«Азия оҕолоро» VIII спортивнай оонньуулар күрэхтэрин чэрчитинэн Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай үнүбэрситиэт айылҕа үөрэҕин факультеттарын куорпуһугар саахымакка күрэхтэһии буола турар.
Саахымакка күрэхтэһиилэр бэс ыйын 26 күнүттэн саҕаламмыттара. Турнир швейцарскай систиэмэнэн 9 туурунан ыытыллыаҕа. Бүгүн ахсыс турдара буолла. Сарсыҥҥы бутэһик турдарыгар кыайыылаахтар биллиэхтэрэ.
Саахымат — ускусстубаны, билими уонна успуорду дьүөрэлээн илдьэ сыдьар оонньуу буолар. Азия оҕолоро спортивнай оонньуулар бырагырааммаларыгар 1996 сылтан баар.
Саахымат күрэхтэһиитигэр 19 уол уонна 15 кыыс Бахрейн, Казахстан, Кыргызстан, Монголия, Палестина, Узбекистан, Уһук Илин, Сибиирдээҕи, Урааллааҕы уонна Москубатааҕы федеральнай уокругтартан кэлэн кытта сылдьаллар. Сахабыт сирин хамаандаларын бу көрүҥҥэ 6 оҕо көмүскүөҕэ.
Саахымат күрэҕин сүрүннүүр судьуйата Михаил Крюков швейцарскай системанан хайдах оонньуулларын быһаарда:
— Швейцврскай систиэмэнэн оонньооһуҥҥа тэҥ очколаах кыттааччылар хас биирдии тур кэннэ жеребъевкалыыллар. Ол эбэтэр, ким да туораабат, кыайбыттар кыайбыттары кытары оонньууллар, хотторбуттар хотторбуттары кытары. Түмүккэ элбэх очколаах оҕо кыайар.
Интэриэһинэй чахчы: Саахымат турнирдарыгар спортсменнар биир эрэ илиилэринэн оонньуохтаахтар уонна хаамыыны оҥорбут илиилэринэн бириэмэлэрин баттыахтаахтар.
Атриум иһэ уу чуумпу. Улаханнык саҥарар, кэпсэтэр көҥүллэммэт. Төлөпүөннэри араартараллар, хаартыскаҕа түһэртэрбэттэр. Олорон эрэ саҥата суох көрөр эрэ көҥүллэнэр.
Харысхан Андреев, Сандаара Поскачина
Оҕо пресс-киинин кэрэспэдьиэннэрэ
1