“Бэйэҕит сирэйгитинэн сылдьаҕыт”
Кореяҕа олорор билэр кыыһым хаһан эрэ Дьокуускайга кэлэ сылдьан:
— Дойдум дьоно барахсаттар бары бэйэҕит сирэйгитинэн сылдьаҕыт! — диэн дьиибэ баҕайытык этэн турардаах. Мин туох диэбитин сатаан өйдөөбөккө:
— Ол аата хайдах «бэйэбит сирэйбитинэн» диэн? Бэйэбит киэнэ буолбакка,— диэбитим.
— Оттон бары «естественнэй» баҕайыгыт дии. Айылҕа хайдах биэрбитинэн. Антах Кореяҕа ыччат үксэ пластическай эпэрээссийэлээх. Тас дьүһүннэригэр болҕомтолорун наһаа уураллар. Уолаттара оннооҕор маникюра-педикюра суох табыллыбаттар.
Ити кэпсэтииттэн ыла уонча сыл ааста. Ити кэм иһигэр саха ыччата биллэ уларыйда. Инстаграмы көрө-көрө, үтүктүһэ-үтүктүһэ, уос-тиис, хаас-кыламан, түөс-эмэһэ, о.д.а. эттэрин чаастарын оҥорторор, уларытар буоллулар. Этэргэ дылы, «бэйэлэрин сирэйдэрин» сүтэрэн эрэллэр. Ол эбэтэр пластиканан үлүһүйүү биһиэхэ эмиэ саҕаланна.
Тугум уларыйбытый?
Итинник диэбитинэн миигин бүгүн 18-таах устудьуоҥка балтым көрүстэ.
— Уларыйбатахпын дуо? «Европеизация» оҥортордум дии. Урут наар скотч курдук бэлэм биини ырыынактан ылан сыһыарынарым. Ол үрдүнэн, бээ, өссө кыламан килиэйдиирим. Сайын онтукабыттан аллергиялаан, хараҕым дэлби кытаран, халтаһам иһэн хаалбыта. Ол иһин бу күһүн 32 тыһыынчаҕа эпэрээссийэлэттим.
— Ыалдьыбат дуо?
— Киэргэнэр баҕалаах киһи ол ыарыытын туһунан саныам баара үһү дуо? Анестезия укуолун туруорбуттарын кэннэ, дьэ, биирдэ куттаммытым. Төбөм тоҥон хаалбыт курдук буолбута. «Уой, абыранаары алдьаммат инибин?» диэн долгуйуу бөҕөтөбүн. Дьиҥэр, улахан ыарыыта суох. Начаас оҥороллор, 40-ча эҥин мүнүүтэ быһыылаах. Бастаан халтаһаҕар сурааһын уруһуйдууллар. Онтон ол суолунан быһа сотон, тириигин хайыталлар. Ол кэнниттэн төттөрү ону хам тигэн кэбиһэллэр. Бүттэ.
— Төһө өр оһоруй?
—Арааһынай. Сорохтор ыйы быһа эрэйдэнэллэр эбит. Ортотунан 2-3 нэдиэлэ курдук. Бастакы күн хараххын кыайан аспаккын. Тымныыны тутан баран сытаҕын. Сарсыныгар сиэркилэҕэ көрүнэн баран, бэйэҕиттэн соһуйаҕын: халтаһаҥ салтаччы иһэн, көҕөрөн-кытаран, үүт-үкчү кырбаммыт киһи курдуккун. Нэдиэлэ курдугунан тикпит сииктэрин (шов) ылаллар, оччоҕо дарбайбытыҥ сыыйа-баайа тардан барар.
—»Красота требует жертв», — диэн итини этэн эрдэхтэрэ. Эпэрээссийэ кэнниттэн олоҕу көрүүҥ, дьоҥҥо сыһыаныҥ, майгыҥ, бэйэҕин ылыныыҥ, чэ быһата, «самооценкаҥ» эҥин уларыйда дуо?
— Билбэтим… Арай кырааската суох сылдьар буоллум….
