Соторутааҕыта өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев уһук хоту сытар Булуҥ улууһун киинин Тиксии бөһүөлэгин сайдар кэлим былаанын ырытта. Улахан суолталаах докумуоҥҥа көрүллүбүтүнэн, 2025 сылга диэри оҥоһуллубут сайдыы былаанын сүрүн соругунан дьон олоҕун хаачыстыбатын тупсарыы буолар.
Кэлим былааҥҥа Тиксии муора пуордун, туризм, суол-иис, энергетика сайдыытын, айылҕа харыстабылын,о.д.а боппуруостар киирэллэр. Экологияҕа улахан үлэ ыытыллан, Тиксиигэ өр сылларга мунньуллубут, туттуллубат буолбут эргэ тимир кырадаһыннарыттан, металлоломтан ыраастаныаҕа.
Арктикатааҕы гимназия үөрэнээччитэ Кира Еремеева Тиксии 2025 сылга хайдах уларыйыахтааҕын туһунан маннык санаалаах:
— Мин улууһум хаһыатыттан, күөх экраҥҥа кэпсэнэр сонуннартан, Интернет ситимиттэн Арктика улуустара сайдалларыгар Россия, Саха өрөспүүбүлүкэтэ улахан болҕомтону ууралларын туһунан истэн-билэн, астынным да, үөрдүм да.
Биһиги Тиксиибитигэр билиҥҥи туругунан суол-иис куһаҕана, ас-таҥас, табаар сыаната сөҕүмэр ыарахана, сибээс мөлтөҕө, дьиэ-уот айгыраан, ыһыллан-тоҕуллан турара кэлбити, көрбүтү барыларын соһутар, дьиксиннэрэр. Онтон биһиги, дойдубут инники кэскилэ, оҕо-аймах, маны барытын көрө олоробут, маннык усулуобуйаҕа үөрэнэбит.
Ол эрээри, биллэн туран, «олорорго ыарахан» диэбэккэ, Булуҥмутун олус таптыыбыт, ыраах бардахпытына, ахтабыт. Аны сотору кэминэн сайдыы барар суолун тобулан, улууспутугар үчүгэй өттүгэр улахан уларыйыы барарыгар эрэнэбит.
Өрөспүүбүлүкэбит Аҕа баһылыга Айсен Николаев улууспут киинэ, Тиксии, сайдыытыгар, тупсарыгар улахан болҕомтону уурбута махталлаах суол. Саамай ыраах хоту сытар улууспут, Булуҥ, 2025 сыллаахха усулуобуйата биллэ тупсан, сайдан, олохпут уларыйан, сырдык сүүрээн киирэригэр эрэллээхпит.
Арай харахпын быһа симэн көрдөхпүнэ , анаардахпына…айгыраан, алдьанан турар дьиэлэр тупсаҕайдык өрөмүөннэнэн, сырдык уотунан чаҕылыҥнаспыттар, суол-иис оҥоһуллан, ас-таҥас чэпчээбит, туризм сайдан, кэлии-барыы элбээбит. Саҥа бырайыагынан бассейннаах кыраһыабай спорткомплекс тутуллубут. Саҥа мусуой , бибилэтиэкэ дьэндэйэн, ыҥыра, угуйа тураллар. Өссө да элбэх сайдыы-үүнүү эбийиэктэрэ тутуллан, уһук Булуҥ улууһа сылтан сыл ахсын үүнэ-сайда, тупса турар эбит.
Бу мин баҕа санаам туоларын туһугар бары түмсүүлээх буолан, биир санаанан тэрээһиннээхтик, утумнаахтык үлэлиэхпитин наада. Улууспут инники сайдыыта, тупсуута бэйэбититтэн, олохтоохтортон, тутулуктаах!