СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин иһинэн Оҕоҕо уонна обургу саастаахтарга туһуламмыт Киин, “Кэскил” хаһыат эрэдээксийэтэ холбоһон, өс хоһоонноругар олоҕурбут бастыҥ айымньыны суруйууга өрөспүүбүлүкэтээҕи «Аптаах хонуу» («Волшебная поляна») куонкуруһу биллэрэллэр.
• Куонкуруска уопсай үөрэхтээһин оскуолаларын уонна тэрилтэлэрин III-IV кылааһын оҕолоро кытталлар;
• Кинилэр ханнык баҕарар өс хоһоонугар олоҕурбут литературнай айымньыны (остуоруйаны, хоһоону, кэпсээни, о.д.а.) суруйуохтаахтар. Өс хоһоонун суолтата толору арыллара – куонкурус булгуччулаах ирдэбилэ. Айымньыны уруһуйунан, араас ойуунан тупсарыы биһирэнэр;
• Үлэлэр сахалыы уонна нууччалыы тылынан суруллуохтарын сөп.
Куонкурус үс түһүмэхтээх:
I (2019 сыл муус устар 5 күнүгэр диэри) – үлэни хомуйуу.
II (2019 сыл муус устар 8-18 күннэрэ) – кыайыылаахтары быһаарыы, түмүгү таһаарыы.
III (2019 сыл муус устар 19 күнүгэр) – Оҕоҕо уонна обургу саастаахтарга туһуламмыт Киин сылын аайы ыытар “Библиосумерки-2019” үөрүүлээх тэрээһинигэр кыайыылаахтары наҕараадалааһын.
Сүрүн ирдэбиллэр:
а) Куонкуруска киирбит үлэ (уруһуйун, ойуутун ааҕан туран) 5 лиистэн ордук буолуо суохтаах (быһа холуйан, 4 лиис тиэкис + 1 ойуу). А-4 кээмэйдээх кумааҕыга Times New Roman 14-тээх шрибинэн бэчээттэнэр. Строкаларын икки арда 1,5; кытыыта (үөһээҥҥитэ, алларааҥҥыта, уҥата) – 1,5 см, хаҥаһа – 2,5).
б) Айар үлэлэр (бэчээттэммит, илиинэн суруллубут) маннык аадырыска ыытыллаллар: 677980, Дьокуускай к., Ленин проспегын 1 №-рэ, 3-с мэндиэмэн, 321-с хос, Оҕоҕо уонна обургу саастаахтарга туһуламмыт Киин.
Билсиһэр төлөпүөннэр:
8 (4112) 49-69-08.
8-914-423-83-11 (Варвара Гаврильевна Исакова),
8-914-161-91-81 (Наталья Дмитриевна Захарова).
Ону таһынан электроннай киэпкэ суруллубуту otdel.detstvo@mail.ru аадырыска «Волшебная полянка» диэн бэлиэ суруктаан, .doc, .docx., pgf халыыпка киллэрэн ыытыахха сөп.
Дьүүллүүр сүбэ болҕомтоҕо ылыаҕа:
• Бэйэ айар үлэтин суола-ииһэ, тус буочара (уратытык биэрии (оригинальность замысла), уус-уран уобарастарга таба тайаныы);
• Сурук-бичик грамматикатын тутуһан, сыыһата суох суруйуу (грамотность).
Айар үлэҕэ холбуу маннык ис хоһоонноох быһаарыылаах сурук ирдэнэр:
• Кыттааччы толору аата-суола;
• Сааһа;
• Хаһыс кылааска ханнык оскуолаҕа үөрэнэрэ;
• Төлөпүөнэ;
• E-mail аадырыһа;
• Хаартыската, иллэҥ кэмҥэ тугунан дьарыктанара кылгастык суруллубута.
• Кыттааччыттан төрөппүт сөбүлэҥэ булгуччу ирдэнэр. Ону үөһээ ыйыллыбыт аадырыстан билсиһэн толороҕут. Ол толоруллубатах түгэнигэр кыттааччы үлэтэ көрүллүбэт.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Аптаах хонуу» («Волшебная поляна») куонкурус түмүгүнэн үс бастыҥ үлэ талыллыа.
Кыайбыт үлэ ааптара анал дипломунан, бирииһинэн наҕараадаланыа.
Оттон иккис уонна үһүс миэстэҕэ тиксибиттэр куонкуруһу тэрийээччилэр ааттарыттан анал диплому тутуохтара.
Бастыҥ үлэлэр “Кэскил” уонна “Юность Севера” хаһыаттарга бэчээттэниэхтэрэ, үчүгэй үлэлээх ааптардар салайааччылара уонна хас биирдии кыттааччы өрөспүүбүлүкэтээҕи «Аптаах хонуу» («Волшебная поляна») куонкуруска кыттыбыттарын туоһулуур сертификаты тутуохтара.
Чэйиҥ, үһүстэр, үөрүҥ, төрдүстэр, чөрөйүҥ!
Тэрийээччилэр.