Архыып Георгиевич Кудрин-Абаҕыыныскай төрөөбүтэ 110 сылыгар аналлаах биктэриинэ
- А.Г. Кудрин-Абаҕыыныскай ханна төрөөбүтэй?
- Поэт төрөөбүт күнэ-дьыла?
- Абаҕыыныскай төрөөбүт оройуонун былыргы аата?
- Маҥнайгы кинигэтэ хас сыллаахха тахсыбытай?
- Поэт бастакы кинигэтин аата?
- Бастакы поэмата?
- Бастакы хоһоонноро “Кыһыл ыллык” хомуурунньукка хас сыллаахха бэчээттэммиттэрэй?
- Архип Абаҕыыныскай Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии кэмигэр ханнык саха суруйааччытын кытта биир полкаҕа сулууспалаабыттарай?
- Ханнык саха норуодунай суруйааччыта А. Абаҕыыныскай туһунан 1958 сыллаахха ыстатыйа суруйбутай?
- “Кини үөскээбит, үүммүт үйэтэ – кыайыылаах Өктөөп революцтятын үйэтэ, онон Абаҕыыныскай айар талаана Советтар олохторун уохтаах буоруттан үүнэн тахсыбыта” диэн ким суруйбутай?
- А. Абаҕыыныскай “Талыллыбыт айымньылара” кинигэ быһыытынан хас төгүл бэчээттэнэн тахсыбыттарай?
- Ханнык хоһоонтон быһа тардыыный:
“Ийэ дойду чиэһин,
Кыайыы, көҥүл иһин
Кыргыһан охтубуттарга
Албан аат, норуот махтала!”
- А. Абаҕыыныскай ханнык нуучча суруйааччыларын айымньыларын сахалыы тылбаастаабытай? Ааттаталаа.
- Абаҕыыныскай доҕоругар, саха норуодунай поэтыгар анаабыт хоһоонноох. Ол кимий?
- Архыып Абаҕыыныскай хас сыллаахха “Бэлэм буол” хаһыакка эрэдээктэринэн үлэлээбитэй?
- Поэт суруйбут хоһоонноругар норуот ырыаларын ааттаталаа.
- А. Абаҕыыныскай нуучча биллиилээх суруйааччыта Корней Чуковскай ханнык айымньытын сахалыы саҥардыбытай?
- Поэт “Учуутал” диэн хоһоонун кимиэхэ анаабытай?
- Саха оҕолоругар аналлаах өҥнөөх бастакы кинигэлэри хаһан, ханна таһаартарбытай?
Абаҕыыныскай хаһан советскай суруйааччылар сойуустарыгар киирбитэй?