Мин Чурапчы улууһун В.С.Соловьев –Болот Боотур аатынан Хатылы орто оскуолатыгар IV кылааска үөрэнэбин. Кыра эрдэхпиттэн пластилинынан ону-маны оҥорон оонньуурбун сөбүлүүбүн.
Биһиэхэ Хатылыга өрөспүүбүлүкэҕэ соҕотох “Көһөрүү” мусуойа баар. Мин ийэм онно үлэлиир буолан, элбэхтэ сылдьабын. Кэмиттэн кэмигэр кылааһынан эмиэ баран көрөөччүбүт. Ол сылдьан, мусуойу олус интэриэһиргээбитим. Онно көһөрүү дьоно илдьэ сылдьыбыт, туттубут экспонаттара бааллар. Сэбиэдиссэй Марфа Владимировна Чичигинарова экскурсиятын сэҥээрэ истэн, бэйэм оҥоһук оҥорорго санаммытым.
Мин оҥоһугум матырыйаала – пластилин. Иллэҥ кэммин туһанан, ый курдугунан бүтэрбитим. Манна дойдум дьоно дьиэлэрин-уоттарын, төрөөбүт алаастарын хаалларан, көһөн иһэр панорамалара көстөр. Кырачаан оҕолор барахсаттан оонньуурдарын да ылбакка, ханна баран иһэллэрин да билбэккэ, айаҥҥа туруммуттар. Аллараа Бэстээххэ диэри оҕустаах сатыы тиийбиттэр. Уопсайа, үс күн эрэ көспүттэр эбит.
Маны көрөн оҕолор Чурапчы көһөрүүтүн туһунан интэриэһиргээн, билэ-көрө сатыахтара диэн эрэнэбин. Ама да ааспытын иһин, ол дьулаан кэми умнумуох тустаахпыт. Төһө кыах баарынан биһиги мусуойбутун кэлэн көрүҥ диэн ыҥырабын.
Арылхан Кузьмин.