2022 сыл олунньу 1 күнүттэн Арассыыйа Баана 3 солкуобай номиналлаах «Саха АССР төрүттэммитэ 100 сыла» манньыатаны таһаарда.
Үрүҥ көмүс манньыата 39,0 мм кээмэйдээх, кыра төкүнүк быһыылаах. Сыаналаах көмүһүн ыйааһына – 31,1 г, уулларыытын боруобата – 925.
Манньыат биир өттүгэр олоҥхо дьоруойдара Ньургун Боотур уонна Туйаарыма Куо, Өлүөнэ очуостарын уонна Дьокуускай куорат билиҥҥи архитектуратын ойуулара бааллар.
Уруһуй эскиһын Арктика култууратын уонна ускуустубатын судаарыстыбаннай институтун исписийэлиистэрэ оҥорбуттар, оттон «Гознак» худуоһунньуктара ситэрэн-хоторон биэрбиттэр.
keskil14.ru