Ахсыс «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньуулар түмүктэннилэр!
Оонньулары атаарыы сиэрэ-туома «Туймаада» стадиоҥҥа от ыйын 6 күнүгэр ыытылынна. Манна бары спортсменнар, кыттыылаахтар, көрөөччүлэр үөрэ-көтө муһуннулар. Барыта 24 дойдуттан 30 хамаанда кыттыыны ылла. Уопсай түмүккэ маҥнайгы миэстэ — Узбекистан, иккис —Сибиирдээҕи уокуруг, үһүс — Беларусь хамаандата. Эҕэрдэ тылларын тиэртилэр Шехруз Салимов 48 киилэҕэ диэри тхэквондоҕа Узбекистантан чөмпүйүөнэ, Арассыыйа Бырабыыталастыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Дмитрий Чернышенко, Ил Дархаммыт Айсен Сергеевич Николаев уонна «Азия оҕолоро» комитет салайааччыта Владимир Максимов.
Айсен Сергеевич: «Истиҥ махталбын тэрийээччилэргэ, волонтёрдарга, тренердарга уонна судьуйаларга, култуурнай бырагыраама кыттыылаахтарыгар, ис сүрэхтэн ыалдьыбыт, Дьокуускайга ыытыллыбыт «Азия оҕолоро» оонньуулар оҕо спортивнай бырааһынньыга буоларыгар кыттыспыт дьоннорго тиэрдэбин».
Дмитрий Чернышенко: «Оонньуулар номнуо 8 сылын ыытыллаллар, бу уһун сыллар, Дьокуускайга айыллыбыт тэрээһин чахчы норуоттар икки ардыларынааҕы, аан дойдутааҕы буолалларын туоһулууллар».
«Азия оҕолорун» былааҕын таһаарар чиэскэ көрүҥнэринэн кыайыылаах оҕолор тигистилэр. Ол курдук, хапсаҕайга кыайыылаах Сибиирдээҕи уокуруктан Монгуш Сухбат, дзюдо көрүҥэр бастаабыт Казахстантан Кабдешов Бакдаулет, боксаҕа кыайыылаах КНДР-тан Чон Ун Ген, чэпчэки атлетикаҕа үһүс миэстэлээх Рахмонова Шодиена, греко-римскай тустууга кыайыылаах Токтогулов Нурислам, сахалыы ыстаҥаҕа иккис миэстэлээх Максим Семёнов.
Сабыллыыны үҥкүү ансаамбыллара уонна сахабыт эстрадатын сулустара киэргэттилэр. Стадион иһигэр ил-эйэ уонна доҕордоһуу атмосферата улахан этэ. «Азия оҕолоро» аан дойдуну араас өттүттэн көрдөрөр, саҥа үүнэн-сайдан иһэр оҕоҕо эрэли биэрэр, үрдүк кыайыыларга кынаттыыр.
Түмүгэр ыҥырыылаах ыалдьыт ыллаан-туойан, үҥкүүлээн ааста. Хедлайнер ырыаһыт «NILETTO» астынна, дуоһуйда, дьону дьоллотто. Сүрүнэ диэн ыраахтан-чугастан кэлбит ыалдьыттар үөрүү аргыстаах уонна илии тутуурдаах бардылар.
Аны тохсус «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы оонньууларга 2028 сылга көрсүөхпүт!
Анжелина Жданова, оҕо пресс-киинэ.