Сэтинньи 4 күнэ дойдубут үрдүнэн норуоттар доҕордоһууларын күнэ буолар. Онон биһиги оскуолабытыгар, А. Е. Мординов аатынан Таатта лиссиэйигэр баар интернациональнай дьиэ кэргэттэри кытары сиһилии билсэргэ сананныбыт.
Ол курдук, 8 кылаас үөрэнээччитинээн Захарова Полина Михайловналыын кэпсэттибит.
— Үтүө күнүнэн, Полина! Дьиэ кэргэҥҥит төрүччүтүн билиһиннэрин.
— Мин аатым Полина, ийэм Татьяна, аҕам Михаил уонна улахан убайым аата Максим, эбээм аата Захарова Нина Иннокентьевна, кини нуучча, бырааһынан үлэлиир этэ.
— Дьиэ кэргэҥҥит сүрүн үгэстэрэ ханныктарый?
— Биһиги дьиэ кэргэммит сүрүн үгэстэрэ диэн тэҥҥэ айылҕаҕа сынньана тахсааһына, бииргэ мустан бырааһынньыктыыбыт, сынньанабыт.
— Иллэҥ кэмнитин хайдах атаараҕыт?
— Аймахтарбытын кытта мустан, бириэмэни бииргэ атаарабыт, эбэтэр эбээбитигэр баран, көмө буолабыт.
— Дьиэ кэргэҥҥит туох ураты ытык маллааҕый?
— Инники көлүөнэҕэ бэриллэн иһэр, эбээбит хурустаалынай сирбииһэ баар.
— Эбээн дойдутугар бара сылдьыбытын дуо? Ол туһунан биһиэхэ кылгастык кэпсээ.
— Эбээм Красноярскай кыраайга төрөөбутэ, ааспыт сылга, сайыҥҥы сынньаланна, онно аймахтарбытын кытта билсиһэ тиийбиппит. Эбээбит ханна уонна хайдах сиргэ төрөөбүтүн билээри барбыппыт, дуоһуйа сынньанан кэлбиппит.
— Сүрүннээн ханнык тылынан кэпсэтэҕит?
— Уопсайынан, нууччалыы кэпсэтэрбитин ордоробут, ону кытта бэйэбит төрүт тылбытын умнубаппыт.
— Эбээн, эһээн төрөөбүт дойдуларын, ырыаларын, култуураларын туһунан тугу кэпсииллэрин өйдүүгүн дуо?
— Эбээбит угэһин тутуһан, пасха диэн бырааһынньыгы ылааччыбыт, сымыыттары арааһынайдык киэргэтэн кырааскалыыбыт, пасхаҕа сыһыаннаах «кулич» диэн аһы сөбүлээн астыыбыт.
– Үтүө күнүнэн, Екатерина Васильевна! Дьиэ кэргэҥҥит туһунан баһаалыста билиһиннэрин.
– Үтүө күнүнэн, биһиги дьиэ-кэргэммит аҕа баһылыга – Иргит Эртине Эзир-оолович, кини омугунан тувинец буолар, Тыва Өрөспүүбүлэкититтэн төрүттээх, мин ыал ийэтэ – Сергеева Екатерина Васильевна диэммин, бэйэм Муома улууһуттан төрүттээхпин, Таатта улууһугар улааппытым. Биир оҕолоохпут, Асселина, номнуо быйыл бастакы кылааска киирэн ситиһиилээхтик үөрэнэн эрэбит. Биһиги Иркутскай куоратыгар үөрэнэ сылдьан билсиппит, онно сүрэхпитин холбоон, ыал буолбуппут.
– Дьиэ кэргэҥҥит сүрүн үгэстэрэ ханныктарый?
– Сарсыарда аайы күн көрүүтэ аҕабыт Артыш (Шаман-трава) диэн отунан нууччалыыта (Можжевельник) дьиэтин иһин ыраастыыр, сыт таһаарар уонна дьиэ кэргэнин ыраастыыр. Сыл аайы Шагаа (Тувинский новый год) көрсөбүт. Кыыспыт 3 сааһыгар баттаҕын тарахайдыы кырыйбыта, кинилэр үгэстэринэн оҕону уол да кыыс да буоллун 3 саастарыгар дылы баттах кырыйбаттар, тыыппаттар, ону таһынан кыра үгэстэри бэйэтэ тутуһар. Дьокуускай куоракка киирдэхпитинэ, хайаан да Дацан (Буддийский храм) дьиэ кэргэнинэн сылдьабыт.
– Иллэҥ кэмнитин хайдах атаараҕыт?
– Кэргэним СВО-ҕа барыан иннинэ, Томпоҕо Теплый Ключ нэһилиэгигэр олоро сылдьыбыппыт, онно айылҕаҕа, хайаларга, үрэххэ сылдьааччыбыт.
– Дьиэ кэргэҥҥит туох ураты ытык маллааҕый?
– Оннук мал суох эрээри, арааһынай харысхаллар бааллар. Кэргэним дьоно үһүөммүтүгэр биирдии тувинскай сэлиэччик тиктэрэн бэлэх ууммуттара.
– Кэргэҥҥит төрөөбүт дойдутун, ырыатын, култууратын туһунан тугу кэпсиир?
– Кэргэним итэҕэлэ буддизм уонна шаманизм. Сахалыы иччилэргэ, айыыларга итэҕэлтэн улахан уратыта суох. Улахан бырааһыньыктары, Изиг Хан диэн бараан этиттэн бүлүүдэнэн көрсөллөр. Тылбыт улаханнык майгыннаспат. Онон манан кыра тыллар Ый-Ай, Кун-Хун, сулус-сылдыс маарыннаһар курдуктар, ол эрэн мин бэйэм үчүгэйдик өйдөөбөппүн. Ырыа өттүнэн, куолай ырыатын олус үчүгэйдик ып — ыраастык ыллыыллар.
– Сүрүннээн ханнык тылынан кэпсэтэҕит?
– Сүрүннээн нууччалыы тылынан кэпсэтэбит.
– Норуоттар икки ардыларыгар истин доҕордоһуу сыһыан баар буола турдун, эһиги дьиэ-кэргэҥҥитигэр иллээх-эйэлээх олоҕу баҕарабыт!
Таатта лиисиэйэ, Самсонова Олеся, Дорофеева Диана, X кылаас үөрэнээччилэрэ