Саурен Менби Саха сиригэр бастакы кэлиитэ. «Саха сирин айылҕата олус ураты эбит, маннык тымныы климаттаах сиргэ бастакыбын сылдьабын. Оннооҕор алтынньы ыйга хаар баар эбит диэн сөхтүм. Олохтоохтор олус үөрүнньэҥ, сэмэй, көрсүө уонна ыалдьытымсах дьон эбиттэр. Бу дойду аһа биһиэнигэр холоотоххо олус минньигэс уонна аһыыта суох эбит. Мин Саха сирин култууратын, историятын, кэрэ айылҕатын сэҥээрдим, онон манна өссө да кэлэр санаалаахпын», — диир кини.
Профессор Техническай оскуолаҕа үлэлиир. Онно оҕо үөрэнэрин, билиини ыларын туһугар бары усулуобуйа барыта баар, ол курдук университет технологияларынан, лабораторияларынан, библиотекаларынан буор-босхо тутталлар эбит. «Биһиги оскуолабыт сүрүн хайысхалара — физика, математика, информатика уонна робототехника. Оҕолор үөрэхтэрин таһынан араас спордунан сөбүлээн дьарыктаналлар, ол курдук волейболунан, баскетболунан, тенниһынан, харбааһынынан, чэпчэки атлетиканан. Үөрэнээччилэр үөрэхтэрин таһынан университекка үлэлииллэр», — диир Саурен.
Кини бу конференцияны хайҕыыр, олус үчүгэйдик, үрдук таһымнаахтык ааһан эрэр диир. Кини этэринэн, оҕолор олус интэриэһинэй үлэлээхтэр, бэлэмнэнэн ахан кэлбиттэр. «Кыттааччылар бары биир тыл буланнар кэпсэттилэр, доҕордостулар», — диир. Дьиҥнээх оратор киһи хайдах хаачыстыбалаах буолуохтааҕый? «Мин санаабар, кыттааччы бастатан туран аудиторияны кытта сибээһи тутан туруохтаах. Бэйэтигэр эрэллээхтик, улаханнык, өйдөнөрдүк саҥарыахтаах, дьоҥҥо-сэргэҕэ бэйэтин санаатын үчүгэйдик тиэрдиэхтээх уонна бэйэтин үлэтин олох үчүгэйдик билиэхтээх», — диэтэ Таиланд профессора.