Балаҕан ыйын 20 күнүгэр Уус Алдан улууһун Суотту нэhилиэгин орто оскуолатыгар үлэнэн иитии-үөрэтии тиэмэтигэр анаммыт Өрөспүүбүлүкэтээҕи семинар буолан ааста. Онно И. Г. Тимофеев аатынан Майа лиссиэйин технопаркатын иитиллээччилэрэ, 8 кылаас үөрэнээччилэрэ, Афанасьев Алик, Павлов Сайаан, Пивоваров Алик уонна кинилэр салайааччылара Птицын Пётр Михайлович кыттыыны ыллылар.
Кинилэр бастатан туран, лиссиэй бизнес-инкубаторын үлэтин туhунан сиhилии кэпсээбиттэрэ, ол кэннэ бэйэлэрин ситиhиилээх бырайыактарын, үлэлэрин, 3D принтерга бэчээттэммит ытыктарын тэрээhин кыттыылаахтарыгар көрдөрбүттэрэ. Уолаттар бырайыактарын туһунан маннык дииллэр: «Биhиги ытыктарбыт ПВА-пластиктан оҥоhуллаллар. Бу материал биоразлагаемай буолар, айылҕаны буортулаабат, ас амтанын уларыппат, доруобуйаҕа куттала суох. Мас ытыгы кытта тэннээтэххэ сууйарга, ыраастырга быдан чэпчэки, үйэтэ уhун».
Салҕыы бу тэриллэр уонна атын, 3D принтер көмөтүнэн бэчээттэммит фигуралар выставкаҕа турбуттара. Маннык ураты соҕотох бырайыак буолан, дьон-сэргэ интэриэһин ылбыттара. Ярмарка түмүгунэн лиссиэй үөрэнээччилэрэ оҥорбут ытык нобуордара атыыга хамаҕатык барбыттара.
Нюргуяна Макарова, XI кылаас үөрэнээччитэ, Майа лиссиэйэ, Мэҥэ Хаҥалас