Ахсыс төгүлүн ыытыллар Азиатскай-Тихоокеанскай кэмпириэнсийэҕэ араас дойдуттан кыттааччылар элбэхтэр. Манна эдэр чинчийээччилэр билиилэрин хаҥаттылар, уопут атастастылар. Биир интэриэһинэй салаа — олох туһунан наука.
VIII Азиатскай-Тихоокеанскай кэмпириэнсийэҕэ Аржун Сару диэн Непалтан кэлбит кыттааччы үөнү-көйүүрү кыра бюджеттаахтык үөрэтэргэ фолдоскобунан эбэтэр өҥнөөх микроскобунан ордугун баһаарар үлэ ыыппыт. Тас дойдуттан сылдьар ыалдьыкка аҕыйах ыйытыы биэрдим.
— Дакылааккын төһө бэркэ көмүскээтиҥ?
— Бэйэм санаабар үчүгэй. Баччалаах улахан темабын барытын үс мүнүүтэ иһигэр батарбыппыттан олус үөрэбин. Экспертар кыттааччылар сыыһаларын көннөрөллөрүн, сүбэ биэрэллэрин сөбүлээтим, проекпын салгыы оҥорорго, сайыннарарга сананным. Кыттааччылар болҕойон олорон мин кэпсиирбин интэриэһиргииллэрин астынным.
— Атын кыттааччылар үлэлэрин бэлиэтии көрдүҥ дуо?
— Индонезияттан сылдьар Николь Натания кыыллар балбаахтарыттан электричество оҥорор улэтин интэриэһиргээтим. Бу үлэни ситэрэн олоххо киллэрэрэ буоллар сирбитин харыстыа этэ.
— Дьокуускай олохтоохторун уонна куораты туох дии санаатыҥ?
— Тэлэбииһэргэ уонна интэриниэт ситимҥэ көрөрбүттэн сахалар адьас уратылар эбит. Эһиги элэккэй, сайаҕас, кэпсэтинньэҥ омуктаргыт. Киэҥ-холку майгылааххыт, аһылыккыт олус үчүгэй. Тоҥ туустаах балыгы боруобалаабытым, отой балыгы сиикэйдии сиэниллибэт дии санаабытым, минньигэс деликатес эбит. Кымыһы испитим, олус ыарахан утах эбит. Куорат бэйэтэ ураты кыраһыабай көстүүлээх, ол гынан баран тымныытын сөбүлээбэтим.
Аржун Сару инникитин Дьокуускайга бу күннэргэ билсибит доҕотторун кытары сайын көрсүөн баҕарар.
Ааптар: Николай ФЕДОРОВ