Биһиги улууспутугар уол оҕону эт-хаан, өй-санаа өттүнэн сайыннарар “Байанай” күрэҕэ сыллата ыытыллар. Быйылгы күрэххэ улуус 15 нэһилиэк кыттыыны ылла. Хамаандалар алта көрүҥҥэ күрэхтэстилэр: тоҥуу хаарынан сүүрүү, ыйытыктарга эппиэттээһин, уот оттон чэй өрүүтэ, автоматы ыһыы-хомуйуу, сыал ыытыыта уонна ойбон алларыыта.Б
Биһиги нэһилиэкпит онтон туора турбакка, сыллата кыттар. Быйыл нэһилиэкпит чиэһин Василий Николаевич Максимов салайааччылаах 9 киһиттэн састааптаах сүүмэрдэммит хамаанда көмүскээтэ.
Нэһилиэкпит эр бэртэрэ, оҕолор, ыччаттар уопсай түмүгүнэн муҥутуур кыайылааҕынан таҕыстылар. Иккис миэстэҕэ Одьулуун нэһилиэгэ таҕыста, онтон үһүс Төлөй нэһилиэгэ буолла.
Биһиги нэһилиэкпит хамаандатыттан Х кылаас үөрэнээччитэ Коля Бандеров бу күрэххэ бэйэтин кыаҕын ситиһиилээхтик көрдөрдө.
Мин күрэхтэһии кэнниттэн Коля көрсөн санаатын үллэстэригэр көрдөстүм.
– “Байанай” күрэҕэр үһүс сылбын кыттабын. Биллэн туран, хайа баҕарар улахан күрэхтэһии элбэх тулууру уонна дьарыгы эрэйэр. Бүгүҥҥү ситиһиибит биһиги барыбыт сыралаах үлэбит түмүгэ буолар. Быйыл уруккубунааҕар сатабылым, кыаҕым үрдээбититтэн астынным. Улахан дьон шаблоннаах ойбон тэһэллэрин, ыччат уолаттар мэһэйдээх сүүрүүгэ хайдах курдук сымсатык сүүрэллэрин астына көрдүм, – диэн кэпсиир Коля.
Күрэх түмүгүнэн нэһилиэкпит ытыктабыллаах кадровай булчута, тимир ууһа Конон Кузьмич Лукин Мандар Уус оҥорбут, хас да күрэххэ кыттан кыайбыт анньыытын Коля Бандеровка алгыс үтүө тылын этэн туран бэлэх уунна.
– Конон Кузьмич бэлэҕиттэн наһаа астынным. Бу миэхэ эппиэтинэһи сүктэрэр дии саныыбын. Инникитин да көхпүн сүтэрбэккэ, бу күрэхтэһиигэ кыттыам. Көрдөрүүбүн өссө тупсарыам диэн эрэлим өссө улаатта, – диэн Коля санаатын үллэһиннэ.
Вилена КИРИЛЛИНА, Х кылаас,
А.П. Илларионов аатынан Хайахсыт орто оскуолата, Чурапчы