Ийэбит өлбүтэ 2 сыл буолла. Аҕабытын кытта бэйэбит олорбуппут. Эдьиийим биһикки иккиэн улахан кыргыттар буоламмыт, дьиэни-уоту үчүгэйдик көрөбүт, аһы сатаан астыыбыт. Оннук үһүөн ньир бааччы син олоруо этибит да, быйыл сайын аҕабыт соһуччу баҕайытык ойох ылан соһутта. Сураҕа, таһараа ыалбыт ийэлэрэ суорумньулаабыт үһү.
Саҥа эдэр кэргэнин дьиэбитигэр киллэриэҕиттэн ыла бэйэ-бэйэбитигэр сыһыаммыт тосту уларыйда, балаһыанньа тыҥааһыннаах буолла. Биир бэйэм аҕам ити быһыытын таҥнарыы курдук ылынабын. Ийэбит суох буолла да, саҥаны булла диэн хомойобун. Ол дьахтар сыбыс-сымыйанан ийэ буола сатыыр. Онтон өссө эбии ньиэрбинэйдиибин. Кини син биир мин ийэбин солбуйуо суоҕа…
Д.
Дьиэ кэргэн уонна ыччат социальнай-психологическай өйөбүлүн киинин психолога Эмма Алексеева:
— Соһуччу буолар түгэҥҥэ, түбэлтэҕэ, быһыыга-майгыга киһи эрэ барыта бэлэм буолбат. Өскөтүн аҕаҕыт эһиэхэ эрдэттэн сэрэтэн, аа-дьуо сыыйа билсиһиннэрэн испитэ эбитэ буоллар, маннык өйдөспөт буолуу түбэлтэтэ тахсыа суоҕа этэ.
Биллэн турар, саҥа киһини дьиэ кэргэн чилиэнин быһыытынан ылынарга бириэмэ наада. Күн-дьыл аастаҕын аайы, сыыйа сыһыаҥҥыт сылыйан, үчүгэй өттүгэр уларыйыан сөп. Ити барыта бэйэҕититтэн (эйигиттэн, эдьиийгиттэн, аҕаҕытыттан, саҥа ийэҕититтэн) тутулуктаах. Дьиэ кэргэҥҥит бигэ туруктаах, иллээх, эйэлээх эйгэлээх буоларын туһугар хас биирдиигит кыһаллыахтаах: биир тылы булуохтааххыт, бэйэ-бэйэҕитин тулуйа, өйдүү сатыахтааххыт, ытыктабыллаахтык сыһыаннаһыахтааххыт.
Эһиги сотору оскуолаҕытын бүтэрэн, атын сиргэ үөрэнэ барыаххыт, ыал буолуоххут. Аҕаҕыт оччотугар соҕотох хаалар дуо? Бэйэмсэх санааны, күнүүлүүр кыдьыгы, кыйаханар кэмэлдьини киэр гынарыҥ ордук. Тапталлаах төрөппүтүҥ олоҕун эмиэ оҥостуохтаах, кини онно бырааптаах. Аҕаҕыт төрөппүт ийэҕитин умнубатаҕа чахчы, иһигэр саныыр, ахтар буолуохтаах. Ол эрээри инньэ диэн ытыы-соҥуу сылдьыбат буоллаҕа эбээт. Сахаларга «Өлбүтү кытта өлбүт суох» диэн этии баар. Олох салҕанар. Онон аҕаҕыт аймалҕана-аһыыта ааһан, олох олорорго соруммутун өйдүөх тустааххыт. Суруккуттан сылыктаатахха, кэргэнэ эһиэхэ ийэ буоларга бэлэм курдук. Бэрт дии, онтон үөрүөх эрэ тустааххыт. Кытаатан өйдөһө сатааҥ, баар-суох чугас киһигитин, аҕаҕытын, хомотумаҥ.