Ньурба улууһун Хатыы орто оскуолатын «Аптаах хаһаас» тэпилииссэтэ сайыннары-кыһыннары тохтообокко үлэлиир. Онно араас дьикти үүнээйилэри оҕолор, учууталлар, оскуола үлэһиттэрэ үүннэрэллэр.
Мин ийэм, оскуолаҕа үлэҕэ үөрэтэр маастар, Татьяна Ивановна Тимофеева — тэпилииссэбитигэр саамай элбэхтэ үлэлиир киһи буолар. Каникул кэмигэр ийэм үлэтэ ордук үксүүр. Сарсыарда эрдэттэн хойукка дылы үүнээйилэрин бүөбэйдиир.
Былырыыҥҥыттан виноград үүннэрэн саҕалаабыппыт. Иллэрээ сылтан арбуз үүннэрэн, үүнүү ылан, оҕолору күндүлээбиппит. Сыл аайы помидор, оҕурсуу, кабачок, тыква, пиэрэс арааһын, хортуоска, хаппыыста, сүбүөкүлэ, моркуоп, укроп, дьэдьэн, сибэкки эгэлгэтин үүннэрэбит.Саас уонна күһүөрү үүннэрбит үүнээйилэрбитин атыылыыбыт.
Виноград үүнэр
Кыһыннары-сайыннары пиэрэс үүннэрэбит
Декабрис сибэкки кэрэ көстүүтэ
2021-ис сылга барыта 407349 сууммалааҕы үүннэрбиппититтэн, оскуолаҕа бэйэбит аспытыгар 272 тыһ. 473 солкуобай сууммалааҕы тутуннубут. Нэһилиэнньэҕэ 158 тыһ. 876 солк. атыылаатыбыт. Онон үүннэрбит үүнээйилэрбитин атыылыырбыт оскуолаҕа элбэх көмөнү аҕалар эбит диэн санааҕа кэллим.
Үөрэх дьылын кэмигэр оҕолорго «Агрономия» диэн ВУД ананан тиһигин быспакка сылы быһа үлэлиир. Онон үөрэнээччилэр сатабыллара сайдарыгар сүрүн тирэх буолла. Ити сатабыл олохторугар туһалыа диэн бигэ эрэллээхпин.
Онтон сайынын «Үнүгэс» диэн үлэ-сынньалаҥ лааҕыра үс сезоҥҥа баҕалаах оҕолору сырытыннаран үлэлиир. Ону таһынан «Лэкээ» лааҕырга 14 саастарын туолбут оҕолору от оттуур сатабылга уһуйаллар.
Сайылык кэрэ көстүүтүгэр, сибиэһэй салгыҥҥа сайа тыынан, күөх оту сомсоллоро доруобуйаларыгар даҕаны, үлэ үөруйэҕэр үөрэнэллэригэр бигэ тирэх буолар. Сынньалаҥ кэмнэригэр өбүгэбит олорбут сирдэринэн походтарга сылдьаллар, сир астыыллар, өбүгэ төрүт үгэстэригэр үөрэнэллэр.
Антонина ТИМОФЕЕВА,
Хатыы орто оскуолатын 7-с кылааһын үөрэнээччитэ.