Соторутааҕыта тыа сирин уонна дьоҕус куораттарын оскуолаларын үөрэнээччилэригэр аналлаах «Агро НТИ-2020» Россиятааҕы куонкуруска өрөспүүбүлүкэ үөрэнээччилэрин хамаандата аан бастаан кыттан, тута 2-с миэстэни ылан, үрдүк ситиһиилэннэ. Өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүмэҕин тэрийэн ыыппыт АГАТУ ректорын эбээһинэһин толорооччу Константин Кривошапкин өрөспүүбүлүкэҕэ оҕолору цифровой эйгэҕэ, саҥа технологияҕа бэлэмнээһин утумнаахтык барарын түмүгэр биһиги хамаандабыт кыайыыга тиийбитин бигэргэтэр.
— Константин Константинович, «Агро НТИ” куонкурус сүрүн сыала, соруга тугуй?
— “Агро НТИ” (НТИ — национальная технологическая инициатива) — Россия тыа сирин уонна дьоҕус куораттарын оскуолаларын үөрэнээччилэригэр аналлаах куонкурус. 5-11 кылаастар кытталлар. Бу тыа оҕолоро үөрэххэ, цифровизацияҕа тардыһалларыгар, инники талан ылар идэлэригэр хайысхаларын булалларыгар аналлаах улахан суолталаах куонкурус буолар. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит оҕолоро быйыл Россия таһымыгар ситиһиилээхтик кыттан, хамаанданан 2-с миэстэ буолан, үрдүк таһымнаахтарын көрдөрдүлэр.
— АГАТУ бу күрэххэ туох оруоллааҕый, эбээһинэстээҕий?
— Биһиги университеппыт бу куонкурус региональнай былассааккатын аатын ылан, ректор И.И.Слепцов көҕүлээһининэн Саха сирин оскуолаларыттан 550 кытттыылаах «Sakha АгроНТИ» диэн дистанционнай куонкуруһу ыыппыппыт. Региональнай былассааккаҕа 15 улуус 26 оскуолатыттан 100-чэкэ оҕо кыттыбытыттан, 20 оҕо кыайыылаах таҕыстылар. Кыайыылаахтары Новосибирскайга ыытыллар Россиятааҕы күрэххэ кыттарга АГАТУ базатыгар бэлэмнээбиппит. «Фонд Бортника» (Фонд содействия развитию малых форм предприятий в научно-технической сфере) гранын сүүйэммит, агрокоптердары, агророботтары, цифровой метеостанциялары, геоинформационнай систиэмэ бырагырааматын уонна агророботтар полигоннарын атыылаһан туруоран, оҕолор эрчиллэр усулуобуйалара баар этэ. Биһиги оҕолорбут Россиятааҕы «Агро НТИ-2020» куонкуруска аан бастаан кытыннылар. АГАТУ оруола диэн – өскө урут өрөспүүбүлүкэ оскуолалара маннык куонкурустарга биирдиилээн кыттар эбит буоллахтарына, быйыл АГАТУ сүрүннээн, оҕолору сүүмэрдээтэ. Манна үөрэх, тыа хаһаайыстыбатын, инновация министиэристибэлэрэ, “Фонд будущих поколений” уонна “Юные якутяне” ресурснай киин күүс-көмө буолан, оҕолорбут үрдүк ситиһиилэннилэр.
— Россия таһымыгар ханнык хайысхаҕа биһиги оҕолорбут ордук үчүгэй көрдөрүүлээхтэрий?
— Күрэх 4 хайысхалаах: «АгроКоптер» (пилота суох көтөр аппараттары тыа хаһаайыстыбатыгар туһаныы), «АгроРобот” (тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин автоматизированнай систиэмэнэн салайыы), «АгроКосмос” (космостан спутник нөҥүө хаартыскаҕа түһэрии уонна веб-ГИС технологияны туттуу), «Агрометео” (халлаан туругун метеостанция көмөтүнэн кэтээн көрүү, чинчийии). Оҕолор бары хайысхаҕа үчүгэй бэлэмнээхтэрэ. Бэлиэтиэхпин баҕарабын, биһиги өрөспүүбүлүкэбит оскуолаларыгар цифровизация хайысхатыгар үөрэтии күүскэ киирэн, оҕолорбут саҥа технологиялары эрэллээхтик баһылаабыттар. Үгүс оскуолаҕа коптер, робот, конструктор баар буолан, оҕолор бэлэмнээхтэрин көрдөрдүлэр. Россия үрдүнэн, регионнар ортолоругар биһиги иккис миэстэни ылбыппыт улахан ситиһии буолар. Тыа хаһаайыстыбатын хайысхатынан сайдыылаах регионнары кэннибитигэр хааллардыбыт. Холобур, Московскай уобалас, Ставрополь, Татарстан. Биһиги иннибитигэр Кемеровскай уобалас эрэ тахсан, бастакы миэстэни ылла.
— Тыа хаһаайыстыбатын цифровизациялааһын туһунан тус бэйэҥ санааҥ.
— Тыа хаһаайыстыбата цифровизацияҕа киириэхтээх, мин санаабар. Хотоҥҥо цифровой технологияны киллэрэн, киһи илиинэн үлэтэ чэпчиэхтээх. Эбэтэр оттуурга роботтары туһанар үчүгэй буолуо этэ. Цифровой метеостанциялары туһаннахха, күн-дьыл туругун, хаһан ардах эбэтэр кураан турарын билэн, үлэ хаачыстыбата үрдүө этэ. Аны дьиэ кыылларыгар чип олордон, чипирование ыытан, холобур, сүөһүнү кэтээн көрөллөр, тугу аһаабытын-сиэбитин, хайдах туруктаах сылдьарын. Тыа хаһаайыстыбатыгар цифровизация киирэрэ – билиҥҥи үйэ ирдэбилэ.
— АГАТУ бу цифровизациялааһын хайысхатынан туох үлэни ыытарый? Инники былааҥҥыт?
— Биһиги университеппыт цифровизацияҕа үлэни саҕалаата. Цифровой технологиялары үөрэтэбит. Саҥа испэсэлиистэр кэлэн, араас чинчийиилэри ыытыахпыт, олоххо киллэриэхпит диэн эрэллээхпин.
— Оскуола оҕолоругар туох сүбэни биэриэҥ этэй? Инники олохторугар, идэни талыыга…
— Оскуола оҕолоругар сүбэлиэм этэ, “АгроНТИ” — олус туһалаах, интэриэһинэй куонкурус. Өрөспүүбүлүкэ бары оскуолалара бу сыл аайы ыытыллар куонкуруска кыттыахтарын наада. Эһиил региональнай былассаакка буолар баҕалаахпыт. Аныгы оҕолор көмпүүтэргэ сатаан үлэлииллэр, аныгы технологияны түргэнник баһылыыллар, программированиены билэллэр. «АгроНТИ” инники идэлэрин талалларыгар олус туһалаах куонкурус. Кэлэр көлүөнэ ыччаппыт цифровой технологияны туһанан, тыа дьонун олохторун тупсарарга аналлаах арааһы айдахтарына, дьэ, биһиги сыалбытын-сорукпутун ситтибит диэхпитин сөп.
Ааптар: Таисия Алексеева.