Атырдьах ыйа кэп түһэр бириэмэтэ буолар. Ол аата, дьиҥ уонна кырдьык илэ биллэр бириэмэтэ. Атырдьах ый таҥарата — Аан Дьааһын. Кини суолтата — дьиҥи харыстааһын.
Атырдьах ыйа киһиэхэ кырдьыгы биллэрэр. Ону билэр киһи сыыспат. Оҥорорун барытын табар. Ол иһин бу ыйы кырдьыктаах олох ыйа диэн ааттыыллар.
Төрүт үгэс. Сиэр-туом
Аан Дьааһын алтыс халлаан айыыта. Биир курдук эрээри, сэттэ дьүһүннээх. Сэттэ ини-бии буолан көстөр: 1.Аан Хаан, 2. Ситим хаан, 3.Тыын Хаан, 4. Киэҥ Хаан, 5. Сырдык Хаан, 6. Ыраас Хаан, 7. Күөгэл Хаан.
Бу халлааҥҥа дьиҥ төрүттэнэр, кырдьык кылбайар. Оннук алгыһы Аан Дьааһын илдьэ сылдьар.
Алгыһа
Алыас, алыас, алыас!
Аан дойду арчыһыта,
Күн сирин сүлгүөрдьүтэ,
Кырдьыгы кылбатааччы,
Дьиҥи килбэтээччи,
Көлдьүнү көтүтээччи
Айыы быатын туттарааччы,
Сүрдээх-кэптээх
Аан Дьааһын эһэбит,
Бэттэх көрөн
Мичик гын!
Дом.
Ойуута: Дүҥүр. Бу Айыы тыаһын көрдөрөр бэлиэ.
Сүрүннүүр тыла: Алыас. Айыы санааҕа бу ырааһыр диэн суолталаах.
Кэп. Дьиҥ көстөрө кэп буолар. Дьиҥ хаһан да толору көстүбэт. Тоҕо диэтэххэ, дьиҥи барытын билэргэ кыах тиийбэт. Кэп үчүгэйдээх да, куһаҕаннаах даҕаны. Киһи үчүгэй да, куһаҕан да кэби кэтэр. Ол аата ханнык баҕарар уобараска – киэпкэ киириэн сөп. Холобур, оскуолаҕа кэлбит оҕо үөрэнээччи дэнэр. Ол аата оскуола ирдэбилигэр сөп түбэһиэхтээх. Дьиэтигэр кэллэҕинэ, ыал оҕото, сиэнэ, убай, быраат буолуохтаах. Кэп наһаа элбэх кээмэйдээх.