Ымпыгын-чымпыгын үөрэтиҥ
Хараҕы хирург скальпелын көмөтүнэн кылдьыылыыр ньыманы аан бастаан дьоппуоннар айбыттар. Ону медицинаҕа «блефаропластика» диэн ааттыыллар. Оттон норуокка — «европеизация».
Бу эпэрээссийэ хараҕын баттааһына үрдүк, глаукомалаах, катаракталаах, кератиттаах, саахар ыарыылаах, эпилепсиялаах, анемиялаах уонна эмкэ аллергиялаах дьоҥҥо көҥүллэммэт. Ол иһин бастаан, оҥорторуоххутун иннинэ, доруобуйаҕытын көрдөрүнүөххүтүн, уопсай туруккут туһунан ыспыраапканы ылыаххытын наада. Ону булгуччу ирдииллэр.
Аны туран, эпэрээссийэҥ табыллыбатах буоллаҕына, аҥаардастыы бырааһы буруйдуур быраабыҥ суох. Тоҕо диэтэххэ, дуогарбаргар «толорооччу (оҥорор клиникаҥ) уонна сакаасчыт (эпэрээссийэлэнээччи) иккиэн тэҥ эппиэтинэһи сүгэллэр» диэн сурулла сылдьар. Ол иһин усулуобуйаларын сыныйан ааҕан, ымпыгын-чымпыгын үөрэтэн баран, биирдэ илии баттыыр буолуҥ.
Төрөппүт сөбүлэҥэ баар эрэ буоллаҕына
Кэлиҥҥи кэмҥэ пластическай эпэрээссийэни оҕолор оҥортороллоро үксээбит: кулгаахтарын даллаҕарын кыччаттараллар (отопластика), муннуларын көннөртөрөллөр (ринопластика), харахтарын биилэтэллэр (блефаропластика). Ити ааттаталаабыт эпэрээссийэлэрбин Дьокуускай куорат салоннарыгар, республикатааҕы балыыһа ЛОР уонна ЧЛХ отделениеларыгаргар, чааһынай поликлиникаларга оҥороллор. Биллэн турар, төлөбүрдээх.
Өйдөө: төрөппүт суругунан сөбүлэҥэ баар эрэ буоллаҕына, оҕолору эпэрээссийэҕэ көҥүллүүллэр. Онто суох, төһө да элбэх харчылаах буол, эйигин төрүт чугаһаппаттар.
Бэйэҕин хайдах бааргынан таптаа
Психологтар этэллэринэн, бэйэлэригэр эрэммэт, хайдах баалларын ылыммат, олоххо тус суолларын, аналларын булбатах, бэйэтин үчүгэйдик санаммат дьон тас дьүһүннэрин уларыта сатыыллар үһү. «Баҕар, кини аатырбыт артыыс да буоллун, биитэр «мисс» күрэҕин кыайыылааҕа да буоллун — син биир дьиҥ төрүөтэ онно сытар. Ол ситиһиитэ, аата-суола, кэрэ дьүһүнэ диэн тас көстүүтэ, дуйа эрэ буоллаҕа дии. Ис-иһигэр киирдэххэ, бэйэтин итэҕэстээх курдук сананар, бэйэтиттэн төрүт астыммат буолуон сөп. Ол иһин бу илэ баарынааҕар өссө ордук буолаары, кини итинник хардыыга күһэллэр», — диэн быһаараллар киһи уйулҕатын үөрэтээччилэр.
Ол эрээри, оһолго түбэһэн эчэйбиттэр, туох эрэ дьиэктээх , итҕэстээх төрөөбүттэр итинник быһаарыныылары ылыналлара оруннаах.
Оттон эн, доҕоор, бэйэҕин таптаа, хайдах бааргын ылын. Тоҕо диэтэххэ, айылҕа хайдах эйигин чочуйан айбыта — ол эн уратыҥ, ханна да хатыламмат тус кэрэҥ буолар.
Бэлэмнээтэ Анисия Иевлева.