Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар аан дойдутааҕы күннэрин көрсө Арктика олохтоохторун дьикти минньигэс төрүт астарын кытары билиһиннэрэрбитин салгыыбыт.
Ааспыт сырыыга «хотугулуу арбуз» — «чогуча» диэн ас туһунан суруйан турардаахпыт. Ааҕааччыларбыт сонургуу көрбүт буолуохтааххыт.
Онтон бүгүн эмиэ биир сонун, олус минньигэс ас туһунан кэпсиим. Бу аһы эмиэ Кустуур нэһилиэгин «Кочевник» ыстаада (сал.А.А.Колесов) табаһыттара астаан көрдөрдүлэр.
Ол курдук таба быарын сибиэһэйдии сууйан-сотон баран, ортотунан хайытан туустаан, күөх луук эбэн бэлэмниибит.
Онтон таба иһин итир сыатын хостоон, сууйан баран, быарбытын онно суулуубут.
Итии чоххо өрүс тааһын үрдүгэр ууран үөлэн буһарабыт.
Таас үрдүгэр чоххо буспут ас, били барбекюттан туох да атына суох эбит.
Итир сыаҕа сууламмыт таба быара олус минньигэс уонна иҥэмтиэлээх ас буолар эбит.
Боруобалаан көрөөрүҥ эрэ.
Суруйда Анна СЛЕПЦОВА.