Бу ый алтыс халлаан айыыта Аан Дьааһын тойон сэһэнэ сэһэргэнэр.
Атырдьах ыйын 1 чыыһылата. Иччи уонна айыы ситимин бигэргэтэр сиэрбит «Уу дьулайгынан иһит, долоҕойгор тохтот” диэн.
Иччи уонна Айыы ситимин бигэргэтэр туом “Уу тумуй күн”.
Бу туому айылҕаҕа толороллор. Илин диэки унаар салама ( кылтан өрүллүбүт быа) тардыллар. Салама аттыгар сылгы киитин уматан үрүҥ унаар тэнитиллэр. Улахан кытыйаҕа уу кутан дьалкыйбат, тохтубат гына ууруллар. Бу кэнниттэн туом алгыһа саҕаланар.
-1-
Дьээ-буо !
Алака-чалака!
Дьиҥнээх, кырдьыктаах олох
Айыыта Аан Дьааһын тойон
Үрүҥ тыына үрүҥ былыт буола
Бэттэх буол.
Үрүҥ сылгы
Үүт маҥан кылынан
Күндүлээн эрэбин
Айхал, айхал, айхал.
-2-
Дьээ!
Алам-чалам !
Уу тумуй турук иччитэ
Уу Луо Хаан тойон
Үрүҥ былыты
Үрүҥ күлүк гына
Бэттэх буол.
Мичик аллай,
Истэ сэргэҕэлээ,
Арыылаах саламаатынан
Айах тутан эрэбин.
Ытык тылбын ыл,
Сүҥкэ тылбын көтөх.
Дуом айхал.
-3-
Көхсүттэн көнтөстөөх
Күн өркөн ууһа,
Арҕаһыттан тэһииннээх
Айыы хаан аймаҕа
Арыаллаһар аналлаах
Айыы санааны арыйан
Ааттаан-тускулаан
Маннык диэн
Аманыйан эрэбит.
-4-
Орто дойду
Улай дьэҥкэ киинигэр,
Иитиллэн үөскээбит
Ийэ сирбит иэнигэр,
Төрүөн төлөһүйбүт
Төрүт дойдубут түөлбэтигэр
Харым уутунуу харыһыйар,
Көмүскэл уутунуу көмүскүүр
Дьиҥнээх олохпут дьиэрэҥэ,
Кырдьыктаах олохпут күөрэгэйэ
Күндэлэс күн буола өрө күөрэйдин,
Көй сабаан салгыҥҥа көҥүллүк
Көтө дайдын.
Дом.
Алгыс бүппүтүн кэннэ туомньут кытыйаҕа баар ууну хамыйаҕынан баһан дьон ытыһыгар кутар. Ол ууну дьон уу дьулайыгар бистэр. Манан туом бүтэр.
Ааптар: Анатолий Павлов — Дабыл