Ньурба оройуонун Н.Н. Чусовской аатынан Антоновка орто оскуолатын бизнес-инкубаторыгар оҕолор үүннэрбит тюльпан сибэккилэрэ тылыннылар.
«Сибэккибит олус үчүгэйдик үүннэ. Боруобалаан аҕыйаҕы олордубуппут, салгыы этэҥҥэ буоллаҕына кулун тутар 8 күнүгэр кэрэ аҥаардарга бэлэх буолуохтара», — диир иитэр үлэҕэ маастар, химия учуутала Саргылана Семеновна Николаева.
Тюльпаннары үүннэрэллэрин таһынан оҕолор туох да эбилигэ суох, айылҕа булкадаһыктарыттан чүмэчини оҥороллор эбит.
7 кылаас үөрэнээччитэ Күннэй Тихонова кэпсиир:
— Чүмэчини оҥорор сүрдээх боростуой. Бастаан буоскаттан лиис ылан бэйэҥ баҕарбыт кээмэйгинэн кырыйан ылан, чүмэчи фитилин уураҕын. Фитили бастаан ууллубут парафиҥҥа эбэһээт уймаан ылабыт, оччоҕо үчүгэйдик умайар буолар. Онтон лииспитин ылан эргитэбит, чүмэчи форматын оҥоробут. Сылаастыы лиис үчүгэйдик эргийэр, бэйэтин форматын тутар. Биһиги эгэлгэ сыттаах айылҕабыт үүнээйилэриттэн араас дыргыл чүмэчилэри оҥоробут.
Бизнес-инкубатор иитиллээччилэрэ бэйэлэрэ оҥорбут чүмэчилэрин Аҕа дойду көмүскээччилэрин күнүгэр анаан куорат олохтоохторугар атыыга таһаарыахтара.