Саха тылын уруогар учууталбыт Пелагея Дмитриевна наһаа үчүгэй темаҕа өйтөн суруттарбыта. Мин толкуйдуу түспүтүм. Кырдьык аптаах таас диэн баара буолуо дуо? Кини хайдах буоларый? Киһи хараҕар быраҕыллар курдук күлүмүрдүүрэ буолуо дуо?
Арай мин кустук араас өҥүнэн оонньуу сытар тааһы атаҕым анныттан булларбын, дьиэбэр илдьэ кэлиэм этэ. Хоспор кистэлэҥ холбукаҕа уган баран туумбаҕа уган кэбиһиэм этэ. Хас сарсыарда ылан кэпсэтиэм этэ, бүгүҥҥү күн ситиһиилээх буоллун диэн. Киэһэ утуйарбар эмиэ кэпсэтиэм этэ, үчүгэй түүллэри баҕаран. Аптаах таас миэхэ кистэлэҥ доҕорум буолуо этэ. Баҕа санааларбын толороругар көрдөһө сылдьыам этэ. Ыалдьыбыт дьону үтүөрэллэригэр, дьоло суохтары дьоллоноллоругар баҕарыам этэ. Бу орто дойдуга дьон бары эйэлээх буолуо этилэр. Арай мин аптаах тааһы буллахпына…
Үүммут саҥа сыл барыбытыгар дьолу эрэ аҕаллын, элбэх ситиһиилээх аптаах сыл буоллун!
Нарыйаана Охлопкова, И.Е. Винокуров аатынан Хатыҥ Арыы орто оскуолата.
keskil14.ru