Мин быйыл Эдьигээн орто оскуолатын уон биирис кылааһын туйгуннук бүтэрдим. Оскуоламы сылларыгар миэхэ үтүө өйдөбүллэри хаалларбыт, элбэххэ үөрэппит-такайбыт «Северное сияние» фольклорнай үҥкүү ансаамбылым туһунан суруйуохпун баҕарабын. Салайааччы Евдокия Спиридоновна хаһыс да сылын оҕолору ситиһиилээхтик кэрэ эйгэҕэ угуйар.
Мин кыра эрдэхпиттэн үҥкүүлүүрбүн олус сөбүлүүбүн, ол бастаан утаа кыбыстан бу ансаамбылга киирбэккэ сылдьыбытым. Онтон биирдэ доҕорум миэхэ баҕа санааҕын куттаммакка толорор буол диэн сүбэлээбитэ. Бу тыллар миигин кынаттааннар быһаарыммытым.
Ансаамбылга сылдьан элбэх кэнсиэргэ үҥкүүлээбиппит уонна Бүлүүгэ Эдьигээн үбүлүөйүгэр айаннаан тиийэн, улахан тэрээһиҥҥэ кыттыбыппыт.
Бэйэбэр араас элбэх уопут ылбытым. Ол курдук хайдах сыанаҕа туттарга-хаптарга, бэлэмнэнэргэ. «Северное сияние» иитиллээччилэрэ араас норуоттар култуураларын кытта билсиһэн, үҥкүүлэрин, ырыаларын толорон көрөөччүгэ тиэрдэллэр. Ол курдук, салайааччыбыт туруорбут бүрээттии, эбэҥкилии, сахалыы үҥкүүлэринэн араас тэрээһиннэргэ кыттан, куонкурустарга кыайан кэллибит. Онно аналлаах көстүүмнэрбитин сороҕор төрөппүттэрбит көмөлөрүнэн тиктэбит, эбэтэр дьонтон уларсан кэтэбит.
Манна дьарыктаммытым тухары умнуллубат түгэннэр элбэхтэр. Холобур, хайдах күлсэ-күлсэ үнкүүбүтүн бэлэмниирбит, эрчиллэрбит, Бүлүүгэ хайдах айаннаабыппыт. Кылгас да кэм иһигэр бу ансаамбыл мин сүрэхпэр биир сүрүн миэстэни ылбыта.
Аня Никифорова
Эдьигээн орто оскуолатын выпускнига.
Диана Антонова бэлэмнээтэ