Үс сыллаах ситиһиилэрбинэн куонкуруска хапсан, Бүтүн Россиятааҕы «Артек» лааҕырыгар сынньанар дьолго тигистим. Өссө үөрүүлэҕэ диэн биир бастыҥ дьүөгэбиниин бииргэ сынньанным. Биһиги «Янтарнай» диэн этэрээккэ сырыттыбыт.
Быйыл «Артек» лааҕыр төрүттэммитэ 97 сылын туолла. Онон биһиги үгүс үрдүк таһымнаах тэрээһиннэргэ сырыттыбыт, кытынныбыт. Урукку сыллардаах артековецтар эҕэрдэлэрин көрдүбүт.
Биир чаҕылхай түгэнинэн улахан кэнсиэргэ кыттар чиэскэ тиксибиппит буолар. Мин норуот ырыатын ыллаатым, Саргылаанам кыталык үҥкүүтүн толордо. Иккиэн лауреат үрдүк аатын сүктүбүт.
Лааҕырбыт олоҕор көхтөөх кыттыыны ыллыбыт. Төрөөбүт Сахабыт сирин туһунан элбэҕи кэпсээтибит, көрдөрдүбүт. Араас омук оҕолорун кытта бодорустубут. Хара муораҕа астына сөтүөлээтибит,
«Артек» курдук доҕордоһуу киэҥ туонатыгар сылдьыбыппынан киэн туттабын.
Сардаана Дедюкина, «Кыраһа» пост.
Ытык Күөл 1 №-дээх оск.