кинилэри кытта кэпсэттим. Уолаттар иккиэн элбэх оҕолоох ыалга төрөөбүттэр. Ол курдук Марк, 5 оҕотттон орто оҕо. Олег, 7 оҕоттон сэттис оҕо. Марк ийэтэ кулуупка үлэлиир, аҕата – Лөкөчөөн олохтоох дьаһалтатыгар мас кэрдэр эбит. I Лүүчүн Кононовтара элбэх сүөһүнү, сылгыны туталлар. Олег сайын дьонугар оттоһорун, илиинэн да, дойканан да ынах ыырын ахтан аһарда.
— «Азия оҕолоро» Норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньууларга кыттаары элбэх тургутууну аастаххыт. Бастаан бу сылга ханнык турнирдарга кыттыбыккытын билиһиннэриҥ.
Олег: — 55 киилэҕэ тустабын. Күүстээх Ылдьыын, Быыкалыырап күрэхтэһиилэригэр 1 миэстэ буолбутум. “Азия оҕолорун” сүүмэрдиир турнирыгар Дьокуускайга 1 миэстэ, уонна Татарстаҥҥа Казань куоракка Россия чемпионатыгар сумоҕа 3 миэстэ буолбутум.
Марк: — 45 киилэҕэ тустабын. Күүстээх Ылдьыыҥҥа – 3 миэстэ, Быыкалыырапка – 2 миэстэ. “Азия оҕолорун” сүүмэрдиир турнирыгар Дьокуускайга 1 миэстэ буолбутум.
— Эрчиллиигит хайдах ааһарый?
Олег: — Күн аайы 5.30ч. эрчиллэбит. Суббота, өрөбүл сынньанабыт. Интернаппытыттан чугас. Мин интернакка үһүс сылбын, Марк иккис сылын олоробут.
— Эрчиллииттэн ураты иллэҥ кэмҥитигэр тугунан дьарыктанаҕыт?
Марк: — Манна кулуупка буолар киинэлэргэ, концертарга сылдьабыт, мультиктары көрөбүт, уруокпутун ааҕабыт. (Марк — оскуола туйгун үөрэнээччитэ К.Н.).
— Бастакы тренердэргит кимнээхтэрий?
Марк: — Мин бастаан Лөкөчөөҥҥө эрчиллибит тренерим — Яковлев Евгений Андреевич.
Олег: — Мин Баҕадьаҕа Иванов Никита Дмитриевичкэ эрчиллибитим. Бэйэм эмиэ эрчиллээччибин.
— Улааттаххытына туох идэлээх дьон буолуоххутун баҕараҕыт?
Марк: — Чуолкай ханнык идэни таларбын билбэккэ сылдьабын, үчүгэй хамнастаах үлэһит буолуохпун баҕарабын.
Олег: — Мин физкультурнайга туттарсыам.
Эһиилги үөрэх дьылыгар туох былаанааххыт?
Иккиэн: — Эһиил 9 кылааска эмиэ манна үөрэниэхпит.
Олег: — Бу ыам ыйын 20 күнүгэр Дьокуускайга бараары олоробут. Салгыы Улан – Баторга Монголияҕа хапсаҕайга Международнай күрэхтэһиигэ кыттыахтаахпыт. Онтон от ыйыгар “Азия оҕолоро”күрэхтэһии 10 күн устата буолар. Чуолаан ханнык күннэргэ хапсаҕай буолара билигин биллэ илик. Күһүн “Саха — Арена” – диэн республиканскай улахан дьон күрэхтэһиитигэр кыттар баҕалаахпын.
— Уолаттар, кэпсээҥҥит иһин махтанабын, улахан, эппиэтинэстээх күрэхтэһиилэргэ ситиһиилэри баҕарабын!
Урукку сылларга «Азия оҕолоро» спортивнай оонньууларга тренер М.В. Иванов иитиллээччилэрэ: 2012с. Никита Иванов (46кг.) 3 миэстэ, 2016с. Петр Степанов (50кг.) 4 миэстэ, 2022с. Владивосток куоракка Слава Ноговицын (50 кг.) 1 миэстэ буолбуттара.
Хапсаҕайдарын оскуолатын, бүттүүн Өрөспүүбүлүкэ аатыттан күүскэ киирсэн бу улахан түһүлгэттэн кыайыылаах кэлбиттэрэ.
Уолаттар сүрдээх боччумнаахтар, эппиэтинэстэрин өйдүүллэрэ биллэр. Элбэх, уустук тургутуулары ааспыккыт, күннэтэ эрчиллиигит күүскүтүгэр күүс, ураты түргэн толкуйу эптин. Ийэ айылҕабыт, сэрэбиэйгит биллин, көмөлөстүн диэн алҕыы хаалабыт!
Ксения НОВИКОВА, Мукучу, Кэбээйи