Мин сөбүлүүр поэтым Александр Сергеевич Пушкин. Кини төрөөбүт күнүгэр, бэс ыйын 6 күнүгэр, дьиэбитигэр А.С. Пушкин хоһоонноруттан ааҕааччыбыт.
Иллэрээ сыл Санкт-Петербурга баар Пушкинскай заповедник “Гордиться славою своих предков не только можно, но и должно…» диэн норуоттар икки ардыларынааҕы куонкуруһугар кыттан, махтал сурук туппутум. Былырыын өрөспүүбүлүкэтээҕи “Нуучча общината” тэрийбит «Читаем Пушкина в семье” диэн видеонан хоһоон ааҕыытыгар кыттыбыппыт. Онно поэт “Я памятник себе воздвиг нерукотворный” хоһоонуттан аахпыппыт уонна кинигэлэринэн, сертификатынан бэлиэтэммиппит. Манна убайым Роман, ийэм уонна мин үһүөн аахпыппыт.
Былырыын ийэм А. Пушкин хоһооннорун тылбаастыырга өрөспүүбүлүкэ күрэҕэр II миэстэни ылбыта. “Няне” хоһоонун көҥүл тылбааһынан кыттыбыта.
А. С. Пушкин дуэльга киирсибэтэҕэ буоллар, өссө элбэх айымньыны суруйуо этэ дии саныыбын.
Сарыал ХАРАЙДАНОВ,
Ф.М. Охлопков аатынан Кириэс Халдьаайы орто оскуолатын IX кылааһын үөрэнээччитэ,
Томпо улууһа.